туохт. Төбөҕүн санньыта тутун (киһини этэргэ). ☉ Наклонять, опускать, склонять голову (о человеке)
Маайа, иһиллии сатаан, моонньун күөкэтиэҕинэн күөкэтэн, чөрбөйүөҕүнэн чөрбөйөн турбахтаабыта уонна улам хоҥкуйан барбыта. Софр. Данилов
Кыыс Ньургун диэки хоргутууну этиэх иннинэ хоолдьуктаах бэйэтэ хоҥкуйан дорообо биэрдэ. Эрилик Эристиин
△ Санньыччы иэҕилин (от-мас төбөтүн, сибэккитин, куолаһын этэргэ). ☉ Гнуться, клониться, поникать, свешиваться верхушкой (о растениях)
Роза тэтэркэй бэйэтэ өлбөөдүйэн, дьондоҕор бэйэтэ хоҥкуйан тураахтыыр эбит! Софр. Данилов
Күөх от саһара куурбут, төбөтө аллара хоҥкуйбут. «ХС»
♦ Хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан, сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн эрэбин көр сүһүөх I
Аал уотум иччитэ, Бырдьа бытык, Хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан, сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн эрэбин. С. Васильев
ср. бур. хунхыха ‘опустить (голову)’
Якутский → Якутский
хоҥкуй
Якутский → Русский
хоҥкуй=
склоняться, наклоняться (верхней частью, верхушкой).
Еще переводы: