даҕ. Үрдүк, үрдээн көстөр. ☉ Высокий, возвышенный
Онтон мин Эн киппэ эркиннэрдээх, Өндөл өһүөлэрдээх, Охсуу оҥоһуулаах Уоруккар киирэбин. Л. Попов
Кыра өндөл тахсыыга хас да киһи өлө сыталлара. Н. Якутскай
Хочо кытыытынааҕы өндөл сирдэр чинчиллибэккэ хаалбыттар. Тумарча
◊ Өндөл халлаан — үрдүк халлаан. ☉ Высокое небо
Витя тохтуу түһэр. Сүгэһэрин көннөрүнэр, ол туран, өрө көрбүтэ: үрдүк өндөл халлааҥҥа сулус бөҕө сандаарбыт, суол-иис быыгынаабыт. Н. Заболоцкай
Афоня иннигэр уһулу ойон тахсан, өндөл халлааны харбаһа үөрбэлии өрө үүнэн турар чочумаас тааһы одуулаһа истэ. С. Никифоров
Мин, өндөл халлааҥҥа өрө үүммүт үөрбэ таастары одуулаһа-одуулаһа, аргыый хааман иһэбин. «ХС»
ср. монг. өндүз ‘высокий’, бур. үндэр ‘высокий’
Якутский → Якутский
өндөл
Еще переводы: