аат., фольк. Сир-дойду, хайа эмэ туспа дойду, аан дойду. ☉ Отдельное место обитания, страна, земной шар
Ийэ сибиир Илин туҕалдьытын диэкиттэн Итии сиккирэс тыал тыалырда. Саха фольк. Үтүө аата үс сибиири бүрүүкээбит үрдүк Кыычыкын кулуба үөрэхтээх уола обургуну үөһэттэн түһэн өҥөйбүттэр, аллараттан быган арыйбыттар. Күннүк Уурастыырап
Түөрт сибиири кэрийэ бараллар. Сэттэ хонон баран кинилэр эргиллэн кэлэллэр. ТТИГ КХКК
Якутский → Якутский
сибиир
сир-сибиир
аат., кэпс. Киэҥ сир; аан дойду. ☉ Далёкая земля; весь мир
Билигин мин, кини сиэнэ, сирисибиири эҥсэн, эһэм көрбөтөҕүн көрө, билбэтэҕин билэ айанныыбын. П. Аввакумов
[Кулун Куллустуур оҕото] Чыычааҕы батыһан, Сири-сибиири тэлэн, Сарсыарда тахсан баран, Киэһээ кэлэр уол буолбут. ТТИГ КХКК
Таптыыр «Кыыммын» кытта сири-сибиири өтө көрөбүн, Сир үрдүн олоҕун сонуннарын билэбин. «Кыым»
Еще переводы: