Якутские буквы:

Якутский → Якутский

хайҕаныы

хайҕан диэнтэн хай
аата. Хайҕаныы да икки өрүттээх. Сорохтор, киһини бүдүрүтээри гыннахтарына, хайҕаа да хайҕаа эбэтэр кыыллыыр тэҥэ көрө-көрө көрбөтөх, билэбилэ билбэтэх буолааччылар. М. Тимофеев
Хайҕаныы да, сириллии да айар үлэһиккэ хайаан даҕаны баар буолар. ОАП ОДьТС

хайҕан

хайҕаа диэнтэн бэй., атын
туһ. Тогойкин бүгүҥҥү күнүн өйдүү-саныы иһэр. Кини хайҕанара аҕыйах, сиринэрэ элбэх эбит. Амма Аччыгыйа
«Мантыкаҥ байыаннай массыына эбээт», — хайҕанар суоппар. П. Степанов
[Илья] үйэтигэр биирдэ туой баттаҕы күөрэтэн түһэрэн хайҕаммыттаах. Н. Габышев

Якутский → Русский

хайҕан=

возвр.-страд. от хайҕаа = хвалиться; одобряться, поощряться, быть одобренным, поощрённым .


Еще переводы:

похвальба

похвальба (Русский → Якутский)

ж. разг. хайҕаныы, киһиргэнии.

самохвальство

самохвальство (Русский → Якутский)

с. бэйэни хайҕаныы, арбаныы.

самовосхваление

самовосхваление (Русский → Якутский)

с. бэйэни арбаныы, бэйэни хайҕаныы, чабыланыы.

дарбатыы

дарбатыы (Якутский → Якутский)

аат. Үлүннэрии, наһаа улаатыннаран, омуннаан кэпсээһин. Преувеличение, раздувание (придание неоправданно большого значения чему-л.)
Поэзияҕа хайҕаныы да, дарбатыы да наадата суох: туох барыта дьиҥнээх аатынан ааттаныахтаах. СГС ӨСҮДь
Ханнык да дарбатыыта суох эттэххэ, Россия үгүс норуоттара нуучча норуотун дьиҥнээхтик, дириҥник Сэбиэскэй былаас кэмнэригэр билбиттэрэ. «ХС»

биһирэбил

биһирэбил (Якутский → Якутский)

  1. аат. Ким-туох эмэ сөбүлэнэн хайҕаныыта, үчүгэй холобур быһыытынан сыаналаныыта, биһирэниитэ. Признание, одобрение кого-чего-л.
    Григорий Семенович Тарскай сэрии иннинэ тылбаасчыт быһыытынан киэҥ биһирэбили ылбыта. «ХС»
    Маастар илиилэрин истэриттэн ыллам ырыа курдук бэртээхэй оҥоһуктар айыллан тахсаллара, дьон-сэргэ биһирэбилин ылаллара. «Кыым»
    Солдатов мэлдьи биһирэбили эрэ ылар үлэһит буолбутунан туһанан, бэйэтин аһара кыахтаахтык сананара. П. Аввакумов
  2. даҕ. суолт. Сөбүлүүр, биһириир сыанабыллаах, хайҕанар. Поощрительный, одобрительный
    [Чаҕылҕан] композитордар М. Жирковка уонна Г. Литинскэйгэ консультант быһыытынан көмөтүн иһин, Саха бырабыыталыстыбатыттан биһирэбил бириэмийэ ылан турар. «ХС». «Кэриэс туолуута» сэһэн 1938 сыллаахха бастыҥ уус-уран айымньы иһин литературнай куонкуруска биһирэбил бириэмийэни ылбыта. ТНН ЭЭ
диэтэх

диэтэх (Якутский → Якутский)

туохт. эб. Этиллэр предмети үрдэтэн, дэбдэтэн сыһыаннаһыыны көрдөрөр (үгүстүк солб. аат кытта тут-лар). Служит для подчеркивания превосходства, возвышения предмета речи (употр. преим. с мест.)
[Ойуунускай] улам уоҕуран-күүһүрэн, уот курбуу тыллары дэхси-дэгэт түһэртээн, этэн-эпсэн киирэн барда эбээт, кини диэтэх уол оҕо барахсан. Амма Аччыгыйа
Харытыан Киппирийээнэбис бу уон үстээх уолуттан улуу-дьаалы бэйэтэ ааттаһардыы, көрдөһөрдүү туттара, кини диэтэх киһи Викторга өссө ньыла түһэ сылдьар курдуга. Л. Попов
Күтэр Кэбийэн кэбигирэттэ: Икки өттүнэн тибиирдэ - Манчаары от батаһы, Ол диэтэх сытыы кылыһы. С. Данилов
Сирэй солбуйар аат бастакы сирэйин кытта бэйэни дэбдэтинии, хайҕаныы, ардыгар, киһиргээһин дэгэттэнэр. Употребляется с личными местоимениями 1-го лица, имеет оттенок самовозвышения, самовосхваления, редко - бахвальства
Өстөөх Билигин киирбит Бэстилиэнэй күүһүн Биһиги диэтэх дьон, кэннибитинэн чугуйбакка Кэйгэллээн иһиэххэ, Толлон турбакка Тоһута охсон иһиэххэ! Саха фольк. [Ньургун Боотур:] Мин диэтэх киһи истэн баран сытыахпын сатаммат. Ньургун Боотур
Ардыгар бэйэлээх диэн эбиискэни кытта туттуллан суолтата ордук күүһүрэр. Употребляясь с частицей бэйэлээх, иногда приобретает оттенок усиления
Биһиги диэтэх бэйэлээхтэр, Билэр-көрөр муҥутааммыт, Орто туруу дойдуну Олоҕун булларбат буолуохпут дуо? П. Ойуунускай

похвалиться

похвалиться (Русский → Якутский)

сов. кем-чем хайҕан, киһиргэн, чабылан.

хвалится

хвалится (Русский → Якутский)

гл
хайҕанар

хайҕанааччы

хайҕанааччы (Якутский → Якутский)

хайҕан диэнтэн х-ччы аата
Ананий хаартыската тахсыбытын көрөөт, Яков Андреев: «Хайҕанааччылар наар хайҕаналлар», — дии санаат, хаһыаты ааҕан киирэн барда. М. Доҕордуурап
[Мунньахха] хайҕанааччы бэйэтэ эмиэ сэргээн истэ олордо, сэргээбэт буолуох туһа да суоҕа. «ХС»

кыллыгыратыы

кыллыгыратыы (Якутский → Якутский)

кыллыгырат диэнтэн хай
аата. Кыһалла-кыһалла дьонум Кыллыгыратыы бөҕөтө, Хайҕаммычча мин ону Хантатабын бөтөбөтө. С. Тимофеев