туохт.
1. Тус туһунан үгүс сиргэ эбэтэр туохха эмэ аахтара сылдьыталаа. ☉ Обходить, объезжать когочто-л. поочередно с определенной целью
Муҥ маһы кэрийбэт, киһини кэрийэр (өс ном.). Биһиги экскурсиялаан, дьоллоох, мичиктээх Украинаны кэрийэ сылдьабыт. Амма Аччыгыйа
Чүөчээски күрээтэҕин күн быһытын туох баарын барытын кэрийдэ. Суорун Омоллоон
Саҥа хаһаайын сирин-уотун кэрийэн көрөн баран, ресурсата мөлтөх эбит диэн түмүккэ кэлбитэ. «Кыым»
2. Туох эмэ кытыытынан, тугу эмэни кыйа бар, бара тур. ☉ Идти, ехать, плыть мимо чего-л., по краю чего-л.
Кинилэр үрдүк хара сыыры аннынан кэрийэ устан истилэр. Эрилик Эристиин
Иччитэх балаҕан оҕуруотун кэрийэ сүүрэн иһэн көрдөҕүнэ, күөрт ыт дьиэ анныгар олорор эбит. М. Чооруоһап
Кумах кытылы кэрийэ, икки киһилээх лаппаҕар мас тыы долгуҥҥа күөрэҥниир. ПН ТОК
3. Туох эмэ кытыытынан, тугу эмэни кыйа субулун, бара тур (хол., суол, үрэх о. д. а.). ☉ Протянуться, пролегать вдоль, около, мимо чего-л. (напр., о дороге, речке)
Сыарҕа суола тыа саҕатын кэрийэ барда. Ф. Захаров
Айаннарын суола биһиги олбуорбутун кэрийэн ааһар. Эрилик Эристиин
Уҥа диэки истиэнэни кэрийэ барар ороннор, улахан аһыыр остуол тураллар. Дьүөгэ Ааныстыырап
△ Тугу эмэни кыйа, туох эмэ кырыытынан сыт, тур, баар буол. ☉ Протягиваться, пролегать, выстраиваться вдоль чего-л.
Таастары тиэйэн аҕалан дьаарыстаан оҥоһуллубут баррикадалар олбуор эркинин кэрийэ кыстана сыталлар. Эрилик Эристиин
4. көсп. Киһиттэн киһиэхэ тарҕанан, эргийэ сырыт (хол., кэпсээн, сонун, сурах). ☉ Переходить из уст в уста, распространяться устным путем (напр., о молве, слухах)
Моһоллоох ойуун кэпсээнэ ыаллар дьиэлэрин кэрийдэ. М. Доҕордуурап
Кыыс кэлбитин бастакы субуотатын кэнниттэн бөһүөлэк ыалларын …… маннык кэпсээн кэрийбитэ. Э. Соколов
♦ Ыалы кэрий эргэр. — ыал устун бар, умнаһыт кумалаан буол. ☉ Идти по миру, нищенствовать, попрошайничать
«Бэйэм буоллахпына бу ыалы кэрийэн кумалаан буола сылдьабын», — диэн баран эмээхсин …… үҥэн боҕуйан кэбистэ. Эрилик Эристиин
[Тоокуй] бэйэтэ ойоҕунаан ыалы кэрийэн аһыыллар. Күндэ. Тэҥн. ыал устун бар (сырыт)
◊ Сыҥаһаны кэрий эргэр. — сабыссаҥа атахха уйуттар буолан, тутуһан хаамп (былыргы дьиэҕэ орон сыҥаһатыттан тутуһан оҕо маҥнай хаама үөрэнэрэ). ☉ Начинать ходить, делать первые шаги, держась за края лавки (старинной якутской юрты — о ребенке)
Сыҥаһаны кэрийбиппэр Сыччыыйдара буоллум. Өксөкүлээх Өлөксөй
Сыҥаһаны кэрийэр эрдэхпиттэн Эриэн бургунаһыҥ үүтүн испитим. П. Тулааһынап
ср. др.-тюрк. кез ‘ходить, бродить, странствовать’, монг. кэрү ‘шататься, странствовать’
Якутский → Якутский
кэрий
Якутский → Русский
кэрий=
1) обходить (много мест), побывать (во многих местах); куораты кэрий= обойти город; дьиэлэри барытын кэрий= обойти все дома; 2) осматривать, проверять; сохсону кэрий= осмотреть пасти (ловушки) # ыалы кэрий= уст. попрошайничать.
Еще переводы: