аат., анат. Киһи буутун кэннинэн суон иҥиирдэрдээх улахан быччыҥа. ☉ Большая приводящая мышца бедра
Афоня сурата тардан, соһуйан уһугунна. Сэмээр Баһылай
[Дьөгүөссэ] оскуолакка хаҥас атаҕын суратын быһа тэптэрэн кэлэн, билигин хаамара-сиимэрэ бытааран сылдьар. «ХС»
Ураҕаһынан тайыыланан хомураҕы үрдүнэн ойон эрдэҕинэ, атаҕын сурата аһыйа түспүт. «ХС»
ср. монг. сур[ан] ‘ремень’