сыһ. Холобур буолар курдук үчүгэйдик. ☉ Образцово, показательно
Иитэр үлэни көрдөрүүлээхтик тэрийэргэ кини күүскэ турунан үлэлээбитинэн барбыта. П. Филиппов
Битириинэ хаптаһыннарыгар тутууга көрдөрүүлээхтик үлэлээбит дьоннор хаартыскалара …… сыһыарыллыбыттар. Д. Таас
Якутский → Якутский
көрдөрүүлээхтик
көрдөрүүлээх
даҕ.
1. Атыттарга холобур буолар (бастыҥ, туйгун). ☉ Образцовый, служащий примером для других, показательный
Уопсай мунньах көрдөрүүлээх быһыты тутар туһунан уурааҕа тахсыбыта. М. Доҕордуурап
Сэминээр кыттыылаахтара бу детсад көрдөрүүлээх занятиеларыгар сырыттылар. «ЭК»
◊ Көрдөрүүлээх дуоска — үлэ ситиһиитин, түмүгүн көрдөрөн иһэр дуоска. ☉ Наглядная доска
Куоталаһыыны декада аайы түмүктээн бырабылыанньа көрдөрүүлээх дуоскаҕа таһааран истэ. М. Доҕордуурап. Көрдөрүүлээх дьыктаан — учуутал оҕолорго тыллары суруйан көрдөрөн, аахтаран баран, өйдөрүттэн суруйтарар дьыктаана. ☉ Зрительный диктант
Сэттис кылааска устууну уонна көрдөрүүлээх дьыктааннары уустук орфограммаларга эрэ туттуллар. СГФ СТМО
Еще переводы: