аат. Киһи ис кыаҕа, эрчимэ кыайар-хотор дьоҕура. ☉ Физические возможности, сила человека
Көбүөхтэс буола, Күүс-сэниэ эстэн, Тыын быһаҕаһын тыынан, Өйүн-төйүн булунаары, тымныы буорга умса түһэн, Өр соҕус сыппыта. Күннүк Уурастыырап
Валерий күүһэ-сэниэтэ мөлтүү быһыытыйбыта. Софр. Данилов
Оҕонньор күүһэ-сэниэтэ эстэн, санаата түһэн, нам баран, хаптайан хаалбыта. Болот Боотур
Якутский → Якутский
күүс-сэниэ
Еще переводы:
көбөҥкө (Якутский → Якутский)
даҕ. Күүһэ, сэниэтэ суох, түргэнник сылайар, көлөһүннүрэр (ат туһунан). ☉ Невыносливый, слабосильный, скоро потеющий (о лошади). Көбөҥкө ат
ср. ног. көбен ‘непривычный к физическому труду’
мэлийээхтээ (Якутский → Якутский)
мэлий I диэнтэн атаах. Баһыкка оҕонньор сүүһүн дьукку түһэн кэбиспит дии
Оо, күүс-сэниэ мэлийээхтээбит да ҕа н ы. С офр. Д ани лов. Били спортсмен эрэйдээх бу киэһэ мэлийээхтээбит. Далан
ньамык (Якутский → Якутский)
ньамык курдук буол — мөлтөө-ахсаа (хол., күүс-сэниэ өттүнэн); сымнаа, намылый (хол., үүнээйи). ☉ Ослабеть, обессилеть (физически); обвиснуть, стать мягким (напр., о растениях). Наһаа сылайан, аччыктаан ньамык курдук буолан хаалбытым. Сибэккилэрбит, итиитэ бэрдиттэн, ньамык курдук буолбуттар
сылба (Якутский → Якутский)
аат., кэпс. Улаханнык сылайбыт, илистибит киһи күүһэ-сэниэтэ. ☉ Остаток сил утомлённого, изнурённого чем-л. человека
Биһиги өстөөҕү модун күөммүтүнэн көрүстүбүт, тимиргэ тоһуйдубут, уокка уоту астыбыт, сылбаларын быһар дьаныардаах кыргыһыыга туруннубут. Амма Аччыгыйа
Кэнникинэн кинилэр [дьоннор] күнүтүүнү да арааран билбэт буолбуттара, сылбалара быстан, сыылан ыла-ыла, аатын эрэ атахтарын сыҕарыталлара. Суорун Омоллоон
Кини бүгүн олус илиһиннэ, сылбата быста сылайда, сирэйин үлүттэ. В. Протодьяконов
△ Күүс, сэниэ, сыра (эти-сиини, былчыҥы этэргэ). ☉ Сила (физическая)
Уһугар тиийэн сылбалара быстан, аҕылаһааҕылаһа көбүөргэ тиэрэ түһэ сытан сынньаммыттара. Далан
Саһаан эрбээһин сылбаларын ылла. Н. Босиков
— Тэлиэгэҕэ ырычаах бөҕөнөн таһаардыбыт эбээт, киһибит сылбата наһаа да быстаахтаабыт эбит. П. Егоров
была (Якутский → Якутский)
аат. Туох эмэ бүтэһик тобоҕо; ким эмэ күүһүн, сэниэтин эбэтэр удьуорун тобоҕо, бүтэһигэ. ☉ Последний остаток чего-л., последние остатки силы или потомства кого-л.
Былыргы киһи былата быстыбат (өс хоһ.). Былыргы киһи былата буолабын. ПЭК СЯЯ
«Мин была буолбут киһибин, онон миигин ханнык да айыы-абааһы кыайан сиэбэт», — диир Мутук оҕонньор санаата иэйдэҕинэ. И. Гоголев. Тэҥн. тобох, холто, элээмэ
саппалын (Якутский → Якутский)
дьүһ. туохт. Сөптөөх киэбэ-кэриҥэ, күүһэ-сэниэтэ суох кыра көстүүлээх буол. ☉ Выглядеть малорослым и слабосильным (о человеке)
Үүтүн тохпут оҕо курдук саппаллан, тугу да гыныан булбакка, таах туран хаалла. В. Яковлев
[Нэтээги] Саһарҕаны сабаары Сараадыйан көппүтэ, — Аттыгар турааччы Араҥас маһыгар, Саккыраҥ суолланан, Сарк гына түстэ. Саатыттан уҥан-таалан, Саппаллан сыттаҕына, …… Халҕаһа хара таас Хараҥа анныттан Чыс тахсан быар куустан, Чыыбыргыы олордо. И. Чаҕылҕан
солбонуй (Якутский → Якутский)
туохт. Күүһэ-сэниэтэ суох буола сылай, мөлтөө. ☉ Сильно уставать, выбиваться из сил
Сонордообут булчуттуу Солбонуйдум, хоттордум. М. Тимофеев
Миитэрэй Мотуруона улахан иһин, солбонуйбут сирэйин-хараҕын көрөн, сүрэҕэ ытырбахтаата. Н. Түгүнүүрэп
«Ыл, аһаа, аһаа, суол киһитэ солбонуйдаҕыҥ», — диэмэхтээтэ. «ХС»
ср. монг. жолбойх ‘быть слабым или обессиленным’
сыралас (Якутский → Якутский)
туохт. Тугу эмэ ситиһээри элбэх сыраҕын биэр, күүскүн, сэниэҕин бараа, эс. ☉ Прилагать усилия к чему-л., проявлять упорство и настойчивость в чём-л.
Саһыл обургу итиччэ кыра, мөлтөх эрэйдээҕи олус да өр сыралаһан сиппит ээ! Амма Аччыгыйа
Салайааччы артыалы сүһүөҕэр туруорарга үгүстүк сыраласпыта. «ХС»
бөөхүллэ (Якутский → Якутский)
- даҕ., сирэн. Кырдьан эбэтэр ыран-дьүдьэйэн күүһэ-сэниэтэ бараммыт, дьүдьэх, мөлтөх. ☉ Дошедший до физической дряхлости, слабости в результате старости или истощения, дряхлый, изнуренный. Бөөхүллэ ат. Бөөхүллэ сүөһү
□ Ама кини бэйэлээх …… бырда быстан оһолломмутун иһин, кырдьаҕас бөөхүллэ оҕонньорго өлөртөрүө дуо? «ХС»
Кини …… саабылатын өрө тутан, атын үҥкүүлэтэ сылдьыан баҕарбыта да, ырбыт бөөхүллэ ат ону сатаабат этэ. Эрилик Эристиин
△ Хаалыылаах, мөлтөх, кыаҕа суох. ☉ Отсталый, маломощный (напр., о предприятии)
Сэрэн эрэ! Эн урукку бөөхүллэ холкуос дьонунуун кэпсэппэккин, оройуон биир күүстээх, кэскиллээх холкуоһун дьонун кытта кэпсэтэҕин. Софр. Данилов - аат суолт. Кырдьан эбэтэр ырандьүдьэйэн күүһэ-сэниэтэ бараммыт туох эмэ. ☉ Кто-л. дряхлый или изнуренный от старости или истощения
Бу эн бөөхүллэҕинэн хаһан биэс биэрэстэни моҥоору, сатыы урут ыстаммыттара сөп. «ХС»
[Вильгельм саллаат:] Биһиги эбии күүһү ыллыбыт, ол гынан баран кинилэр сэриилэһэр дьоҕурдара суох, бөөхүллэлэр. В. Протодьяконов
сылбаахы (Якутский → Якутский)
даҕ. Күүһэ-сэниэтэ суох, улаханнык сылайбыт, илистибит. ☉ Обессиленный, выбившийся из сил
Сэниэлээх киһи сылбаахы кырдьаҕаска көмөлөстөҕүҥ дии. Н. Борисов
Ый кэриҥэ ыйааһыммын тутан, адьас сэниэтэ суох, сылбаахы киһи киирэн, Спартакиадаҕа тустубутум. ПП ОА
◊ Сылбаахы буол — өр кэмҥэ улаханнык илистиэххэр диэри үлэлээн, айаннаан эбэтэр тугунан эмэ дьарыктанан күүскүн, сэниэҕин эс. ☉ Выбиться из сил, устать как собака, переутомиться
Түөрт күнү быһа отучча көс сиринэн эргийбит ат бэйэтэ даҕаны адьас сылбаахы буолбут. Болот Боотур
Субуруччу хас да күрэхтэһиилэргэ кыттан уонна наһаа эрчиллэн, адьас сылбаахы буолан хааллым. ССТ
Саллааттар аччыктаан куртахтара курулуйара улам күүһүрэн иһэр, сорохтор букатын сылбаахы буоллулар. А. Данилов. Сылбаахы курдук — сэниэтэ суох. ☉ Обессиленный, выбившийся из сил. Баҕар ыалдьаары гыммытыҥ буолуо, ол иһин сылбаахы курдуккун. П. Авакумов. Сылбаахы оҥор — сэниэтин эс, улугурт. ☉ Выбить из сил, изнурить, ослабить
Аас-туор олох сабарай кынатынан бигээн улугурда, утута, сылбаахы оҥоро сатыырга дылыта. Ф. Постников
Ахатайы урут даҕаны бу кэм сылбаахы оҥорор этэ, билигин адьас сабыһынна, бииртэн биир ыарахан санааҕа ылларда. Эҕэрдэ СС