Якутские буквы:

Якутский → Якутский

үөдэн

аат.
1. миф. Аллараа дойду, абааһы дойдута. Нижний мир, преисподняя, ад
Кырынаас дьаарын курдук ыы-дьаар сыттаах өлүү үөдэн дойдутун кирбиитин үрдүгэр турар эбит. Ньургун Боотур
Аҕыс уон сааспын Аҥаарыйа туоламмын, Үрүт уҥуоҕум өҥкөйөн, Күрэҥсийэ дьүдьэйэн, Үөдэним үүтүн өҥөйөн, Өлөр күнүм бүрүүкээн Олордоҕум үһү, оҕолоор! С. Зверев
Үөдэн айаҕа аһыллан туран оборон ыллын. ХИА КОВО
2. үөхс. Абааһы, дьаабал, дирээн (үксүгэр сэнээн этэргэ). Дьявол, чёрт, бестия
Кырдьык даҕаны, кыыһырбычча да бу үөдэни кытта охсуһаары гынным. Ньургун Боотур
Чыс кутуйах үөдэн Чобоотук чыҥыргыыр, Чычыпчааптар үөрдээн Сылдьаллар дабархайдыы. Баал Хабырыыс
[Ойуун — эдэр ойууҥҥа:] Үөдэн олус билээҕимсийэн, киһиттэн төһө эмэ ордук ойуун буолан. «Чолбон»
Үөдэн салаатын (сиэтин, тыыттын) — абааһы көрөн, сөбүлээбэккэ саҥа аллайыы. Выражение недовольства, сильной досады; соотв. пропади [оно] пропадом
Үөдэн салаатын, ити сүөһүлэргин харайталаа. Н. Апросимов
[Укулаанап:] Тиэйбэт буолла дуо, сөп буоллаҕа дии. Үөдэн тыыттын кинини. В. Протодьяконов
Кэбэлий! Киэр буол мантан! Үөдэн сиэтин! Баал Хабырыыс. Үөдэн түгэҕэр — ханна эрэ олус ыраах, кыайан эргийбэт сиргэр. соотв. у чёрта на куличках
Аакка таҥнаһынным дуу? Үөдэн түгэҕэр түстүм дуу? Өксөкүлээх Өлөксөй
«Бай, үрүҥнэрбит үөдэн түгэҕэр түспүттэр буолбаат?! — диэтэ Булумдьу — Аҕыйах хонуктааҕыта тиэргэн иһэ үллэҥнэс киһи этэ». Л. Попов
Сыарҕалаах ат, аан туманы олбохтонон, ханна эрэ үөдэн түгэҕэр көтөн эрэргэ дылы. А. Фёдоров
<Үс күлэр> Ньүкэн <Үөдэн> түгэҕэ (төрдүгэр) көр ньүкэн. Үс Ньүкэн үөдэн түгэҕин дойдутун тоҕута тэпсэллэригэр тиийдилэр. Саха фольк. Чэй эрэ, түргэнник Үс Ньүкэн Үөдэн түгэҕэ дьиэҕиттэн тахса тарт! Ньургун Боотур
Илин эҥээргэ Дуолан Хара диэн Ньүкэн Үөдэн түгэҕиттэн да күөрэйбитэ, Халлаантан да түспүтэ биллибэт Туйгун боотураат баар буолла. И. Гоголев
ср. п.-монг. егүдэн ‘дверь’

хайа үөдэн

саҥа алл. сыһыан холб. Саҥарааччы саарбахтааһынын, мунаарарын көрдөрөр. Выражает сомнение, недоумение говорящего (что ли)
Төннүөм дуу, хайа үөдэн? Суорун Омоллоон
Акаары дуу кини, хайа үөдэн. И. Семёнов
Сүттэ дуу, хайа үөдэн дуу. Р. Кулаковскай
Кыратык үөхсүү дэгэттэнэр. Имеет незначительный оттенок ругани
Хайа үөдэн, санаатынан умайа турар кыраһыыннаах баҕайыный. Амма Аччыгыйа
Кырата доҕолоҥнуур. Хайа үөдэн, атаҕа суох дуу. Болот Боотур

үөдэн-таһаан

аат. Ыһыллыытоҕуллуу, күөрэ-лаҥкы түһүү. Беспорядки, хаос
Сибилигин уруу малааһына буолуох буолта үөдэн-таһаан дүбдүргэнинэн солбулунна. М. Доҕордуурап
Тула өттүлэригэр бүлүмүөт, аптамаат тыаһа битигирээбитэ. Уолаттар үөдэн-таһаан ортотугар биирдэ баар буола түспүттэрэ. Күрүлгэн
Французтар илиилэригэр куорат буолбакка, үөдэн-таһаан хаалбыта. АС НИСК
Үөдэн-таһаан буолбут — алдьаммыт-кээһэммит, ыһыллыбыт-тоҕуллубут, күөрэ-лаҥкы барбыт. Превращаться в беспорядок, хаос
Дэриэбинэ бэйэтин иһэ буоллаҕына, биир да бүтүн түннүктээх-үөлэстээх дьиэ диэн суох гына барыта алдьанан, үөдэн-таһаан буолбуттар. Эрилик Эристиин
Үөдэн-таһаан буолбут быһыты үлэһиттэр кыһыйбыт-абарбыт харахтарынан көрөн турдулар. А. Фёдоров
Туох эрэ куһаҕан буолбута. Дьон сирэйэ-хараҕа бары ыгыллыбыт, дьиэ иһэ хайдах эрэ үөдэнтаһаан буолбут курдуга. Д. Таас. Үөдэн-таһаан оҥор — алдьат-кээһэт, ыс-тох, күөрэ-лаҥкы ыыт. Учинить беспорядок, устроить хаос, перевернуть вверх дном
Хараҥа ыыспаҕытын үлтү үктээн, үөдэн-таһаан оҥортоон барыам, ыттар! Амма Аччыгыйа
Акылааппытын быһыта кэрдэн эмиэ үөдэн-таһаан оҥорбуттар. М. Доҕордуурап
Дьадаҥы ыал чуумпу балаҕаныгар эмискэ ааспыт үйэ ыар аргыһа — сор-муҥ холоруга — киирэн үлтү ытыйан, үөдэн-таһаан оҥорон кэбистэ. ОИП Х

Якутский → Русский

үөдэн-таһаан

беспорядок, хаос || беспорядочный, хаотический || беспорядочно, хаотически; оҕолор хос иһин үөдэн-таһаан түһэрбиттэр дети учинили в комнате беспорядок.


Еще переводы:

нүкэн

нүкэн (Якутский → Русский)

нүкэн үөдэн дойдута уст. глухое, дикое, необитаемое место.

дирээн

дирээн (Якутский → Якутский)

аат., үөхс. Дьиккэр, үөдэн. Дрянь, ничтожество. Бу албынынкүтүрүн, дирээн

ад

ад (Русский → Якутский)

м. 1. рел. аат, үөдэн; 2. перен. (невыносимая обстановка) өлүү, иэдээн.

дрянь

дрянь (Русский → Якутский)

ж. разг. I. (негодная вещь) бөх, бөх мал; 2. (о человеке) дирээн, дьиккэр, үөдэн.

ньуулдьаҕай

ньуулдьаҕай (Якутский → Якутский)

көр ньулдьаҕай
[Нүһэр Дархан:] Үөдэн билигин да ньуулдьаҕай, Илбис иҥэриэххэ, дуулаҕа кэтэрдиэххэ эрдэ. И. Гоголев

күүрүс

күүрүс (Якутский → Якутский)

күүр 2 диэнтэн холб. туһ. Бэрди кытта мэккиһэн, Күүстээҕи кытта күүрсэн, Үөдэни кытта өлөрсөн [баран өлбүппүт ордук]. Өксөкүлээх Өлөксөй

тохсуо

тохсуо (Якутский → Якутский)

хом. ахс. аат. Ким, туох эмэ тоҕус ахсааннааҕын бэлиэтиир тыл. Девятеро, вдевятером. [Быыпсай ойоҕо:] Тохсуолар дуу, үөдэн дуу… Суорун Омоллоон

адский

адский (Русский → Якутский)

прил. 1. рел. аат, үөдэн; 2. разг. (чрезмерный) өлүүлээх, иэдээннээх, амырыын; адская жара иэдээннээх куйаас; 3. (злобный) иэдээннээх, уодаһыннаах; адский замысел уодаһыннаах санаа.

бездна

бездна (Русский → Якутский)

ж. 1. (пропасть) үөдэн; чүөмпэ (пучина); морская бездна муора чүөмпэтэ; 2. в знач. сказ. разг. (множество) түгэҕэ суох элбэх, баһаам элбэх; бездна дел түгэҕэ суох элбэх дьыала.

дыра

дыра (Русский → Якутский)

ж. 1. хайаҕас, дьөлөҕөс, тэһэҕэс; в дырах хайаҕастардаах; 2. разг. (захолустье) үөдэн түгэҕэ (түҥкэтэх сир); # заткнуть дыру хайаҕаһы бүөлээ (туох эмэ кыһалҕаны толуй).