Якутские буквы:

Якутский → Русский

күчүмэҕэйдик

нареч. тяжело, трудно; күчүмэҕэйдик оҕолонно у неё были трудные роды.

күчүмэҕэй

трудный, затруднительный || трудность, затруднение; күчүмэҕэй сорудах трудное задание; күчүмэҕэйтэн төлөрүй = преодолеть трудности.

Якутский → Якутский

күчүмэҕэйдик

сыһ. Бэрт эрэйинэн, ыараханнык. Трудно, тяжело, непросто; мучительно
Харчы күчүмэҕэйдик көстөрө. КНЗ ТС
Дьахтарым табыллыбатаҕына, күчүмэҕэйдик быыһаныах чинчилээх. ДАЛ УуУоО
Мин күчүмэҕэйдик-эрэйдээхтик олорбутум. М. Горькай (тылб.)

күчүмэҕэй

  1. даҕ. Ылбычча дөбөҥнүк кыаллыбат, ыарахан, кытаанах, эрэйдээх. Трудный, непростой, нелегкий
    Орлов сэриилэспит күчүмэҕэй күннэрин саныыр буолан, саха уола доҕорун умнубат этэ. Суорун Омоллоон
    Кыараҕас да буоллар тэпсиллибит суолтан тоҥуу хаарга туоруур эбэтэр саҥа суолу солуур күчүмэҕэй, эрэйдээх. НД ДК
    Дьон оҕотун, тулаайаҕы иитэр күчүмэҕэй дьыала. М. Шолохов (тылб.)
  2. аат суолт. Эрэй, ыарахан; моһол. Трудность, затруднение; проблема, препятствие
    Урут оонньуу эрэ кэриэтэ олоҥхолонор олоҥхо билигин киниэхэ күчүмэҕэйинэн күһэйбитин Уулаах биллэ. Эрилик Эристиин
    Биһиги сирбит күчүмэҕэйин саҥата суох түһэн, суолбутугар киирдибит. Н. Заболоцкай
    Биһиги көрсүбүт күчүмэҕэйдэрбитин биир да көлүөнэ көрсүбэтэҕэ. «ХС»
    ср. калм. күцирмкээ ‘большая трудность’

Еще переводы:

трудно

трудно (Русский → Якутский)

нареч. 1. ыараханнык, эрэйдээхтик, күчүмэҕэйдик; это трудно понять итини ей-дүүр ыарахан; 2. в знач. сказ. безл. ыарахан, кытаанах, күчүмэҕэй; это очень трудно бу олус ыарахан.

эрэйдээхтик

эрэйдээхтик (Якутский → Якутский)

сыһ.
1. Эрэйи көрөн, ыараханнык (олор). Тяжело, трудно, нелегко (жить)
А.И. Софронов эрэйдээхтик олорбута уонна уһулуччу талааннаахтык айбыта биллэр. Амма Аччыгыйа
Бэрт диэн эрэйдээхтик үөскээбитим. Суорун Омоллоон
Мин күчүмэҕэйдик эрэйдээхтик олорбутум — хаһаайыннарым төрүкү мэссээннэр, олус элбэхтик аһыылларын бастыҥ дуоһуйуу …… оҥостор дьоннор этилэр. М. Горькай (тылб.)
2. Эрэйдэнэн, сүпсүгүрэн. Беспокойно, тревожно. Бөлүүн эрэйдээхтик утуйдум

затруднительный

затруднительный (Русский → Якутский)

прил. ыарахан, күчүмэҕэй; затруднительное положение күчүмэҕэй балаһыанньа.

трудность

трудность (Русский → Якутский)

сущ
(ж. р.)
эрэй-буруй; күчүмэҕэй, ыарахан быһыы

трудный

трудный (Русский → Якутский)

прил. 1. ыарахан, күчүмэҕэй, эрэйдээх; трудная работа ыарахан үлэ; трудный путь эрэйдээх суол; трудный ребёнок эрэйдээх оҕо; 2. (затруднительный) ыарахан, күчүмэҕэй, кытаанах; трудное положение күчүмэҕэй балаһыакньа.

дьиэтийии

дьиэтийии (Якутский → Якутский)

дьиэтий 1 диэнтэн хай. аата. Кыыл таба дьиэтийиитин ситиһэр күчүмэҕэй

пиковый

пиковый (Русский → Якутский)

прил. карт, эбиэннээх; пиковая дама эбиэннээх хотуна; # пиковое положение күчүмэҕэй балаһыанньа.

кичимэҕэй

кичимэҕэй (Якутский → Якутский)

көр күчүмэҕэй
Килбик кичимэҕэй күннэргэ Кичэйэн-хачайан тураммыт Ордук соргуну булуохпут Олох дьолун оҥоруохпут. П. Ойуунускай

тобулунааччы

тобулунааччы (Якутский → Якутский)

тобулун 2 диэнтэн х-ччы аата
Үлэҕэ суолунииһин саҥа тобулунааччыга күүтүллүбэтэх күчүмэҕэйдэр өрүүтүн баар буолаллар. «Кыым»

капитулянт

капитулянт (Русский → Якутский)

м. капитулянт, күчүмэҕэйтэн чаҕыйааччы.