Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тоҥхойуу

тоҥхой диэнтэн хай. аата. Оҕо тоҥхойуутугар тарбаҕын төбөтүнэн сири таарыйан ылла
[Дойдум] Тоҥхойуулаах дорообо буоллун! А. Софронов

тоҥхой

туохт.
1. Инниҥ диэки токуччу түс, токуччу тутун (киһини, кыылы этэргэ); инниҥ диэки умса түһэн тур (хол., күөл хомуһун этэргэ). Нагибаться, наклоняться вперёд
Баабыскаһыт эмээхсин эмиэ утуйан тоҥхойон барда. ПЭК ОНЛЯ III
Тоҥмут тороххой хомустар Тоҥхойо суугунастылар. Баал Хабырыыс
Тоҕус киһи тоҥхойон туран, Кыайан олуйбат суон модун олуурдаах. А-ИМН ОЫЭБЫ
2. Дорооболоһон, сүгүрүйэн, үҥэн-сүктэн төбөҕүн умса нөрүт; бүтүн бэйэҕинэн нөрүй. Кланяться, здороваясь, выражая почтение (головой, всем корпусом); преклонить голову, колени
Соҕотох эйиэхэ Тобуктаан тоҥхойобун, Сөһүргэстээн ньүрүйэбин. А. Софронов
Кыратык оонньоон тоҥхойон, Уруккулуу эҕэрдэ биэрдэ. С. Васильев
Күтэр Уйбаан үҥэн-сүктэн тоҥхойон сытта. Н. Заболоцкай
ср. алт. тоҥкай, хак. тонъхай ‘встать на четвереньки и склонить голову; нагнуться’, монг. тонгойх ‘наклоняться; наклонять голову’

Якутский → Русский

тоҥхой=

1) гнуться, сгибаться; оҕонньор кырдьан тоҥхойбут старик от старости согнулся; 2) кланяться; дорооболоһон тоҥ-хойор здороваясь, он кланяется.


Еще переводы:

тоҥхох

тоҥхох (Якутский → Русский)

тоҥхох гын = однокр. от тоҥхой = согнуться и разогнуться; поклониться (слегка).

тоҥхолдьуй=

тоҥхолдьуй= (Якутский → Русский)

разд.-кратн. от тоҥхой = 2; мин диэки тоҥхолдьуйда он поклонился в мою сторону (несколько раз, слегка).

тоҥхойбохтоо

тоҥхойбохтоо (Якутский → Якутский)

тоҥхой диэнтэн тиэт
көрүҥ. [Пьергэ] төбөлөр [дьон] тоҥхойбохтууллар, баттахтар сахсыллаллар. Л. Толстой (тылб.)

никнуть

никнуть (Русский → Якутский)

несов. 1. (склоняться, опускаться) тоҥхой, хаптай, бүк түс; колосья никнут куо-ластар тоҥхоспуттар; 2. перен. (ослабевать) ньамньарый, мөлтөө.

тоҥхоҥноо=

тоҥхоҥноо= (Якутский → Русский)

многокр. от тоҥхой= 2; дьоҥҥо барытыгар тоҥхоҥноото он поклонился всем (присутствующим); утуктаан тоҥхоҥнуу олор = сидеть, покачиваясь от дремоты; клевать носом.

тоҥхолдьуй

тоҥхолдьуй (Якутский → Якутский)

тоҥхой диэнтэн арыт
көстүү. Миша дорооболоһон тоҥхолдьуйар. Н. Лугинов
[Үөт талах] тыалга күөртэнэн тоҥхолдьуйа турбут. Н. Якутскай

тоҥхоһуй

тоҥхоһуй (Якутский → Якутский)

тоҥхой диэнтэн хамс. көстүү. Кыталык кыыл түһэн олорорун көрөҥҥүн, доруоптанан тоҥхоһуйбут, үөмэн өкчөрүйбүт үлүгэрдээх эбиккин, нохоо!… Амма Аччыгыйа

тоҥхот

тоҥхот (Якутский → Якутский)

тоҥхой диэнтэн дьаһ
туһ. Буута уот диэки тоҥхоппут төбөтүн нэһиилэ өндөтө түһээт, эмиэ куоҕайбытынан барда. Амма Аччыгыйа

тоҥхоҥноо

тоҥхоҥноо (Якутский → Якутский)

тоҥхой диэнтэн б
тэҥ көстүү. Хара күлүк, тыал охсубут маһын курдук, иҥнэҥнии, тоҥхоҥнуу олорор. Күндэ
Кулуутап дорооболосто, Михаил Семёнович тоҥхоҥноото. Амма Аччыгыйа
Туруйалар аһаан тоҥхоҥнууллар. В. Тарабукин

тоҥхос

тоҥхос (Якутский → Якутский)

тоҥхой диэнтэн холб. туһ. Оҕонньор киирбитигэр бары …… дорооболоһон тоҥхостулар. Н. Лугинов
Туспа дойдуларга тоҥхоһо, Атын омуктарга хаптаһа Сылдьыа үһүбүт дуо? С. Васильев
Тоотоҥноспут үөрэхтээхтэр Тоҥхоһоллор миэхэҕэ. С. Тимофеев