прил. күүрээннээх, көтөҕүллүүлээх, көтөҕүллүбүт; вдохновенная речь кете ҕүллүүлээх этии.
Русский → Якутский
вдохновенный
Еще переводы:
күүрээннээх (Якутский → Якутский)
даҕ. Эрчимнээх, өрө күүрүүлээх. ☉ Энергичный; вдохновенный
Арай сороҕор нарын, сороҕор күүрээннээх муусука эти-хааны сайа охсор. Н. Лугинов
Күүрээннээх Буолуох тустаах Биһиги ырыабыт! М. Ефимов. Староватов күүрээннээх тыллара сүрэхтэрин эппэҥнэтэр. А. Федоров
көтөҕүллүүлээх (Якутский → Якутский)
даҕ.
1. Өрө күүрүүлээх, өрүкүйүүлээх. ☉ Вдохновенный, воодушевленный
Дьиэҕэ төннүү ыһыахха барыы курдук санаа көтөҕүллүүлээх буолбатаҕа. Далан
Кини бэрт уран санаалаах, үрдүк поэтическай өрө көтөҕүллүүлээх, баай, киэҥ, дириҥ иэйиилээх айымньы. Суорун Омоллоон
Поэма ис хоһоонун үрдүк чыпчаала ити сүдүмэр өрө көтөҕүллүүлээх түмүктээһининэн чөмчөйөр. Н. Заболоцкай
2. Өрө тахсыбыт, үллүбүт, доруоһанан көтөҕүллүбүт (тиэстэ). ☉ Настоянный на дрожжах, пышный, поднявшийся (о тесте). Көтөҕүллүүлээх тиэстэ
саргылаах (Якутский → Якутский)
даҕ., үрд. Быстыбат үөрүүлээх, өрөйүүлээх-чөрөйүүлээх, дьоллоох. ☉ Счастливый, вдохновенный, преисполненный счастьем и радостью. Саргылаах олох
□ Кыһын диэн айылҕа өлөр-умсар кэмэ буолбатах, саргылаах саас кэлэр кэскилин бэлэмниир, күүсуох түмүнэр кэмэ. Амма Аччыгыйа
Бу нуурайар саргылаах Сайсарыны ахтаннар Кэлиэхтэрэ кый ыраах Үйэлэртэн сахалар. С. Данилов
Алтан чуораанынан айдааран Аастылар үөрэммит кэмнэрим. Саргылаах санаам өрө дабайар Олох үрдүк кирилиэһин. П. Тулааһынап
айымньылаах (Якутский → Якутский)
даҕ.
1. Өрө күүрдүүлээх, киһини дуоһутар, таһаарыылаах. ☉ Вдохновенный, высокопроизводительный, приносящий моральное удовлетворение
Айымньылаах үлэ эрэ Дьон дууһатын үрдэтэр! С. Данилов
Айымньылаах үлэ диэн — үксүгэр бэйэни, бэйэ мөлтөөһүннэрин кытары күрэс былдьаһыы. Н. Лугинов
Саҥа экскаваторщик дууһатыгар айымньылаах үлэ умуллубат уота умайара. И. Данилов
2. Саҥаны булар, айар кыахтаах, айардыы сыһыаннаһар кыахтаах. ☉ Способный к творчеству, склонный к творческому мышлению
Максимҥа айымньылаах толкуй суох. Кини «көстүбэти» көрбөт. Н. Лугинов
Толору дуоһуйуу диэн кинилэргэ [талааннаахтарга] инники угуйар уот умуллуута, айымньылаах аартык сабыллыыта буоллаҕа. Амма Аччыгыйа
3. Тугу барытын баар гынар, абыраллаах, өрүһүлтэлээх (хол., күн туһунан). ☉ Благодатный, спасительный, дающий жизнь всему сущему (напр., о солнце)
Кини [күн] айымньылаах сардаҥата бу сир ийэни угуттуур, сырдатар буолан, бу биһиги Ийэ дойдубут …… кэрэ мичил дьүһүннээх буолбат дуо, доҕотторуом! Суорун Омоллоон
үлүскэннээх (Якутский → Якутский)
даҕ.
1. Күүрээннээх, күүстээх, эрчимнээх (хол., үлэ). ☉ Вдохновенный, упорный, напряжённый (напр., труд)
Үлүскэннээх айан диэн Манна буолар эбит. Саха фольк. От хомуура үмүрүйэн эрдэҕинэ, бурдук хомуурун үлүскэннээх үлэтэ тиийэн кэллэ. М. Доҕордуурап
Үлүскэннээх, күүрүүлээх үлэбит күнэ бүтэр. С. Тимофеев
△ Киһини өрүкүтэр, күүркэтэр, умсугутар (хол., булт). ☉ Возбуждающий, увлекательный, захватывающий (о каком-л. занятии — напр., об охоте), страстный
Көмүс — үлүскэннээх диэн дьон өһүн хоһооно баар. Н. Якутскай
Үлүскэннээх үҥкүүнү үҥкүүлээн лиһийэн киирэн бараллар. Суорун Омоллоон
Булт буолан баран үлүскэннээх буолааччы. «Сахаада»
2. Күүстээх, дохсун, дьулурҕан (сүүрүк туһунан). ☉ Сильный, стремительный, бурный (о течении реки)
Борохуот …… үлүскэннээх сүүрүгү иннин диэки өрүкүтэ үтүрүйэн, балысханнаах бааллары кэннин диэки хаһыйан, тус соҕуруу дьулуруйа турда. Амма Аччыгыйа
Үлүскэннээх сүүрүктээх Өлүөнэни көрсөөрү, Көмүс сүүрээн, эн эмиэ күлүмүрдүү көппүккүн. Л. Попов
Үлүскэннээх сүүрүктэр Үөмэхтэһэ тэптилэр. «ХС»
3. эргэр. Олус өлгөм, наһаа элбэх (хол., харчы, үп, баай). ☉ Несметный, бессчетный (напр., о богатстве, деньгах)
[Тыраахтар] Үгүс элбэх үлүскэннээх үбү, Үтүө таһаҕаһы, Үчүгэй табаары Өҥкөөт тыа быһаҕаһын саҕа Өрөһөлүү тиэйэн Дьүккүйэн иһэр эбит. Саха нар. ыр. III
Халаан уутун Халҕаһатын курдук Халыан харчылан, Үрэх-үрэх баһын Үмүрүтэ тардар Үлүскэннээх үптэн! Өксөкүлээх Өлөксөй
айыылаах (Якутский → Якутский)
- даҕ.
- Өрө күүрүүлээх, айар хабааннаах, айар күүрүүлээх. ☉ Вдохновенный, творческий
Күһүөрү сайыҥҥы хартыына Айыылаах үлэ баар, бу манна Алтан от, мүөттээх от үрдүгэр Аар тойон ыҥырыа эргийэр. С. Данилов - эргэр. Үөһэттэн, үрдүк айыылартан айдарбыт. ☉ Сотворенный, созданный, получивший жизнь (от верхних всесильных божеств)
Үрдүк Айыы таҥараттан айыылаах. ПЭК СЯЯ
Үрдүк айыылаах Үүт бүлтэһэ, Үрүҥ оппуоха буолан Өтөн киирэн, үтүмэн буор үллүккүн Үрдэппитэ эбитэ буолуо [Сир тымырын уута]. С. Васильев
△ Айыыны, буруйу оҥорбут, айыыга киирбит; буруйдаах. ☉ Грешник, греховный; виновный, преступный
Сүтүктээх сүүс айыылаах (өс хоһ.). Айыылаах дууһа өлбөт диэн кырдьык ээ, бадаҕа. Н. Неустроев
Туох диэн бэйэм айыылаах дууһабын эн иннигэр аһан, эйигин астыннарыахпын билбэппин. И. Федосеев - аат суолт. Айыыны оҥорбут киһи; буруйу оҥорбут, буруйдаах киһи. ☉ Грешник; виновник, преступник
Чуучугуруур туус тумус тыаһа Чупчуруйан чуубурҕаата. Биир халыҥ айыылааҕы Мэҥиэстэр бэлэс бэлэм буолла. П. Ойуунускай
[Даайыс:] Ханна да ыраах сылдьыбатым, туох да айыылааҕы, сааттааҕы оҥорботум. А. Софронов
Тойонуом, тоҕо ыҥырдыҥ? Биһиги туох да айыылаахпытын билбэппит. И. Гоголев
♦ Хараҥа айыылаах — олус ыар, ынырык буруйу оҥорбут. ☉ Совершивший тяжкое преступление
«Халыҥ буруйдаах, хараҥа айыылаах эмээхсин олоробун», — диэн баран, хараҕын уута иҥин быһаҕаһыгар диэри субурус гына түстэ. Ньургун Боотур
Суут-сокуон билигин да баар! Киһини өлөрбүт хараҥа айыылааҕы билигин да сөптөөх сирин буллараллар. И. Гоголев
◊ Үтүө айыылаах (буоллар) — киһилии киһи, тэрилтэ эҥин (итинник буолуо суох этэ диэн хомуруйан этии). ☉ Добросовестный, порядочный человек (так не поступает — осуждение дурного поступка кого-л.); добротное, крепкое хозяйство, предприятие
Дьэ, үчүгэй сордоохтор ээ, күн-түүн таҥнары түһэн иһэр буоллахтара үһү, үтүө айыылаахтара буоллар, сайдан, эбиллэн иһиэхтэрэ этэ. Суорун Омоллоон
Үтүө айыылаах дьиэтигэр — уотугар, кэргэнигэр, оҕотугар тиийиэ этэ. «ХС»
Үтүө айыылаах холкуостар, үчүгэйдик үлэлээн, хаһыатынан хайҕаналлар. Оттон мин холкуоспар баччааҥҥа диэри оҕуруоттарын олордуутун бүтэрэ иликтэр. Дьүөгэ Ааныстыырап
Доропуун оҕонньор сааһын эбиммэт, көҕүрэтиммэт даҕаны үтүө айыылаах эбиэн кэриэтэ, хата, көҕүрэтиниэ эбит. Н. Заболоцкай