Якутские буквы:

Якутский → Якутский

чөллөрүй

туохт.
1. Көҥүллүк кутулун, дуораччы иһилин (куолаһы, ырыаны этэргэ). Раздаваться, литься свободно (о голосе, песне)
[Ойуун] куолаһа маҥнай утаа симигэ, онтон уламулам чөллөрүйэн, дьалынныран, киһи куйахатын күүрдэр буолла. И. Гоголев
Демьянов лиэктэр күөмэйэ эбии чөллөрүйбүт курдук, лып-лыҥкынас. Н. Габышев
[Харачаас] кэһиэхтээх куолаһа чөллөрүйдэ. П. Филиппов
2. Туохтан да мэһэйдэппэккэ, көҥүллүк сүүрүгүр (ханнык эмэ убаҕаһы этэргэ). Течь, литься свободно (о какой-л. жидкости)
Бу хаһаайыстыбаҕа үүт үрүйэ чөллөрүйэ устубатаҕа хаһыс да сылыгар барда. «Кыым»
Саҥа төрөөбүт ынаҕы уоһаҕын үчүгэйдик ыабатахха мастыйааччы, уһуннук массаастаа, билигин мин тахсан ыам, чөллөрүйэр ини. «ХС»
ср. халх. дөлэрэ ‘разойтись, распуститься’

чөл

даҕ.
1. Бүтүн, алдьамматах (хол., хаары этэргэ). Цельный, нетронутый (напр., о снеге)
Мантан ыла суола суох чөл хаарынан айанныыллар. Н. Якутскай
Кистэлэҥ дьиктитин тэлгэттэ Миэхэ бу толоон чөл хаара. «ХС»
2. Доруобай, чэгиэн (киһи этин-сиинин этэргэ). Здоровый (о человеке)
Биһиги киһибит этэ-сиинэ чөл, чэгиэн. С. Маисов
3. Ыраас, сөптөөх (хол., өйү-санааны этэргэ). Чистый, правильный (напр., о мышлении)
Киһи чөл майгыта, үтүө сигилитэ, хоһууна-хоодуота эрэ олоҕу салгыыр кыахтаннаҕа. В. Титов
Күннэй — отой бүүс-бүтүннүү чөл сахалыы айылгылаах кыыс. Күрүлгэн
Чөл олох — куһаҕан дьаллыктарга (хол., табахха, арыгыга) ылларбакка, этхаан, доруобуйа чэгиэн, өй-санаа ыраас, чэбдик буоларыгар өрүү кыһаллан, болҕомтону онно ууран олоруу. Здоровый образ жизни
Ыраас айылҕата, чэбдик тулалыыр эйгэтэ суох чөл олоҕу туппаккын. Тумарча
Ньургун арыгыны испэт, табаҕы тардыбат, чөл олохтоох киһи. «Чолбон»
Чөлүгэр түстэ көр түс I. Бу алдьанан-сааранан турар олох оҥоһуллара, урукку чөлүгэр түһэрэ бэрт ыар, кытаанах суол буолар. Күндэ
Бииргэ үөрэммит оҕолорун кытта тэҥҥэ эксээмэннэрин туттаран ачыстаат ылла, доруобуйата урукку чөлүгэр түстэ. В. Тарабукин
Учуонайдар, искусствоведтар, реставратордар хартыыналары чөлүгэр түһэрбиттэрэ. Н. Кондаков
ср. тюрк. чөл, шөл ‘пустыня, степь’

Якутский → Русский

чөллөрүй=

1) течь, литься свободно; хоруу уута чөллөрүйдэ вода по канаве потекла свободно; 2) перен. литься, раздаваться; ырыаһыт куолаһа чөллөрүйдэ голос певца полился свободно (после первых волнений).


Еще переводы:

чөчлөрүт=

чөчлөрүт= (Якутский → Русский)

побуд. от чөллөрүй =.

