сыһыан т. Кыра оҕоҕо, кыыска, дьахтарга, эдэр киһиэхэ туһулаан, таптаан, ааттаан, көрдөһөн, эйэргээн этиини көрдөрөр (үксүгэр аҕа саастаах киһи туттар тыла). ☉ Выражает ласковое обращение (обычно старшего по возрасту) к детям, девушкам, женщине, молодым людям с оттенком нежности, любви. [Куонаан:] Ээ, Марыына, тоҕойуом, дорообото тут. Н. Неустроев
Утуйаан, ас сойуо, Тур, аһаа, тоҕойуом. С. Данилов
Бээрэ, тоҕойуом, эн Бүлүү диэн дойдуттан биһиэхэ үлэҕэ анатан кэллэҕиҥ дии? Э. Соколов
Якутский → Якутский
тоҕойуом
Еще переводы:
бэ (Якутский → Якутский)
саҥа алл. Соһуйууну, дьиктиргээһини көрдөрөр. ☉ Выражает удивление, легкий испуг (ну, ой). Бэ, бэлиэр кэллиҥ дуу?
□ Бэ! Киһи кэлэн турар, эбит дуу? Ээ, Марыынаа, тоҕойуом, дорообото тут! Н. Неустроев
бээрэ (Якутский → Якутский)
көр бээ
«Бээрэ, тукаам, эн бу хайа диэкиттэн иһэҕиний?» — эмээхсин Сылгыһыкка туос тордуйаҕа чэй кутан биэрэр. Н. Якутскай
Бүлүү дээ, эчи ырааҕын, оҕолоор. Бээрэ, тоҕойуом, эн Бүлүү диэн дойдуттан биһиэхэ үлэҕэ анатан кэллэҕиҥ дии. Э. Соколов
«Бээрэ, хас сүөһү киирэр, ол хотоҥҥутугар?» — Петя Данилов кэпсэтиигэ быһаччы кыттарга сананан, «сүөһү» диэн тылы соруйан чиҥэтэ этэн ыйытта. «ХС»
дьоҕуһаа (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Кээмэй өттүнэн аччаа. ☉ Уменьшаться (в объеме, размере, количестве)
Дьон саҥата суох бардылар. Үлэ да дьоҕуһаата. У. Нуолур
Чэ, тоҕойуом, тахса тур. Мин маны [ынах сааҕын күрдьэн] бүтэриэм. Бэйэтэ да дьоҕуһаата. С. Федотов
2. Тутарга-хабарга сөптөөх, табыгастаах, лоп курдук буол. ☉ Делаться, становиться компактным, удобным. Таһаҕаспын үчүгэйдик наардаан уурбутум улаханнык дьоҕуһаата
эмиийдэт (Якутский → Якутский)
туохт. Оҕоҕор (оҕоҕо) эмиийгин биэрэн эмтэр. ☉ Кормить ребёнка грудью, давать грудь
Аан хаҥас өттүгэр таба бэргэһэни тууна бааммыт эмээхсин дьахтар түһэҕэр биир оҕону эмиийдэтэ олорор. А. Софронов
«Хайа, тоҕойуом, туох буоллуҥ, аччыктаатыҥ дуо?» — дии-дии оҕотун ылан эмиийдэтэн, умса туттан сукуллан олордо. Н. Заболоцкай
Кини [ийэ-кутуйах] оҕолорун эмиийдэтэ сыппыта. В. Бианки (тылб.)
дэлэ (Якутский → Якутский)
- даҕ.
