Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эппэҥнээ

дьүһ. туохт.
1. Дириҥник тыын, аҕылаа, көбүөхтээ; тыын быһаҕаһынан тыын. Едва переводить дыхание, запыхаться; судорожно хватать воздух ртом
[Эрдэлиир] Маайыс иннигэр киирэн кыайан саҥарбакка, өрө эппэҥнии турда. Амма Аччыгыйа
Үөһэ тахсан, ампаардаах киһи уҥуоҕун таһыгар тохтоон, биир кэм өрүтэ эппэҥнии турбута. Күннүк Уурастыырап
Кэлин бэл тутуура да суох үһүс этээскэ эппэҥнээн тахсарыттан дьиктиргээбитэ. Е. Неймохов
2. көсп. Өрүтэ көбүөхтээ, дьалкылын, эҥсилин (уу ньуурун, долгуну этэргэ). Вздыматься, колыхаться, дыбиться, волноваться (о поверхности воды, волнах)
[Оччугуй өрүс] тымныынан тыынна, үрүҥ сиэллээх долгуннарынан эппэҥнээтэ. Л. Попов
Улуу Өлүөнэ эбэ хотун Ортотунан өрүтэ үллэҥнээтэ, Кытыытынан эппэҥнии долгуҥнаата. С. Васильев. Байҕал биир кэм эппэҥниир, Биһиги эрдиибит элэҥниир. Эвен фольк.

Якутский → Русский

эппэҥнээ=

равн.-кратн. от эппэй=; кыайан саҥарбакка, эппэҥиии турбута он стоял тяжело дыша, не в силах говорить.


Еще переводы:

запыхаться

запыхаться (Русский → Якутский)

сов. разг. аҕылаа, бөтүөхтээ, эппэҥнээ; запыхаться от бега сүүрэн аҕылаа.

вздыматься

вздыматься (Русский → Якутский)

несов. өрүкүй бурҕай; эппэҥнээ; его грудь вздымалась от волнения долгуйан түөһэ эппэҥнэс буолбута.

кыыһыр-абар

кыыһыр-абар (Якутский → Якутский)

туохт. Кырыгыран туран кыыһыр, киҥнэн. Разгневаться, прийти в ярость
Хобороос күн аайы майгыта-сигилитэ уларыйан, эригэр кыыһырара-абарара эбиллэн испитэ. А. Софронов
«Маайа, тоҕо тыаҕа тахса сырыттыҥ диибин ээ?» — диэтэ Сэмэнчик эппэҥнии-эппэҥнии, сирэйэ кытаран хаалбыт, хараҕа уоттаммыт, илиитэ-атаҕа босхо барбыт, бэрт улаханнык кыыһырбыт-абарбыт. Н. Неустроев
Манчаары Баһылай эмискэ ойон турар. Кыыһырбыт-абарбыт көрүҥнээҕэ. Н. Якутскай

араҥсый

араҥсый (Якутский → Якутский)

туохт. Кылгас кэмҥэ уонна кыратык ыарытый. Прихворнуть
[Уордаах хардааччы мохсоҕол көтөн] Аан ийэ дойдуттан Арахсан киирэн барбытыгар, Ийэбиттэн ылбыт Эт мэйиим эппэҥнээн барда, Аҕабыттан ылбыт Айыы санаам араҥсыйан барда. С. Зверев

көбүөхэйдэн

көбүөхэйдэн (Якутский → Якутский)

туохт. Тыын былдьаһар курдук, эппэҥнии тыынан саҥар. Говорить, рассказывать взахлеб, едва переводя дыхание
Кэлэ-бара сылдьан көрдөххө көлүкэлэрин үрдэ көстүбэт кус буолбут этэ, — диэн кэпсээн көбүөхэйдэнэр, биир собо курдук, морумолтоҕор киһи. Р. Кулаковскай

күүрбэхтээ

күүрбэхтээ (Якутский → Якутский)

күүр диэнтэн тиэт
көрүҥ. [Түмэппий] икки хараҕа уоттанан баран, иэдэстэрин быччыҥнара күүрбэхтии турда. Амма Аччыгыйа
[Өлүөнэ өрүс] Эппэҥнээн, эргиччи күүрбэхтээн, Эбэккэм эдэрбин тириэртэ, Элэҥнэс туос тыыбын үүрбэхтээн, Эрдиигэ илиибин ириэрдэ. Р. Баҕатаайыскай

түллүмэхтээ

түллүмэхтээ (Якутский → Якутский)

түлүн диэнтэн тиэт
көрүҥ. Оҕонньор ох тыллара Дьөгүөссэ үөйбэтэх-ахтыбатах өттүнэн киирдилэр, сүрэҕэ тохтуу-тохтуу түллүмэхтээн ылла. М. Попов
Хомо киэҥ иэнэ төһө да эппэҥнии түллүмэхтээн ыллар, олус кэрэтийэн, тупсан, толбоннуран көстүбүтэ. «Чолбон»

хараарыҥнаа

хараарыҥнаа (Якутский → Якутский)

хараар диэнтэн б
тэҥ. көстүү. [Кырса] Тимэх курдук хап-хара мунна барбах аҕай хараарыҥныыр. И. Данилов
Өрүс түллэҥнээн, хараарыҥнаан, эппэҥнээн кэлбитэ. С. Никифоров
Табалар айаннаан күдэрик быыһынан муостара хараарыҥныыр, эҥээннэрэ тачыргыыр. «Чолбон»

долгуҥнаа

долгуҥнаа (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт.
1. Тыалтан биир тэҥ өрүтэ түллүтэлээ, күөгэлдьий (хол., уу ньуурун туһунан). Равномерно колебаться, волноваться от ветра (напр., о водной поверхности)
Киэҥ муора урсуна бүттүүн хамсыыр, эппэҥнии долгуҥнуур. И. Эртюков
Ол икки ардыгар Улуу Өлүөнэ хотун Ортотунан өрүтэ түллэҥнээтэ, Кытыытынан эппэҥнии долгуҥнаата. С. Васильев
2. Тыалтан биир тэҥ куоҕаҥнаа, эйэҥнээ (хол., бурдуктаах бааһына). Равномерно качаться, колыхаться от ветра (напр., о ниве, густой траве)
Үрдүк уктаах үтүө бурдук Үрдэ тыалтан долгуҥнуур. Дьуон Дьаҥылы. Эҥкилэ суох дэхси хонуу үрдүнэн киһини сототунан охсуллар хойуу от долгуҥнуу оонньуур П. Филиппов
Талах ойуур лабыкчата Тыалга хамсаан долгуҥнаата. С. Васильев

билээхтээ

билээхтээ (Якутский → Якутский)

бил диэнтэн атаах.- аччат. Ыарыытын букатын билээхтээбэт, быыстала суох эппэҥнии, хардыргыы сытар. Амма Аччыгыйа
Бу уолчааны дьон-сэргэ кистии-саба «Кулуба уола» диэн ааттыыллар. Ол кырдьык. Ону Хараанай эмээхсин кимнээҕэр да ордук билээхтиир. И. Гоголев
[Даайыс:] Олус түлэкэдийэн хаалан, тугу да билээхтээбэт ээ. А. Сыромятникова