сыһ. Уһуннук, киһини салгытар курдук. ☉ Долго, утомительно
Унньуктаахтык күүтүллүбүт Улуу Кыайыы кэлбитэ. П. Егоров
Олорон эрэ утуйуохха диэри унньуктаахтык оҥоһуллубут уһун тыыннаах дакылаат бүттэ. В. Ойуурускай
Итинник унньуктаахтык айаннаан, Өлөксөй тоҕус көһү уҥуордаан, ыкса киэһэ Чыаппараҕа кэллэ. «ХС»
Якутский → Якутский
унньуктаахтык
унньуктаах
даҕ. Элбэх күүһү, сыраны-сылбаны эрэйэр, салгымтыалаах. ☉ Утомительный, требующий много усилий, энергии
Дмитрий Копылов диэн атамаан саҥа сири көрдүүр унньуктаах айаныгар тэринэ сылдьара. И. Гоголев
А.Е. Кулаковскай саха тылын, фольклорун хомуйар унньуктаах үлэтигэр элбэх да сири кэрийбит эбит. «ХС»
Үүнүүнү хомуйары мэһэйдиир унньуктаах уһун ардахтар түспүттэрэ. «Кыым»
Якутский → Русский
унньуктаах
1) утомительный, требующий много силы, энергии, расходов; уһун унньуктаах охсуһуу утомительная, долгая и упорная борьба; 2) приносящий большую добычу (об охотничьих и рыболовных снастях).
Еще переводы: