Якутские буквы:

Якутский → Русский

түбүктээх

хлопотливый, хлопотный; түбүктээх дьарык хлопотное занятие; түбүктээх күн хлопотливый день.

Якутский → Якутский

түбүктээх

даҕ.
1. Үгүс үлэлээх, үгүс эрэйдээх, сүпсүктээх. Требующий много хлопот, забот (напр., о работе); хлопотный (напр., о времени)
Билигин ыһыахтар күннэрэ. Биэ кистиир, кымыспыт кутуллар. Төбүрүөн түһүлгэ кииннэрэ Түбүктээх бэлэми аастылар. У. Нуолур
Эдэр ыал сэмэй түбүктээх олоҕо саҕаламмыта. «ХС»
Түбүктээх түөрт сыл биллибэккэ ааспыта, ол түбүк техникум дипломунан түмүктэммитэ. ЧКС ЫаЫЫ


Еще переводы:

беспокойный

беспокойный (Русский → Якутский)

прил
түбүктээх, аймалҕаннаах

суетливый

суетливый (Русский → Якутский)

прил. түбүктээх, түбүгүрэн тахсар; суетливый человек түбүгүрэн тахсар киһи.

хлопотливый

хлопотливый (Русский → Якутский)

прил. 1. (склонный к хлопотам, беспокойный) кыһаныгас, бараммат түбүктээх, сүгүн олорбот; 2. (сопряжённый с хлопотами) түбүктээх, эрэйдээх; хлопотливые обязанности түбүктээх эбээһинэстэр. хлопотный прил. разг. см. хлопотливый 2. хлопотун м. разг. кыһаныгас киһи, бараммат түбүктээх киһи.

эрэдээктээх

эрэдээктээх (Якутский → Якутский)

даҕ. Эрэйдээх, түбүктээх. Трудный, хлопотный. Бу улахан эрэдээктээх дьыала

канительный

канительный (Русский → Якутский)

прил. разг.: канительное дело уһун түбүктээх дьыала, бадьыыстаах дьыала. канифоль ж. канифоль (саһархайдыҥы кыһыл кытаанах сымала).

күрбүөннээх

күрбүөннээх (Якутский → Якутский)

даҕ. Кэлиилээх-барыылаах, түбүктээх, сылаалаах (хол., күн). Суетный, хлопотный, напряженный (напр., день)
Уон төгүл өрөспүүбүлүкэ түһүлгэтигэр, икки төгүл ырыа күрэҕэр уус-уран көрүү кэлэктиибин салайан үтүө түбүктээх, күрбүөннээх күннэри көрүстэ. «ХС»

ыйаттарыы

ыйаттарыы (Якутский → Якутский)

ыйаттар диэнтэн хай
аата. Хартыыналары ыйаттарыы, ону төттөрү хомуйтарыы, онно барытыгар бэйэтэ илэмэ-салама түһүүтэ …… улахан түбүктээх, барыыстаах. С. Руфов

эрэйдээх-кыһалҕалаах

эрэйдээх-кыһалҕалаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Элбэх сыраны ылар, түбүктээх. Трудный, беспокойный, сложный (о жизни)
Таптыыр киһини кытта олорор төһө да эрэйдээҕин-кыһалҕалааҕын иһин, чахчы дьол буолуохтаах. Софр. Данилов

дьукаахтан

дьукаахтан (Якутский → Якутский)

дьукаахтаа диэнтэн бэй
туһ. Асаһар дьукаахтанныбыт ээ, быһыыта. П. Ойуунускай
Эдэр кыыс оҕо дьукаахтанар, бука, түбүктээх буолуо диэн Унарова дьиксинэ санаабыта. Софр. Данилов
Мин сымыйалаабаппын. Чахчы, дьикти дьукаахтана сылдьыбытым. Бэйэтэ көстүбэт этэ, саҥатын эрэ дорҕоонун истэрим. И. Гоголев

кутугунас

кутугунас (Якутский → Якутский)

даҕ. Түбүгүрэн тахсар; түбүктээх. Хлопотливый, усердный; суетливый
Мин биир сүрдээх сытыы-хотуу, сүүрбүт-көппүт, кутугунас үлэһит …… доҕордоохпун. С. Васильев
Кырдьыга да, ким сүрэхтээх, кутугунас киһи уопсай дьыалаҕа ис сүрэҕиттэн кыһанан сүүрэр-көтөр буоллаҕа эбээт. «ББ»