чөллөрүт

чөллөрүт (Якутский → Якутский)

чөллөрүй диэнтэн дьаһ
туһ. Нартаахап күөмэйэ бүөлэммитин чөллөрүтэ сатаан көхсүн этиппитэ. Софр. Данилов
Чэ эрэ, көхсүгүтүн этитэн, Чэлгиэннээх күөмэйгитин чөллөрүтэн, Тойуккутун туойан доллоһутуҥ. С. Тарасов
Кэнсиэр иннигэр ырыаһыттар эрдэттэн бэлэмнэнэн, куоластарын аһан, чөллөрүтэн араастаан ыллыыр идэлээхтэр. ӨӨ ДДьДТ

хоноччу

хоноччу (Якутский → Якутский)

сыһ. Көнүөххүнэн көнөн төбөҕүн күөрэччи, өрө (тутун). Высоко подняв голову, напряжённо вытянув шею
Валерий Иванович хоноччу туттубут уһун, көбүс-көнө уҥуохтаах киһи. Л. Попов
Харачаас кыырыктыйан эрэр баттахтаах төбөтүн хоноччу тутунна, кэһиэхтээх куолаһа чөллөрүйдэ. П. Филиппов

чөллөй

чөллөй (Якутский → Якутский)

I
чөллөрүй диэн курдук
Сайылык диэки атыыр оҕус бастаан бүтэ өһөн хаалбыт куолаһынан, онтон чөччөйөн-чөллөйөн ис-иһиттэн имэҥнээхтик айаатаан чыҥкынаата. Эрилик Эристиин
Бастаан симиттэн, кэлэҕэйдээн баран кэнникинэн күөмэйэ чөллөйөн этэн барда. М. Доҕордуурап. Куралай Кустук эттэҕин ахсын эбии сайдан хомус курдук куйааран, …… куолаһа чөллөйөн, …… хоххулла илгиһиннэ. Д. Апросимов
II
сыһ. Бүүс-бүтүннүү, сыалайдыы. Полностью, целиком
Ааспыт сайын поэт С.Т. Руфов куораттааҕы бибилэтиэкэтин чөллөй кэриэтэ Ороһу мусуойугар биэрбит сураҕырбыта. К. Уткин
Ходуул аннынааҕы бактыарыйалар чөллөй олорон хаалаллар. НПИ МВК

дьалынныр

дьалынныр (Якутский → Якутский)

көр дьалыҥыр
[Икки атахтаах бииһэ] Истэриттэн имэҥирэн, Тастарыттан дьалынныран, Кыыс хойуутун курдук Кырылыы кыынньан [турда]. Өксөкүлээх Өлөксөй
[Ойуун] устунан дьалынныран, эккирии-эккирии кыыран барда. И. Гоголев
[Ойуун] куолаһа маҥнай утаа симигэ, онтон улам-улам чөллөрүйэн, дьалынныран киһи куйахатын күүрдэр буолла. Тулхадыйбат д.

дьарымталаах

дьарымталаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Төттөрү этиппэт, ылыннарыылаах, чиҥ-чаҥ (киһи саҥатын туһунан). Властный, не терпящий возражений (о речи, тоне)
«Хайаа? Носилканы диибин дии!» Ити дьарымталаах тыллар Нартаахап эмискэ чөллөрүйэн кэлбит кулгааҕар этиҥ дарбааныныы кутулуннулар. Софр. Данилов
Онтон Лев Львович ааҥҥа быһаҕаһыгар диэри быган туран: «Өргүөтэп! Дириэктэрискэйгэ!» - диир дьарымталаах саҥата иһилиннэ. «ХС»
Балаакка аанын диэкиттэн дьарымталаах саҥаны истэн, Максим эргиллэ түспүтэ. «ХС»

долгуһут

долгуһут (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Түргэнник, тохтоло суох биир тэҥ күдэхтээхтик уһун, айаннаа. Течь, двигаться мощно и размеренно без остановки (напр., о широкой полноводной реке или ходе лошади рысью)
Тээнэ омуннаахтык устан долгуһутар. Я. Семенов. Ат, биир кэм долгуһутар дьоруотугар бигэтэн, Хардааччы арааһы эргитэ саныыр. С. Никифоров
Киэҥ Өлүөнэ эбэ хотун долгуһута сүүрэ сыттаҕа улуутун! «ХС»
2. Биир тэҥ киэҥник, холкутук ыллаа, туой. Петь широко, свободно
Кини ыллаатаҕына куолаһа ордук аһыллан, чөллөрүйэн, хайдах эрэ таптыыр Тааттатын үрэҕин сүүрүгүн курдук кутуллан, иһиттэн иэйэн ыллаан долгуһутар. «ХС»

чуур-чаар

чуур-чаар (Якутский → Якутский)

сыһ. Кылгас, хатан тыаһы таһааран (тугу эмэ гын). Издавая, производя короткие, звонкие звуки, похожие на «ширк-ширк» (делать что-л.)
[Кыыс Кыскыйдаан:] Алаата оҕолор… Эр киһи буолан бараҥҥын Эҥин-араас буолаҥҥын? (тумсунан тааһы чуур-чаар сотор). П. Ойуунускай
Ыаҕайа түгэҕэр үүт тыаһа, сүтэ-сүтэ, чуур-чаар гыммыта, онтон улам чөллөрүйэн, чуп-чурулас буолан барбыта. П. Аввакумов
Баһылай оҕонньор охсуутугар бараары хотуурун чуур-чаар сытыылыы турда. В. Гольдеров

лып-

лып- (Якутский → Якутский)

Даҕааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, лы-, лыҥ- диэн саҕаланар олохторго сыстар: лып-лыбыгырас, лып-лыһыгырас, лып-лыҥкынас. Препозитивная усилительная частица прилагательного, присоединяемая к основам, начинающимся на лы-, лыҥ-: лып-лыбыгырас, лып-лыһыгырас ‘сильно стучащий друг о друга (напр., о зубах)’, лып-лыҥкынас ‘непрерывно звеня щий (напр., о к о л о к о л ь ч и к е)’
Ньукууча титирээн, тииһэ лып-лыбыгырас буолбут. Суорун Омоллоон
Демьянов лиэктэр күөмэйэ эбии чөллөрүйбүт курдук, лып-лыҥкынас. Н. Габышев
Сыалаах мас лабаатыгар эриэхэлээн сии олорор тииҥ тииһин тыаһа лып-лычыгырас. В. Миронов

бобо

бобо (Якутский → Якутский)

сыһ. Сүүрбэт, кэлбэт-барбат, хамсаабат гына ыксары, ыга (тут, баай уо. д. а.). Туго, крепко, плотно (держать, завязать и т. д.). Бобо тут. Куул айаҕын бобо баай. Былаатын бобо баанна
Ийэ кини илиитин икки сылаас илиилэринэн бобо тутан турда. Амма Аччыгыйа
Оҕотун көрөн, үөрүүтүттэн, бобо тутар күөмэйэ чөллөрүйдэ. А. Сыромятникова
[Өрүс] бобо ылан буойа-хаайа сыппыт дьаптал мууһун дьэ хоҥнорон, сайгыччы уста сытта. С. Федотов
Бобо бэрдэр — соһуйан, өмүттэн эбэтэр олус долгуйан, күөмэйгин туох эрэ бүөлээбитин курдук, эмискэ саҥаҥ кыайан тахсыбат буолан ыл. Внезапно ощутить спазм или комок в горле (будучи ошеломленным или крайне взволнованным)
«Эһигини көрсөөрү...» — Маша үөрүүтүттэн бобо бэрдэрэн ситэ эппэтэ. А. Сыромятникова
Кэпсэтэр кыаҕым адьас суох — барытыттан бобо бэрдэрэн хааллым. П. Тобуруокап. Тэҥн. бөтө бэрдэр. Бобо тут — кыараҕас буолан ыга тута сырыт. Быть тесным, жать (об одежде). Бэргэһэтэ бобо тутар эбит. Бачыыҥкам бобо тутта