железный дугообразный скобель (для обработки кожи) # этирик түөстээ = довести до крайнего истощения, изнурить (человека нещадной эксплуатацией).
Якутский → Русский
этирик
Якутский → Якутский
этирик
аат., эргэр.
1. Тирии ис субатын кыһыйарга аналлаах токур тимир, кэдэрээн. ☉ Железный дугообразный скобель (для обработки кожи)
Бөдөҥ тоҥуулаах рашпиль эбэтэр этирик тимир суох буоллаҕына оҥоһуллуохтаах муос ньуурун бытархай тиистээх быһах эрбиинэн ааллахха, оллура-боллура көнүөн сөп. ПСН УТС
2. кэпс. Таҥаһы аалан сууйарга аналлаах, долгун-долгун курдук быһыылаах тимиртэн оҥоһуллубут тэрил. ☉ Стиральная доска
Татыгыр курдук Тамыйах ыстааннаахтар, Этирик курдук Эмчиирэ этэрбэстээхтэр. Өксөкүлээх Өлөксөй
Көрүөххэ сүрүн ньии: тураах атах, Сигэ бордообут ыстаан иитэ, Көтөҕө үүммүт чохоҕор кэтэх, Этириктээх икки илиитэ. Таллан Бүрэ
3. көсп., кэпс. Уустугурдуу (ханнык эмэ дьыаланы); эрэй, кыһалҕа. ☉ Затруднение, осложнение; трудности, сложности
Үгүс-элбэх этиригэ суох, уруккуттан сөбүлүүр идэтинэн үтүмэхситтиэн санаталыыр. Н. Борисов
[Табаары] Алаҕар, Мугудай нэһилиэгин олохтоохторо бэрт эрэйинэн, үгүс этиригинэн Дьокуускайтан көлөнөн тиэйэн аҕалаллара. «ХС»
♦ Этирик түөстээ, иҥиир тараһа- лаа — иҥиир тараһалаа, этирик түөстээ диэн курдук (көр иҥиир)
Үлэ миигин үйэм тухары бу айылаах гынна… Иҥиир тараһалаата, этирик түөстээтэ, кылгас сонноото. Суорун Омоллоон
Бар дьону Этирик түөстээн, иҥиир тараһалаан, Байар-тайар бардам судаарыстыбалар. М. ТимофеевТерёшкин
ср. хак. изрек, алт. эдрек ‘кожемялка’
Еще переводы: