Якутские буквы:

Якутский → Якутский

үөрэҕэстэн

үөрэҕэстээ диэнтэн бэй., атын
туһ. Ол айыылаахха [буомба эстиитигэр] Ойуур тыа ордуо дуо? Үгүс бэс Үөрэҕэстэнэн үлтүрүйдэ, Элбэх талах Имиллэн илдьирийдэ. С. Васильев
Илимнэрин уҥа курааҕар биир улахан соҕус, ортотунан үөрэҕэстэнэр сордоҥ иҥнэн сылдьарын арааран ылбыттара. Далан
Үөрэҕэстэммит били кыһан кырылатан, улахан тимир нэлэгэргэ өрөһөлөөн баран, амтанын билэн сэмээр сии-сии, кэпсэтии-ипсэтии салгыы барда. С. Маисов

үөрэҕэс

аат. Туох эмэ (хол., улахан балык, мас о. д. а.) туора быһыллыбыт кэрчигэ. Кусок нарезанной поперёк крупной рыбы, обрубок большой лиственницы (особенно, если это нижняя часть ствола)
Баай тиит бастыҥ үөрэҕэһин быһыта сынньан ылан байбаччы олордон кэбиспит курдук барылы быччыҥнаах эбит. Ньургун Боотур
Киэсэ булуустан биэс-хас киилэлээх хатыыс үөрэҕэһин таһааран харыстаах саха быһаҕынан устуруус көөбүлүн курдук, тэбис-тэҥник кыһан кырылатта. Н. Лугинов
Ити балыктан биир обургу соҕус үөрэҕэһи сулбу элитэн ылан, ыалдьа сытар эдьиийгин мииннээ. Н. Заболоцкай

Якутский → Русский

үөрэҕэс

кусок, часть чего-л.; балык үөрэҕэһэ кусок рыбы.


Еще переводы:

араҥастан

араҥастан (Якутский → Якутский)

араҥастаа диэнтэн атын
туһ. Аламай күнтэн араарыллан, Араҥастаммыт эбиппин дии. Алдьархайбын ньии! Суорун Омоллоон
Кэлиэххэ — Кэлии үүтэ бүөлэннэ, Үөһээ бөҕө Үөрэҕэстэннэ, Аллараа бөҕө Араҥастанна, Урааҥхай бөҕө Урусхалланна. П. Ойуунускай

баллыр

баллыр (Якутский → Якутский)

I
аат. Сүөһү, кыыл саннын уҥуоҕунан үөрэҕэстэммит илин атаҕа. Передняя нога скота, зверя, обрезанная по лопатке
Тайах баллыра. СГФ СКТ
Тайаххыт этиттэн ким төһө кыайарынан дьэ сүгэн көрүҥ. Баллырдарын силиитин охсон ылыахха. Р. Кулаковскай
II
аат. Туох эмэ оҥоһук бастакы торума. Первичная заготовка чего-л.
Күрдьэҕим баллырын оҥордум. —Кинигэм баллырын хаһыакка биэрбитим. Күннүк Уурастыырап
Бу даҕаны тылбаастар баллыр хоһооннор сиппиттэрэ-хоппуттара, дириҥ ис хоһоонноохторо көстөр. «ХС»
ср. тюрк. балдыр, палдыр ‘икры (ног)’

араарталаа

араарталаа (Якутский → Якутский)

араар диэнтэн төхт
көрүҥ. Бурхалей эһэни сүгэнэн быһыта сынньан үөрэҕэс-үөрэҕэс араарталаан, сиргэ тэлгэтэн кэбистэ. Эрилик Эристиин
Эрбии биитин кэриэтэ Тэҥҥэ үүнэн испиппит. Ардах буулдьа тибиитэ Араарталаан кэбиспит. П. Тулааһынап

үөрэҕэстээ

үөрэҕэстээ (Якутский → Якутский)

туохт. Үөрэҕэстэргэ араартаа, үөрэҕэс-үөрэҕэс гына быһыталаа. Разделывать, рубить что-л. поперёк (напр., большую рыбину, дерево), делить на большие равные куски
Тукаам, ити эрбии киллэрбитим. Туут балыгы эрбээн, үөрэҕэстиэ этибит. И. Гоголев
Бүгүн икки тиити үөрэҕэстээтилэр. В. Протодьяконов
Оҕолор охтубут тииттэри эрбээн үөрэҕэстииллэр. Ф. Постников
Хабырыыллаах били көтөҕөн киллэрбит биллэрин эрбээн үөрэҕэстээтилэр. С. Маисов

нырыылат

нырыылат (Якутский → Якутский)

нырыылаа диэнтэн дьаһ
туһ. Киэсэ булуустан биэс хас киилэлээх хатыыс үөрэҕэһин таһааран харыстаах саха быһаҕынан, устуруус көө бүлүн курдук, тэбис-тэҥник кыһан нырыылатта. Н. Лугинов

кулугулаа

кулугулаа (Якутский → Якутский)

туохт. Ааны олуурунан хатаа. Запирать на засов, закрепить запором
Бандьыыттар Ньылаарыс уус буускатын биинтэлэрин босхо саайталаабытын, кулугулаабатаҕын сэрэйбэтэхтэрэ. И. Федосеев
Аарыма тиит Алын үөрэҕэһинэн араамалаан, хардаҥ эһэ Халыҥ тириитинэн хаттаан, Улуу кыыл Уллугун уҥуоҕунан кулугулаан …… Ааннаабыт эбит. С. Васильев

суодаҕар

суодаҕар (Якутский → Якутский)

даҕ. Үрдүк, көнө (хол., сото). Длинный, стройный (напр., о голени)
Суон тиит үөрэҕэһин курдук Суодаҕар атахтаах, Балыксыт оҕонньор Баатын курдук Балтаҕар уллуҥахтаах. С. Васильев
Суодаҕар сото, Дьондоҕор атах, Куйаабыл моой Субуйа тумус, Субан туруйа. «ХС»

хайыталаа

хайыталаа (Якутский → Якутский)

хайыт диэнтэн төхт
көрүҥ. Барыта аҕыс бөрсүөктээх маһы хайыталаан, суоран оҥорбут балаҕан. Саха фольк. Уйбаан кураанах маһы хайыталаан, эбии оттон биэрдэ. Н. Лугинов
Үс үөрэҕэһи хайыталаан хатардахха, икки туу маһа тахсар диэн кээмэй баар. Хомус Уйбаан

хайытылын

хайытылын (Якутский → Якутский)

хайыт диэнтэн атын
туһ. Үөрэҕэс аҥаарын эмиэ хас да гына хайытыллар. Хомус Уйбаан
Сааскы мэччирэҥ икки сезоҥҥа хайытыллар: эрдэтээҥҥи сааскы, хойукку сааскы. РВ ТЯ
Оҕонньор да быар куустан олорбокко хайытыллыбыт хардаҕастары саһааннаата. А. Кривошапкин (тылб.)

байбаччы

байбаччы (Якутский → Якутский)

сыһ. Кэтирээн, үллэн көстөр гына, үллэччи (тугу эрэ туруор, олорт). Так, чтобы было раскидисто, широко (напр., посадить что-л.)
[Олоҥхо бухатыыра] баай тиит бастыҥ үөрэҕэһин быһыта сынньан ылан байбаччы олордон кэбиспит курдук барылы быччыҥнаах. Саха фольк. [Кыладыкы] Сырдык аҕай киинигэр, Сылам далбар быарыгар Балтархай сэргэбитин Байбаччы олордон биэрбит Баалтааны уустара Баар сурахтаахтара. П. Ойуунускай