Якутские буквы:

Якутский → Русский

үтүгэнник

нареч. разг. (довольно) много, (достаточно) много, изрядно; кини миэхэ балыгы үтүгэнник биэрдэ он мне дал много рыбы.

үтүгэн

  1. разг. изрядный, порядочный, достаточный || изрядно, порядочно, достаточно, довольно много; үтүгэн киһи мустубут собралось достаточно много народу; 2. миф. пропасть, бездна; түөрт үтүгэн или үтүгэн түгэҕэ подземный мир; преисподняя; хайа үтүгэҥҥэ тустэ ? куда он запропастился (букв. в какую пропасть он провалился?).

Якутский → Якутский

үтүгэнник

сыһ. Элбэх соҕустук, балаччатык. Довольно много, достаточно, изрядно
Онно эмээхсин баҕайы хааххайдаан [харчыны] үтүгэнник биэрбэтэҕим. Н. Түгүнүүрэп
Мин Халымам сылдьыбыт ыалдьыты үтүгэнник күндүлүүр үтүөкэн баай ыаллардаах. «Кыым»

үтүгэн

I
аат., эргэр.
1. Олоҥхоҕо абааһылар олорор Аллараа дойдулара, үөдэн түгэҕэ. В олонхо: Нижний мир, где обитают злые духи — абаасы (абааһы), преисподняя
Онуоха тыас өрө ньиргийэ түһэр да, тимир хаппахчы икки аҥыы ыллас гына түһэр. Ньургун Боотур дьөлөрү үтүгэҥҥэ киирэр. П. Ойуунускай
Туһааннаах убайым Тойон Дьөллүүт бухатыыры Түөрт үтүгэн түгэҕиттэн Түптүр дьуоҕаттан босхолуом, Экчи биири этэбин. П. Ядрихинскай
2. Өлүү-сүтүү, алдьархай, иэдээн. Беды, несчастья
Өлүү, мээр, болдьохтоох. Үтүгэн син биир туох эрэ төрүөттээх, Киэһэлик дьонноро Дьэ дьиэлиэх буолтара: Тыылара мэлийбит, Тыыларын уу илпит. С. Данилов
Үтүгэн төрүөттээх диэбиккэ дылы, сол киэһэ биһигини, биэс киһини, таһырдьа ыҥыран таһаардылар. И. Никифоров
3. кэпс. Дьон олорбот түҥкэтэх ыраах сирэ, сис дойду. Неизвестная даль
Уолаттарым булду сырсан хайа үтүгэҥҥэ түспүттэрэ биллибэт. «ХС»
II
даҕ. Элбэх, туохха эмэ сөп буолар курдук элбэх. Изрядный, достаточный, значительный по количеству
Сылгым үөрүттэн үтүгэн өттүн Сыһыыттан үүрэн барбыттара. И. Гоголев
Арааһа биир сиэптэн нөҥүөҕэ үтүгэн соҕус үбү уһуннарар сир быһыылаах. «ХС»
Үтүгэн хаан иччитэ түөлбэ. — тыатааҕы иччитэ. Хозяин леса, духхранитель медведя
Үтүгэн хаан иччитин бэҕэһээ түһээн көрүстүм. НАГ ЯРФС II. Үтүгэнэ күөрэйбит түөлбэ. — олоҕун олорбут, өлөрө чугаһаабыт (киһи). Проживший большую часть жизни, ждущий своего конца (букв. худое его всплыло)
Биһиги үтүөбүт бүтэн, үтүгэммит күөрэйбит дьон, эмиэ тоҕо үрүҥ-хара буолуохпутуй? А. Сыромятникова
ср. др.-тюрк., тюрк. өтүкэн ‘место обитания тюрков в Северной Монголии’


Еще переводы:

көбүөччү

көбүөччү (Якутский → Якутский)

көр көбүччү
[Ньукулай оҕонньор:] Онно эмээхсиним баҕайы хааххайдаан үтүгэнник биэрбэтэҕим. Дьэ кырдьык, буруйдаах эбиппин. Дьэ көҥүллээн ыыттаххына, билигин тойоммор көбүөччү соҕус саныаҕым. Н. Түгүнүүрэп

мэдэн

мэдэн (Якутский → Якутский)

даҕ., түөлбэ. Олус аҕыйаҕа суох, үтүгэн. Вполне достаточный.

төрүөттээх

төрүөттээх (Якутский → Русский)

имеющий повод, причину для чего-л.; өлүү болдьохтоох, үтүгэн төрүөттээх погов. несчастье предопределено, беда имеет причину.

кэҥириир

кэҥириир (Якутский → Якутский)

кэҥириир кэтит үтүгэн фольк. — олус кэҥээн, дириҥээн иһэр көҥүс сир. Безмерно расширяющаяся, углубляющаяся пропасть, бездна
Кэҥириир кэтит үтүгэн түгэҕэр кэрикуру күннээх, кэмсиин-кумсуун сыттаах …… лиэһэй улууһун киэҥ ыыра, кэтит тусаһата — «уһун киэҥ» диир буолаллара. ПЭК ОНЛЯ VI
Тэбистэххэ кэйбэлдьийбэт Кэҥириир кэтит үтүгэн Кэлтэгэй кэскиллээх, Кэп бараан дойдутун …… Кэдэрги киэптээн, Киирэн баран испитэ үһү. Күннүк Уурастыырап
[Холорук чыычааҕы] Кэҥириир кэтит үтүгэн Түгэҕин диэки Түҥ-таҥ тутан, Түҥнэри ытыйбыта. Суорун Омоллоон

үөтүгэн

үөтүгэн (Якутский → Якутский)

көр үтүгэн I
Тимир тиһиктээх, Кэҥириир кэтит үөтүгэн диэки Түп-тап тутан, Түҥнэри ытыйбыта. Саха фольк. Мин түһүүр түүлүм төттөрү, биттэнэр битим кэдэрги. Эн буоллаххына, үрдүк халлааҥҥа ураҕас туттаҕын, Нэрэлиир Нэс үөтүгэн түгэҕэр Ньиксиир быстаҕын. Эрилик Эристиин

доҕуһуоллаах

доҕуһуоллаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Тугу эмэ сабыдыаллаан үөскэтэн таһаарардаах. Имеющий сопровождение, сопровождаемый; возникающий под влиянием чего-л.
Үчүгэй эмиэ доҕуһуоллаах, куһаҕан эмиэ содуллаах (өс хоһ.). Тоҕус холорук доҕуһуоллаах, аҕыс сата аргыстаах, сүллэр этиҥ ньиргиэрдээх …… ат атаҕын тыаһа үөһэ дьөлөрү үтүгэн аартык айаҕар иһилиннэ. П. Ойуунускай

уодьуган

уодьуган (Якутский → Якутский)

көр уостуган
[Сылгы] Омунугар, уоругар Уодьуганын көмүллүүрэ. Л. Попов
Уодьуганнар кылыргыыллар. Уот ч. Уохтаах акка — ыстаал уодьуган наада! М. Горькай (тылб.)
Уодьуганын тарт (тут) көр тарт
Түптүр үтүгэн түөкүнэ, Уоран-талаан барбыккын, Умса баттаан ыламмын, Уодьугаҥҥын тардыам. П. Ойуунускай
Тойоттору уодьуганнарын тардыахпыт!.. Л. Попов
[Оруос Баай обургу дьаалыны] Умсары уурдум, тиэрэ тэптим, Уодьуганын туттум, тэһиинин тартым. «ХС»
ср. тюрк. аҕызлык, ооздук, ауыздык ‘удила’

дьирбин

дьирбин (Якутский → Якутский)

  1. көр дьилбин. Тэгил дойду дьирбиннээҕэ Дойдубутун долгутта. П. Ядрихинскай
    Илиэһэй дьирбинэ Иһин түгэҕиттэн өрө мэҥийдэ, өттүгүн охсунна. Саха фольк. Түптүр үтүгэн бэттэрэ Дириҥ дойду дьирбиннэрэ Дьэбилгэннээх дьэбин харахтарынан Дьэбидиччи көрөн бараннар, хайҕаатахтара [буоллулар]. П. Ойуунускай
  2. үөхс. Чэпчэки майгылаах дьахтары үөҕэр тыл. Ругательство в адрес женщины легкого поведения
    Титирик дьиэлээх дьирбин кыыс баар үһү (тааб.: кэкэбука (эриэн чыычаах)). Дьирим тиийбэт дьирбинэ буоллаҕай! ПЭК СЯЯ
балбаах

балбаах (Якутский → Якутский)

аат. Таһарга анаан тустуспа чөмөхтөргө, кэлимсилэргэ тоҥоруллубут сүөһү сааҕа. Глыба замерзшего скотского навоза, специально приготовленная для вывоза
Иванов дал кэнниттэн тахсар, тыаҕа балбаах тоҕор суолга атын баайда уонна ыалга сулбу хааман киирдэ. М. Доҕордуурап
Онтон олбу диэки сүүрэкэлии сылдьан, кыһын балбаах тоҕор сириттэн, мүлтүччү элэйэн хаалбыт саах күрдьэҕин элээмэтин булан ылбыт. Күннүк Уурастыырап
Саалар сытыы уоттара кылахачыстылар, окуопалар үрдүлэринэн буулдьалар чыбыгырастылар, тоҥ балбаахха түһүтэлээн табыгырастылар. Амма Аччыгыйа
Саах балбаах саҕа көр саах
Түптүр үтүгэҥҥэ олохтоох Түүнүктээх ньүкэн-буурай улуустарым, Саах балбаах саҕа Сараһын эмэгэт дьайдарым! Бука барыгыт Быдан-быдан дьылларга Быралыйа бырастыыларын. П. Ойуунускай

түөрт

түөрт (Якутский → Якутский)

төһө ахс. аат.
1. 4 сыыппараны, чыыһыланы, ахсааны бэлиэтиир тыл. Слово, обозначающее число, цифру 4
Түөрт оҕо биир бэргэһэлээх үһү (тааб.: остуол). Сылгы түөрт ойоҕоһун кэһиилэнэн баран, Манчаары ийэтиттэн көрдөспүт. МНН
Кинилэр түөрт эрэ ый бииргэ олорбуттара. «ХС»
2. кэпс. Тардыы сыһыарыыланан «түөртээх, түөрт саастаах» диэн суолтаҕа туттуллар. В притяжательной форме употребляется в значении «четыре года кому-л., четырёхлетний»
Чаппа уола, аҕыйах хонуктан бэттэх, түөртээх сур соноҕоһу айааһаан дьэргэтэн сылдьар. Амма Аччыгыйа
Улахан оҕом биэстээх, иккиһим түөрдэ. Эрилик Эристиин
Били, мин түөртээх доруобум көмөлөстө. И. Сосин
3. Оскуолаҕа «лаппа үчүгэй» («туйгуннааҕар» эрэ намыһах) билиини бэлиэтиир сыана. Школьная отметка успеваемости, означающая «хорошо», четвёрка. Оҕото уруһуйугар түөрдү ылбыт
Ол да буоллар өйтөн суруйуубун түөркэ суруйбут этим. Софр. Данилов
Анды түөрт харах буолар — анды (атын да кус) саарар, түүлэнэр кэмигэр ыраахтан түөрт харахтаах курдук көстөр. Во время линьки у турпанов (у других уток тоже) издалека кажется, что у них четыре глаза
Анды түөрт харах буолтун истэн баран, сайыҥҥы от үлэтигэр киирэрим уонна алааһым ходуһатын саха хотуурунан аҕыйах күн тоҕо дайбаан кэбиһэрим. В. Протодьяконов
Түөрт атах буол көр атах. Арамаан мэйиитэ эргийэн охтон түстэ, онтон түөрт атах буолан туран иһэн, эмиэ кыайан уйуттубата. Ф. Софронов. Түөрт атах түс — муҥ кыраайгынан сүүр (ат туһунан). Пускаться вскачь (о лошади). Кини уксубут ата бастакынан түөрт атах түстэ. Түөрт үтүгэн миф. — Аллараа дойду, аат. Подземный мир, преисподняя
Түөрт үтүгэнинэн Түгэхтэммитэ үһү. П. Ойуунускай. Түөрт үүтэ-аана бүөлэммит — ханна да барар-кэлэр сирэ суох буолбут. соотв. быть загнанным в угол. Түөрт үүтүм-ааным бүөлэннэ быһыылаах диэн, олус ыксаабыт. Түөрт харахтаах хааннаах хара ыт үөхс. — хара түөкүн, сиргидэх. Негодяй, подлец, гадина (одно из отборных якутских ругательств). Түөрт харахтаах хара хааннаах хара ыт, ханна сылдьара буолуой? Үс (түөрт) саха — үс саха диэн курдук (көр саха). Үс саха үөскүү, түөрт саха төрүү илигинэ. Саха фольк.
Түөрт илии хаһалаах — түөрт тарбах халыҥа хаһалаах. С брюшным жиром толщиной в четыре пальца. Сахалар сылгы көтөҕүн-эмиһин быһаарар сүрүн бэлиэлэрэ: түөрт илии хаһалаах. Түөрт муннук мат. — түөрт туочуканы холбуур сурааһыннартан турар фигура. Четырёхугольник. Оҕолоор, түөрт муннук иэнин быһаарыҥ
Түөрт муннук ойуулаах симэхтэри …… килэгир сирэйдээх тимиринэн охсон таһаараллар. НБФ-МУу ОТАТ. Түөрт сүүс — 1) сүүһү түөртэ ылбыт саҕа ахсаан. Четыреста. Түөрт сүүстэн тахса ахсааннаах нэһилиэнньэ; 2) кэпс. Түөрт солкуобай. Четыре рубля. Түөрт сүүһү иэс биэрбит. Түөрт уон — отуттан уонунан ордук ахсаан. Сорок
Түөрт уон буут тахсыбыта дуу? Күндэ
Тыа солооһунугар Түөрт уонча киһини туруорары ситистэ. М. Доҕордуурап
др.-тюрк., тюрк. төрт, дөрт