- Киһи маннык диэх курдук, сөбүгэр, сөбүгэр аҕай (сүнньүнэн итиниэхэ утары ис хоһоонноох этиилэргэ туттуллан «киһи сатаан эппэтин курдук», «олус» диэн өйдөбүллэнэр). ☉ Подходящий, достаточный, вполне сносный (обычно употр. в контексте отрицания, приобретая знач. «совершенно несносный, нетерпимый, такой, что даже трудно вообразить»)
Сайын оҕус сыарҕатыгар тиэллэр таһаҕаһы тэлиэгэнэн тиэйэрэр эбитэ буоллар, дэлэ хотуулаах буолуо этэ дуо. Эрилик Эристиин
Кырдьаҕас киһиэхэ дэлэ сымнаҕас, дэлэ үчүгэй тэллэх буолуо этэ дуо? Н. Заболоцкай
Ылбатым, тоҕойуом, ылбатым. Дэлэ оҕуруктаах дьахтар буолбатах, тугу эрэ санаан сыҥалыы сатыыра буолуо дии санаатым. М. Попов - Манан, бэтэрээнэн (наһаа буолбатах). ☉ Всякий, обыкновенный, простой
Дэлэ киһи эккирэтэн кэлэн сүүйүүтүн ылан барбат кырдьаҕаһа! Амма Аччыгыйа
Кыһыҥҥы бытархан тымныы. Сайынын хараам кумаара, ыаҕастаах уунан кутар ардах. Дьэ итини дэлэ киһи тулуйуо дуо? А. Кривошапкин (тылб.)
2
көр дэлэҕэ. Икки кыыс булгуччу кэлэр дьон, дэлэ үөрбэтэхтэрэ. Н. Габышев
[Кутаа Хобороос:] Саатта, дэлэ буолбат этиҥ. Н. Түгүнүүрэп
Хайа, тоҕойуум, ол былыр үйэҕэ арахпыт дьахтар эйиэхэ кэлэн бэрт, дэлэ муҥҥа. Э. Соколов
кэннигэр (Якутский → Якутский)
аат дьөһ.
1. Абстрактнай суолталаах миэстэ сыһыанын көрдөрөн, хайааһын туох эмэ кэлин өттүгэр оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар. ☉ Выражая абстрактно-пространственные отношения, употребляется при обозначении предмета, позади которого совершается действие (за, после, сзади, за спиной)
[Петушков] бөрүөтүн кэннигэр маннык тыллар үөскээн тахсан испиттэрэ. Эрилик Эристиин
[Ыччаттар] холкуостаахтар кэннилэригэр соһуллаҕыт. А. Федоров. Сэһэн этии кэннигэр туочука турар. ПНЕ СТ
2. Бириэмэ сыһыанын көрдөрөн, хайааһын туох эмэ буолбутун кэннэ оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар. ☉ Выражая временные отношения, употребляется при обозначении события, явления, после которых происходит действие (после)
Өйдөө: буурҕа кэмнэригэр Борук үөһээ көтөргүн, Түлүк түүннэр кэннилэригэр Төрүүр күнү көрдөргүн. Эллэй
Тоҕо эрэ оҕонньоттор эрдэ өлөллөр, эмээхситтэр кинилэр кэннилэриттэн хаалаллар. Ити туохтан эбитэ буолла? Далан
Өйүүн эбиэт кэннигэр Кэлэ сылдьаар, тоҕойуом. Р. Баҕатаайыскай
сил (Якутский → Якутский)
аат. Киһи, сүөһү айаҕын иһигэр баар үрүҥ күүгэннээх сынньылхай убаҕас. ☉ Слюна, плевок
Клавдия Михайловна силэ бырдаҥалыар диэри хаһыытыыр, айдаарар. Н. Якутскай
[Эһэ] силинэн тыбыыра-тыбыыра, сатарыччы кыланар. Л. Попов
