Якутские буквы:

Якутский → Русский

хабараан

1) резкий, крутой (о человеке, его характере); ср. хабыр 1; 2) яростный, страшный; хабараан хаһыы яростный крик; хабараан хапсыы жестокая схватка; 3) необъезженный (о лошади); 4) разг. сердитый, крепкий; хабараан арыгы крепкое вино; хабараан тымныы сердитый мороз, жестокий мороз; 5) перен. ломкий, хрупкий; хабараан мас ломкая древесина.

Якутский → Якутский

хабараан

I
даҕ.
1. Олус хатан, кытаанах буолан токурутары, иэҕэри тулуйбат, тостумтуо, үлтүрүйүмтүө (хол., тимир, мас). Ломкий, хрупкий (напр., о металле, древесине). Былаас [киһи аата]: «Сах, туох хабараан маһа түбэстэ?» А. Софронов
Хабараан тимир. СГФ СКТ
2. Олус уорааннаах, дохсун (хол., тымныы). Сильный, лютый, суровый (напр., о морозе)
Хабыалас, омуннаах хабараан тымныы, намырыахча буола-буола күүһүрэн, бэргээн испитэ. В. Яковлев
Ама, уһун хабараан кыһыннаах Саха сиригэр буолар сут курдук туох дьулаан баар үһү! А. Фёдоров
Тыа үөл маһа хабараан тымныыттан тоһутталанан тыһыргыыр тыаһа иһиллэр. С. Маисов
3. көсп. Киһини салыннарар дьулаан, суостаах. Внушающий ужас, страшный
Дьон өйө-санаата сыыйа уһуктан, баайдары-тоттору утары хабараан хапсыһыыга туруммуттара. Н. Якутскай
Ат барахсан хабараан алдьархайтан уйулҕата хамсыыра олус суоһар, ынырык да буоллаҕа! С. Никифоров
Кыһыары өстөөҕү утары хабараан киирсиилэр буолбуттара. Багдарыын Сүлбэ
4. көсп., кэпс. Хаҕыс, бардам, куһаҕан майгылаах. Жёсткий, грубый (о ком-л.)
Фёдор Иванович, эмискэ көрдөххө, бэрт хабараан курдук эрээри, бодорустахха сүрдээх эйэҕэс, сымнаҕас киһи эбит. Н. Якутскай
Кимиэхэ даҕаны хабараан буолар табыллыбат, бэйэни кыана туттуохха наада. В. Протодьяконов
Маппыр тылын хамначчыттарыгар толорторон арахсар хабараан, дохсун тойон буолбута. Л. Попов
ср. тув. кабаран далга ‘сильная волна, вал’
II
даҕ.
1. Олус хатан (тыас). Раскатистый, далеко разносящийся (о шуме)
Сир үрдэ титирэстээн ньириһийдэ, Хабырыттар халлааҥҥа Хабараан тыас тыаһаата. Саха фольк. Эмискэ хабараан тыастаах саа эстэн дэлби барбыта. В. Яковлев
Хабараан тыастарынан хара тыаны хайыта көтүтэн айаннаан истилэр. Р. Кулаковскай
2. Кыланар былаастаах, уордаах (хаһыы); хабыр, кытаанах (тыл-өс). Душераздирающий (о крике); грубый (о словах)
Ааныс хабараан үлүгэрдик хаһыытаан тоҕо барда. Софр. Данилов
Быдьар аҥаардаах хабараан тыллары ыспытынан, хаһыытаабытынан, ампаартан тахсан кэллэ. М. Доҕордуурап
Эмискэ Чыычаахап киһи куйахатыгар хатаныах айылаах хабараан хаһыыта иһилиннэ. «ХС»


Еще переводы:

лютый мороз

лютый мороз (Русский → Якутский)

прил
хабараан тымныы

кындыалаа

кындыалаа (Якутский → Якутский)

туохт. Ордуос, кыыһырымтаҕай, хабараан майгылан. Быть сердитым, резким, злиться. Кытыттыыр сылгым Кындыалыы мөҕөн… С. Зверев

уохалаах

уохалаах (Якутский → Якутский)

даҕ., түөлбэ. Хабыр, хабараан, хадьар майгылаах (киһи). Строптивый, с крутым нравом (человек). Уохалаах да киһи

резкий

резкий (Русский → Якутский)

прил
(ветер) сытыы, хабараан (тыал)

прил.
сытыы
резкий ветер - сытыы тыал

собачий

собачий (Русский → Якутский)

прил. ыт; собачий лай ыт үрүүтэ; # собачий холод разг. улахан тымныы, хабараан тымныы.

запальчивый

запальчивый (Русский → Якутский)

прил. 1. (вспыльчивый) ыгым, ыгым уордаах; 2. (задорный) хабыр, хабараан; запальчивая речь хабыр этии.

лютый

лютый (Русский → Якутский)

прил. 1. (о животных) хаанымсах, дьулаан; 2. (о человеке) суостаах, дьулаан; лютый враг суостаах өстөөх; 3. перен. ыар, кытаанах; лютая злоба ыар өһүөн; 4. (очень-сильный) хабараан, ыар; лютый мороз хабараан тымныы.

ордуоһур

ордуоһур (Якутский → Якутский)

туохт. Бэрт кыраттан, суолтата суохтан кыыһыр, тымтан бар. Разгневаться, вспылить из-за пустяка
Айыҥа ол ахсын ордук ордуоһуран, дьаамҥа сылдьар дьоҥҥо хабараан буолан испитэ. «ХС»

өсөһүү

өсөһүү (Якутский → Якутский)

өһөс I диэнтэн хай
аата. Онтон сылтаан ытаһыы-соҥоһуу, тыл аахсыыта, өсөһүү саҕаламмыт. В. Яковлев
Харыйаны таҥнары соспут курдук өсөһүү – туохха да махтанары билбэт, тоҥ, хабараан сигили. СТЫМ

хабарааннык

хабарааннык (Якутский → Якутский)

сыһ. Олус уордаахтык, дьулааннык. Гневно, яростно, свирепо
Суонда өссө ордук хабарааннык, суостаахтык, дьиэ титирэстиэр диэри кыланна. Софр. Данилов
Оҕонньор ол киһилиин хабарааннык кэпсэтиэ диэн куттал буолта. Баал Хабырыыс
Хаҥас диэкиттэн оҕонньор саҥата, мас хайдарын курдук, хабарааннык иһилиннэ. А. Сыромятникова