аат. Туох эмэ (хол., ас-үөл, үп-харчы, мал-сал) дэлэгэйэ, элбэҕэ. ☉ Изобилие чего-л. (напр., продуктов, денег, вещей и домашнего имущества)
[Балыксыт:] Киниэхэ [кыыспар] мин элбэх баайы-талымы хаалларбаппын, бэйэтэ дьолун-соргутун булунуоҕа. П. Ойуунускай
Харатаайап кулубалаах баай-талым муҥутааннар, баар эрэ соҕотох оҕолорун куһаҕаннык тутуохтара дуо, оҕоттон эрэ ураты маанытык ииппиттэрэ. Н. Якутскай
[Уйбаан:] Дьэ кырдьык, барахсан баайа-талыма дэлэтэ дуо, үтүө киһи эбит. А. Софронов
Якутский → Якутский
баай-талым
Еще переводы: