прил. кэрииһит, эскил, көһө сылдьар; ускул, кос; бродячий актёр кэрииһит актёр; бродячая жизнь ускул олох.
Русский → Якутский
бродячий
Еще переводы:
дьэллик (Якутский → Русский)
бездомный, бродячий || бродяга; дьэллик ыт бездомная собака.
күрээйэх (Якутский → Русский)
беглец; бродяга || беглый; бродячий; күрээйэх ыт бродячая собака.
мэнээк (Якутский → Русский)
- нареч. 1) много, очень много; быйыл от мэнээк нынче травы много; 2) зря, напрасно; без цели; мэнээк лахсыйар зря болтает; 2. бесцельное бродяжничество, скитание || бродячий; мэнээк барбыт он ушёл бродяжничать; мэнээк кыыл бродячий зверь.
хаамаайы (Якутский → Якутский)
- аат. Түптээх үлэтэ-хамнаһа суох, ускул-тэскил сылдьар киһи. ☉ Человек, ведущий бродячий образ жизни, бродяга
Бытырдаанап бэйэтин куомуннаахтарын: хаартыһыттары, хаамаайылары түмэн нэһилиэгэр «Кыһыл Сулус» диэн артыалы тэрийэр. Р. Баҕатаайыскай
Күтүр өстөөх, оҕо баранан суол хаамаайытын оҕотун ылбыт буола-буола. Күннүк Уурастыырап
Ол саҕана ити курдук быралгы кэриэтэ сылдьар араас хаамаайылар элбэх буолааччылар. Күрүлгэн - даҕ. суолт. Түптээх үлэтэ-хамнаһа суох, ускул-тэскил сылдьар. ☉ Ведущий бродячий образ жизни, скитающийся
Күлүк Сүөдэр — ыалтан ыалга күлүк курдук сылдьар, аҥаардам, хаамаайы киһи. Н. Неустроев
Хаамаайы киһи оҕотугар соҕотох баар-суох кыыһын ыһыктыбатаҕа чахчы. А. Бродников
Арҕаа Кыргыдайтан сылдьар хаамаайы муҥнаах эбит. С. Маисов
бырайах (Якутский → Якутский)
даҕ. Түптээн олорбот, тэлэһийэ, кэрийэ сылдьар. ☉ Бродячий
Бандьыыттар ортолоругар кыыллыы бырайах олохторун астына таптаабыт уонна бэйэлэрин дьоллоох курдук туттар бардам тыллаах-өстөөх дьоннор бааллара. Д. Таас
Ок-сиэ, ол бэйэм бу мунаммын-тэнэммин Бырайах бу сылдьар киһибин. «ХС»
Оччоҕо Дьокуускай диэкиттэн Тыгын сэриититтэн дуу, кыргыстан дьаадьыйан, бырайах дуу, хайдах дуу, күрүөйэх диэн баҕайы утуу-субуу кэлэр буолбут. Саха сэһ. I
уччук (Якутский → Якутский)
даҕ., кэпс. Мэнээк сылдьар, мэнээктээбит (хол., ыт). ☉ Бродячий (напр., о собаке)
Биир тугу эрэ ытырбыт уччук ыт кутуруга эрэ субурус гынан, тыаҕа түһэн хаалта. Суорун Омоллоон
Хаалбыттара үксүлэрэ уччук ыттар этилэр. С. Дадаскинов
Ньиэмэстэр сэриигэ үөрэппит ыттара буолуо диэбитим, уччук ыт быһыылаах. В. Иванов
уччумар (Якутский → Якутский)
- даҕ. Ускул-тэскил, быралгы (киһини этэргэ); кэлиилээх-барыылаах (хол., олох). ☉ Ведущий непоседливый образ жизни (о человеке); связанный с частыми переездами, бродячий, кочевой (напр., о жизни)
Дьэ, ити курдук кини бэйэтин уччумар олоҕо саҕаламмыта. Эрилик Эристиин
Быраата сириттэн-дойдутуттан тэлэһийэн, уччумар киһи буолан хаалыа диэн кини улаханнык дьаархана саныыра. В. Яковлев
Кырдьан баран өйдөөтөххө, быралгы барбыт уччумар киһи, туох да кэриэстиирэ, ахта-саныы сатыыра суох буолар эбит. «Чолбон»
△ Мэнээк сылдьар, мэнээктээбит (хол., ыт). ☉ Бродячий (напр., о собаке)
Сүүнэ улахан бадыбаал баара, онно уччумар ыттар хорҕойоллоро. М. Горькай (тылб.) - сыһ. суолт. Ускул-тэскил, быралгы (сырыт). ☉ Часто переезжая, ведя непоседливый образ жизни (жить)
Ол дойдугун, дьоҥҥун быраҕан уччумар бараҕын дуо? Далан
Оннук кэргэннээх кэриэтин уччумар сылдьыбыт ордук. В. Яковлев
«Өлөксөй уол уччумар баран мэлийдэҕэ», — диэн ибир-сибир кэпсэтэллэрэ. «Чолбон»
дьиэгэний (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Туохтан эмэ күүркэйэн сиэрэ суох мөҕүс, биир сиргэ таба турбат буола өрүкүй. ☉ Всполошиться, возбудиться, стать беспокойным, непоседливым, резвым
Илбис кыыһа эдьиийиҥ Иннигэр-кэннигэр Илэ дьиэгэнийдин! П. Ойуунускай
Саллаат буолан дьиэгэнийэ сылдьар дииллэр. Санаатахха даҕаны хаайааччы, тутааччы бэрдэ кини буолан сырыттаҕа дии. А. Софронов
Икки хонон баран аны Уйбаанчык уола Ньукулааскы диэн кэлбитбарбыт, дьиэгэнийбит, сүүлүк бэрдэ киһи баара тиийэн кэллэ. Софр. Данилов
Сүр баҕайы кыыла туран дьиэгэнийбит муус маҥан соноҕос аты сиэтэн киллэрэллэр. Р. Кулаковскай
2. Дьиэҕиттэн-уоккуттан мат, тэй, ускул-тэскил сырыт. ☉ Лишиться дома, семьи, вести непоседливый, бродячий образ жизни
Дьиэбититтэн дьиэгэнийдэхпит, Уоппутуттан огдолуйдахпыт, Күрүөлээх сүөһүбүт …… Күдэн буолан көттөҕө! Өксөкүлээх Өлөксөй
Дьиэни-уоту быраҕан Дьиэгэнийэр ыарахан. С. Тимофеев
ускул (Якутский → Якутский)
- сыһ. Төрөөбүт сиргиттэн ыраах, тэйиччи. ☉ Далеко, вдали от родных мест. Ускул сырыттахха Саха сирэ күндүтүн — Ол иһин ахтабын ыраас хаарын өҥүн! С
Руфов. Дьолу көрдөөн, ускул сылдьан Оҕо сааспын сүтэрдим, Томороон, тыйыс буолан, Эйиэхэ эргилинним. И. Гоголев
[Лэппиэрэй:] Түспэтийэр да кэмиҥ кэллэ, бу ускул сылдьыаҥ кэриэтэ, кэргэннэнэн ыал буолан көрүөххүн? Л. Попов - даҕ. суолт. Көс, көһө сылдьар. ☉ Кочевой, бродячий, странствующий (о ком-л.)
Көс, ускул олохпун уостубат уйгулуу, Отуубун сырдата хонсобун. В. Миронов
Ол сиргэ суоҕа Сааскы ускул сааһыт. Өлөҥ от, талах дурдата, Балыксыт хаарбах да тыыта. М. Тимофеев
ср. кирг. уихул ‘способный быстро летать’
бырадьаага (Якутский → Якутский)
- аат., истор. Туох да анал сыала-соруга суох сиридойдуну кэрийэ сылдьар, эстэ быстыбыт дьиэтэ-уота суох киһи. ☉ Бродяга
Хара сордоох. Син ааныҥ боруогун атыллыыр күннээх эбиккин дии. Тоҕо кыыл, бырадьаага барымына кэллиҥ? Н. Неустроев
Биир бырааккыт, Арамаан, тайҕаҕа бырадьаага баран турар, хаһан кэлэрэ, өлбүтэ-тыыннааҕа биллибэт. Суорун Омоллоон
Мин суол бырадьаагата буолбатахпын, мин учууталбын! — Аласов массыына аанын ыһыктыбакка туран, бэрэссэдээтэлгэ хайыста. Софр. Данилов - даҕ. суолт. Олохтоох дьиэтэ-уота суох, биир сиргэ түптээн олорбот, кэрийэ сылдьар (киһи туһунан). ☉ Бродячий
Маннааҕы умнаһыт Туорахчаан бырадьаага уола Өлөксөй Ойуурап тахсан дьаһайталыырын кэтэһэрэ буолуо диэн этэбин. Амма Аччыгыйа
Ити бырадьаага дьахтар тыла хайдах эрэ эҕэлээххэ дылы. Н. Якутскай
Бу сааһым тухары бырадьаага киһи ама, тиэһинним аҕай ини. А. Сыромятникова. Тэҥн. кэрэдэк, кэриим киһи