Якутские буквы:

Якутский → Русский

уоттан=

возвр. от уоттаа = 1) иметь, приобретать огонь; 2) сжигать что-л. (для себя, у себя); 3) освещаться; бөһүөлэк электрическэй уоттанна посёлок освещается электричеством # хараҕа уоттанна глаза его загорелись (от возбуждения). уоттас = совм. от уоттаа=. уоттат = побуд. от уоттаа=. уоттуй = портиться (от перегрева, жары, обычно об изделиях из кожи, шкуры и ткани). уоттуйуу и. д. от уоттуй=. уотурба отруби; сэлиэһинэй уотурбата пшеничные отруби.

дьиэ-уот

дом, семья, хозяйство; дьиэм-уотум куоракка баар моё хозяйство в городе.

дьиэлэн-уоттан=

обзаводиться домом, семьёй, хозяйством.

көҥүл туһаныллар сир-уот

территории общего пользования

куорат иһинээҕи феде-ральнай суолталаах сир-уот

внутригородская территория города федерального значения

сир-уот

территория

сир-уот кинигэтэ

поземельная книга

сир-уот фискальнай кыаҕа

фискальный потенциал территории

сэлиэнньэлэр икки арды-ларынааҕы сир-уот

межселенная территория

уот

1) огонь, пламя; оһоххо уот умайар в печи горит огонь; уокка олорт = ставить на огонь (для варки); уокка бус = обжигаться огнём; уокка умай = гореть в огне; уотунан оонньоомо прям., перен. не играй с огнём; уот онно кострище; уот уйата центр огня в камельке; уот эттэ огонь сказал (по народному поверью, если что-л. задумать или предположить, а в это время в огне послышится треск, то задуманное не сбудется); уокка бырахтахха кэҥсик тахсыбат (киһитэ) а) опустившийся (человек); б) ни к чему не пригодный (человек) (букв. если бросить в огонь, то и горелым не запахнет—формула самоуничижения); 2) свет, освещение; күн уота солнечный свет; электричество уота электрический свет; уулусса уоттара уличное освещение; уоту ас = а) включать свет; б) открывать огонь, начинать стрелять; уоту умуруор = выключать свет, гасить свет # күн уота сиэбит он загорел на солнце; (кутаалаах) уокка олорт = ругать, бранить кого-л.; не давать покоя кому-л.; уот ааныттан с самого начала; уот ааныттан аккаастаа = отказать в чём-л. с самого начала; уот айах острослов, бойкий на язык; уот иччитэ уст. дух — покровитель домашнего очага; уот иччитин курдук өһүргэс погов. обидчив, как дух домашнего очага (об очень обидчивом человеке); уот кугас огненно-рыжий; уот кураан сильная засуха; уот курдук орто вполне удовлетворительный; вполне приличный, достаточно хороший; уот өттө передняя сторона (напр. кровати); уот салаабытын курдук хоть шаром покати; уот тымныы лютый мороз; уоту туппут курдук мечущийся в спешке; уоту тутар кэриэтэ очень опасное или нежелательное предприятие, занятие; уот ыла кэлбит кэриэтэ= прийти за чем-л. в большой спешке (букв. всё равно, что прийти за огнём); уот ыстанарын (или ыстаммытын) курдук вдруг, неожиданно, внезапно; уотта тут = освещать (напр. лучиной, свечой); уот харахха (эт=) в самый раз, точно (сказать); уоту көрөн олоробут или уот диэки көрбөт буолан олоробут у нас кончились продукты; варить нам стало нечего (букв. мы уже (больше) не смотрим на огонь); уотун умуруор= подавлять чью-л. инициативу, чей-л. энтузиазм (букв. погасить чьё-л. пламя); харах уота а) острота зрения; б) блеск в глазах; в) пронизывающий взгляд.

уот=

побуд. от уой = откармливать (обычно на убой); идэһэ сүөһүнү уот = откормить убойный скот.

Якутский → Английский

уот

n. fire; дьиэ-уот n. home, family; уоттуй= v. to spoil as a result of sun or fire


Еще переводы:

огнеопасный

огнеопасный (Русский → Якутский)

прил. уоттан кутталлаах, уоттан сэрэхтээх; огнеопасная жидкость уоттан сэрэхтээх убаҕас.

противопожарный

противопожарный (Русский → Якутский)

прил. баһаары тохтотор, уоттан сэрэнэр, уоту умуруорар.

пострадать

пострадать (Русский → Якутский)

сов. эмсэҕэлээ, алдьан, ньочоотур; село пострадало от пожара дэриэбинэ уоттан эмсэҕэлээтэ.

бензол

бензол (Русский → Якутский)

м. бензол (дэлби тэбэр веществолары у о. д. а. оҥорорго туттуллар уоттан сэрэхтээх өҥө суох убаҕас).

күрэн=

күрэн= (Якутский → Русский)

1) убегать, скрываться от чего-л.; уоттан күрэн = убежать от огня; 2) избегать чего-л., уклоняться от чего-л.; үлэттэн күрэн = избегать работы.

сэрэтии

сэрэтии (Якутский → Русский)

и. д. от сэрэт= предупреждение; уоттан сэрэтии предупреждение пожара; салгынтан сэрэтии воздушная тревога; кини улэтигэр хойутаан сэрэтии ылла он получил предупреждение за опоздание на работу.

загореться

загореться (Русский → Якутский)

сов. 1. (начать гореть, светить) умайан бар; 2. (засверкать) уоттан; глаза загорелись радостью үөрэн, харахтара уоттан-нылар; 3. безл., перен. разг. (неудержимо захотеться) умайан тур, оргуйан тур, өрүкүйэн тур; что вам так загорелось? успеете! туохха маннык өрүкүйэн турдуҥ? куотуо суоҕа!; 4. перен. (начаться) күөдьүйэн тур; загорелся спор мөккүөр күөдьүйэн турда.

түүрүлүн=

түүрүлүн= (Якутский → Русский)

возвр.-страд. от түүр = свёртываться, сворачиваться; быть свёрнутым; туос уоттан түүрүлүннэ берёста в огне свернулась; ыт тымныыттан түүрүллүбүт собака свернулась от холода; быа түүрүллүбүт верёвка смотана; түүрүллүбүт кумааҕы рулон бумаги.

огонь

огонь (Русский → Якутский)

м. 1. (пламя) уот, төлөн; развести огонь уотта отун; 2. (свет) уот; в окне горел огонь түннүк уоттаах этэ; 3. (стрельба) уот, ытыы, ытыалааһын; открыть огонь уотта ас; # между двух огней икки уот икки ардыгар; из огня да в полымя погов. уоттан куотан кутааҕа киир; бояться как огня уоту тутар курдук куттан; днём с огнём не найдёшь тымтыктанан да булбаккын; пройти огонь и воду (и медные трубы) элбэх ууну-уоту уҥуордаа, элбэх үрүҥү-хараны көр.

огонёк

огонёк (Русский → Якутский)

м. 1. уменьш.-ласк. от огонь 1,2; 2. перен. уот-кыым; работать с огоньком уоттанан-кыымнанан туран үлэлээ.