Байанай хааннаах силинэн бандьыыт тойонун малаҕар сирэйигэр уун-утары тибиирдэ. П. Филиппов
♦ Силин (быһа) ыйыстар — 1) аһыан наһаа баҕарар, аска ымсыырар, иҥсэрэр. ☉ Сильно хотеть есть, глотать слюнки
Кыысчаан сэниэтэ суохтук: «Аһым бараммыта икки хонно», — диэн хардарбыта, аһы тоҕо санатаҕын диэххэ айылаах силин быһа ыйыстыбыта. Ф. Софронов
Өлүөскэ ас сыта минньигэһинэн аҥылыйбытыгар, таныытын хамсатта уонна силин ыйыһынна. Эрилик Эристиин
Уһун Уйбаан иҥсэрбитин омунугар күөмэйин кылк гыннаран силин ыйыһынна. «ХС»; 2) туохха эмэ олус ымсыырар, баҕатыйар, иҥсэтийэр. ☉ Сильно хотеть, желать чего-л., зариться на что-л. Онуоха Сэмэнчик силин быһа ыйыстан баран, аат эрэ харата эттэ: «Маайаа, тоҕойуом, уураһыах эрэ». Н. Неустроев
Дьоппуон исписэлиистэрэ …… Нерюнгри чохтоох разреһын көрдөхтөрүнэ сөҕөн-махтайан тылларыттан маталлар, силлэрин быһа ыйысталлар. «ХС»
ср. бур. шүлһэн, алт. чилекей, уйг. шөлгей, п.-монг. силүһүн ‘слюна, плевок’
сөбүлээ (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Туохха эмэ сөп түбэс, кими, тугу эмэ тугунан эмэ хайҕаан, кэрэхсээн, биһирээн үчүгэйдик санаа, сиримэ. ☉ Быть по нраву, по вкусу
Физиканы, математиканы олус сөбүлүүр. Софр. Данилов
Оҕонньор бөһүөлэккэ сылдьыбатаҕа өр буолан, саҥа дьиэлэри сонургуу, сөбүлүү көрдө. Л. Попов
Маайа бу бургунастартан сүүһүгэр үрүҥ туоһахталаах хара бургунаһы сөбүлүү көрөр. Н. Якутскай
Эн мин эрэ куппут чэйбин, буһарбыт эбиэппин сөбүлүүр буоллуҥ, онон эн санааҕын толорор баҕаттан дьиэбиттэн да тахсыбаппын. С. Ефремов
Сергей саҥа үлэтин бэркэ сөбүлээн баарынан-суоҕунан сылдьар. В. Яковлев
2. Кими эмэ ордук чугастык, истиҥник санаа, таптаа. ☉ Испытывать к кому-л. особые чувства, любить кого-л.
Сөбүлээтим да, сүгэһэрдээх да буоллун, таптаатым да, тайахтаах да буоллун, барабын (өс хоһ.). Тоҕойуом, мин эйигин бэркэ таптаатым, сүрэхпинэн сөбүлээтим. Н. Неустроев
«Сүрэҕэ сөбүлүүр Сүөкүччэ доҕоругар», маҥнайгы тапталыгар, кини олус да кэрэтик сыһыаннаспыта. Суорун Омоллоон
3. Тугу эмэ сөптөөҕүнэн аах, сөп диэн өйдөө, санаа. ☉ Признавать хорошим, считать правильным, одобрять
[Уйбаан:] Ол туох буоллубут диэн арахсабыт? Итини аҕам, ийэм сөбүлүөхтэрэ диэн саҥараҕын дуо? А. Софронов
Айдар Быстахов тыллара барыларын таарыйда. Сорох сөбүлээн, сорох утаран күйгүөрэ түстүлэр. Н. Лугинов
Итинтэнмантан араатар тылын сөбүлээн күүгүнэстилэр. Амма Аччыгыйа
Иван уус уонна хас да ыччат туран бөһүөлэк көһөрүн сөбүлээн тыл эттилэр. М. Доҕордуурап
ср. тюрк. йөп, чөп ‘подходящий’
ириэнэх (Якутский → Якутский)
даҕ.
1. Тоҥмотох, итииттэн сымнаабыт, ньалҕарыйбыт. ☉ Талый
Ириэнэх буору иэччэхтэригэр диэри ибили кэстилэр. П. Ойуунускай
Саҥа түспүт ириэнэх хаар тииттэр мутуктарыттан сиргэ халтарыйан түһэр. Амма Аччыгыйа
Ананий сүбэтинэн ириэнэх буорун наар арҕаа өттүгэр эһэн истилэр. М. Доҕордуурап
Кини чочумча буола-буола кумаҕы булкуйара, ириэнэх өттүн транспортерга быраҕара. ДФС КК
2. көсп., кэпс. Сахалыы билэр, кэпсэтэр. ☉ Знающий якутский язык, умеющий говорить по-якутски
Ириэнэх нуучча. СГФ СКТ
♦ Ириэнэх иҥиирдээх көр иҥиир
Аҕыс саастаах Атыыр сылгы баһын саҕа, Тоҥ иҥиирдээх тоһуппатах, Ириэнэх иҥиирдээх энчирэппэтэх, Хатан иҥиирдээх хампарыппатах Хара хаппар күлүүһүнэн Халыр-илир гыннаран Хатаан кэбиспиттэр эбит. П. Ядрихинскай
Ириэнэх суолун ирдээ, тоҥ суолун тордоо көр ир II. Хайа тоҕойуом, Эн ириэнэх суолгун ирдээн, Эн тоҥ суолгун тордоон, Бу тиийэн кэллибит. Саха фольк. Онон бэлиэтээҥҥин, Тоҥ суолбун тордоон көрөөр, Ириэнэх суолбун ирдээн көрөөр. П. Ойуунускай
Куоппута да, син биир ситиэм, ириэнэх суолун ирдиэм, тоҥ суолун тордуом. В. Протодьяконов
Ириэнэхтэн иҥнибэт, тоҥтон (тоҥ диэнтэн) толлубат көр иҥин. [Тоҥус Манчаарыны куотарга ыҥырар:] Куттаныма! Мин да биллэр киһибин …… Ириэнэхтэн иҥнибэтэх, Тоҥтон толлубатах дьоһун киһи, Тоҥус бэрдэ буолабын, Дьулайыма, толкуйдан! А. Софронов. Ириэнэх хааннаах - аламаҕай, элэккэй майгылаах. ☉ Общительный, обаятельный, доброжелательный
Ириэнэх хааннаах, Элэккэй бэйэлээх, Киһиргэһэ суох кэмэлдьилээх, Кэскиллээх киһи буолар. А. Софронов. Тоҥор-ириэнэҕэр тиий (тириэрт) - төрдүн-төбөтүн булан, тугунханныгын чуолкай быһаар; иккиттэн биирин быһаар. ☉ Доводить что-л. до логического конца; выяснять, уточнять все подробности, во всем дойти до самой сути
Ир суолларын ирдиэм, ириэнэҕэртоҥор тиэрдэн баран хаалыам. Болот Боотур
Киргиэлэй да, холкута эбитэ буоллар, бука, тоҥор-ириэнэҕэр тиийэн баран тэйиэх киһи, холкуос мунньаҕын тэрийээри иһэр буолан, боломуочунайдыын ааһарга тиийдилэр. Д. Таас
Чопчу буруйдааҕы булан дьүүлгэ туруордахха сатаныыһы. Дьөгүөр Дьөгүөрэбис ылыммыт эрэ буоллар тоҥоририэнэҕэр тириэртэ ини. НС ОК
◊ Ириэнэх былыт көр ир II
хаптай (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Ньалбай, хаптаччы бар, хаптаҕай буол. ☉ Сплющиться. Сибиниэс хаптайда
□ Халба ураанай туоһахтатын кэтэһэн тумса хаптайбытыгар дылы (өс хоһ.)
2. Сытыары түһэн сиргэ сыһын, сыт, оҕун. ☉ Наклониться, пригнуться, припасть к земле
Сонно уолчаан кыракый быччыҥнара дьигис гыммыттарын хаҥас ытыһын иминэн билбитэ, этиэх түгэнэ уол атахха киллэримээри хаптайа охсубута. Е. Неймохов
Атаакалаан киирэн иһэр уһун сыап сиргэ хаптайарга күһэллибитэ. С. Никифиров. Халаан уута сорох сирдэринэн таһымнаан, симилэх тыа, ньылаарыччы тарааныллыбыт баттах курдук, биир дэхси хаптайбыт, хатырыга, мутуга сулламмыт буолар. А. Фёдоров
Хаптайбыт түүнү, баархаты ис өттүнэн паарга тутан көннөрүөххэ сөп. ДьХ
3. Кытаанах буола чиҥээ, тапталын (сир, буор, хаар туһунан). ☉ Утрамбоваться (о земле, почве, снежном покрове)
Хаптайбыт, чиҥээбит өттүн талан биэс булуугунан Уйбаан Уустаах хорута сылдьаллар. М. Доҕордуурап
Дьиэ тула өттө тууйа тибиллэн хаалбыт, үрдэ хомураҕы кытта тэбистэҥ буолан хаптайа сытарын, мин борук-сорукка кыайан көрбөтөхпүн. Н. Заболоцкай
Хаар хаптайа барыыта, биир тоҥот күн чугастааҕы учаастакка кылааһынан бүттүүн хайыһар похуота оҥоруохха дэстибит. «ХС»
4. көсп., кэпс. Сытан утуй. ☉ Лечь спать, уснуть
Кэпсэтэ-кэпсэтэ, Сыыйабаайа сытан, Утуу-субуу утуйан, Харахтарын симнилэр, Хаптайан хааллылар. Болот Боотур
Дьэ, тоҕойуом, бу киэһэ эрдэ соҕус хаптайдаххына сатанар. В. Миронов
Тула туох да тыас-уус суох, аргыстара, барбах сур-сар буолаат, хаптайбыттара ыраатта. «ХС»
5. көсп. Үгэннээн күүһүрэн баран мөлтүү быһыытый (хол., тыал, тыасуус туһунан). ☉ Ослабнуть, утратить силу, стихнуть (напр., о ветре, шумегаме)
Таҥнан таһырдьа таҕыстылар, тыал хаптайан, дьикти нуурал киэһэ эргийбит. Н. Босиков
Уот уоҕа хараан, хаптайа быһыытыйда. А. Фёдоров
Дьиэ таһынааҕы тыас-уус, айдаан арыый хаптайан барда. Эрилик Эристиин
△ көсп. Хойдо сылдьан баран аҕыйаа, сүт, намыраа (үөн-көйүүр туһунан). ☉ Убавляться, идти на убыль, сокращаться, редеть (напр., о мошкаре)
Буруоттан кыйдаран кумаар арыый хаптайбытын кэннэ илимнэрин бэрийдэ, иирсибиттэрин араарда. Софр. Данилов
Туундара дьонугар атырдьах ыйа — ураты ый, саамай үчүгэй, ылааҥы күннэр буолаллар, үөн-көйүүр хаптайар. И. Федосеев
Айылҕа барахсан торҕо күөх өҥө этиэх түгэнэ уларыйа охсон, барыта саһаран, кыһыл көмүстүү кылбаһыйда. Били үлүгэр бырдах, үөн-көйүүр ол иннинэ хаптайбыта. Н. Заболоцкай
6. көсп. Ким эмэ иннигэр албыннаһан ньылаҥнаа, бэрт буол, үҥк-сүгүрүй. ☉ Угодничать, лебезить, заискивать перед кем-л.
Оҕобут тутуллубут сураҕын истээт, төрөтөн төлөһүппүт аар тойон аҕатын тыла тиийдэҕинэ босхолонуо дии санаан, оҕонньорум биһикки баран тойоммут атаҕар хаптайбыппыт. Эрилик Эристиин
Кини [Амчыкы] Борукуом баай үрүҥ үлэһитэ, наадалаах илдьиккэ-сорукка сылдьар, кэрэһит бэрдэ, тойонун атаҕар хаптайа сытар, ыттыы ньалаҕалыыр киһи. В. Протодьяконов
Хаһаайыннарыгар үчүгэй буола сатаан хаптайа сыталлара, кини ол-бу бириинчиктээһинин эҥкилэ суох толороллоро. Ю. Чернов (тылб.)
ср. бур., п.-монг. хабтай ‘сплющиться’