аат. Ыамата түүлээх таҥаһы, үүнээйи сэбирдэҕин сиэн улаатар үрүмэччи бииһэ. ☉ Моль
Көйүүр таҥаһы тэһэ сиэбитэ баар үһү (тааб.: сулустар). Бараан соннору көйүүр уонна кутуйах сиэбит. М. Попов
Түүлээх тириитин саамай кутталлаах өстөөхтөрүнэн көйүүр, тирии үөнэ, кутуйах буолаллар. ТИиС
ср. хак. көө ‘черное насекомое, обитающее преимущественно в юртах’, алт. көр, казах. күйө ‘моль’