несов. 1. о ком-чём и без доп. (составлять мнение) дьүүллээ, сыаналаа; судить о книге кинигэни сыаналаа, дьүүллээ; 2. кого-что (оценивать) дьүүллээ, буруйдаа; победителей не судят кыайбыт дьону дьүүллээбзттэр; 3. кого-что, юр. сууттаа; 4. что и без доп., спорт, судьуйалаа; 5. что кому и с неопр. аналлаа, оҥоһуулаа, ыйаахтаа; мне не суждено было с ним встретиться мин кинини кытта көрсүбэт оҥоһууламмытым.
Русский → Якутский
судить
Еще переводы:
поверхностно (Русский → Якутский)
нареч. үрдүнэн, көтүмэхтик; судить поверхностно көтүмэхтик толкуйдаа.
внешность (Русский → Якутский)
ж. тас көрүҥ, көрүҥ, дьүһүн; судить по внешности тас көрүҥүнэн дьүүллээ.
дьүүллээ= (Якутский → Русский)
1) судить; осуждать; кинини дьүүллуөхтэрэ его будут судить; 2) разбирать, рассматривать; биһигини дьүүллээҥ рассудите нас; 3) выносить решение, приговор, приговаривать; суут хаайарга дьүүллээбит суд приговорил его к лишению свободы.
вкривь (Русский → Якутский)
нареч. олдьу; вкривь и вкось 1) (во все стороны) олдьу-солдьу; 2) (всячески) тиэ-рэ-маары, түҥ-таҥ; судить вкривь и вкось тиэрэ-маары быһаар, түҥ-таҥ эрт.
арбаҕас (Якутский → Русский)
1) ветхая доха (с поношенным, полинявшим мехом); арбаҕас иһигэр абааһы баар посл. в старой дохе черти водятся (т. е. нельзя судить о человеке по одежде); 2) эвф. медведь.
браться (Русский → Якутский)
несов. 1. за кого-что (хвататься) тутус; браться за руки илии-илиигититтэн тутуһуҥ; 2. за что (приниматься) ылыс; турун, тур; браться за работу үлэҕэ тур; браться за книги кинигэ ааҕыытыгар тур; 3. с неопр. (обязываться) ылын; он берётся закончить работу в течение месяца кини үлэни биир ый устата бүтэрэргэ ылынар; 4. (появляться, возникать) кэл, көһүн; откуда что берётся? хантан ити кэлэрий?; # браться за ум өйгүн бул; не берусь судить дьүүллүү барбаппын.
э= (Якутский → Русский)
недостаточный гл., имеет неполное спряжение, изменяется по нескольким временам и наклонениям, не имеет косв. ф. залога и вида, в основном выполняет служебную функцию, употр. в формах этэ , эбит 1) быть; ол кини этэ это был он; хараҥа түүн этэ была тёмная ночь; оччоҕо мин куоракка этим тогда я был в городе; 2) в роли связки является частью составного сказ, быть; эдэригэр сүр күүстээҕэ эбитэ үһү говорят, в молодости он был очень сильным; аҕам ааттаах булчут, балыксыт этэ мой отец был известным охотником и рыбаком; 3) в сочет. с прич. на =ар основного гл. образует прош. незаконченное вр. биһиэхэ элбэхтик сылдьар этилэр они, бывало, часто нас посещали; урут кинини билэр этиҥ ты его раньше знавал; 4) в сочет. с прич. на =быт образует давнопрош. вр.: биһиги иннибитинэ барбыт этилэр они ушли до нас (как потом выяснилось); үчүгэй үлэни суруйбут этиҥ ты в прошлом написал хорошую работу (я её знаю и могу судить уверенно); кыыл биһигини билбит этэ зверь тогда нас учуял (это мы установили позже); 5) в сочет. с ф. на =быттаах образует давнопрош. эпизодическое вр.: инньэ диэбиттээх этэ как-то (однажды) он так сказал (как сейчас вспоминаю); ол курортка сынньаммыттаах этим на том курорте мне довелось как-то отдыхать; 6) в сочет. с ф. на =ардаах или =ыахтаах образует прош. вр. долженствовательного накл.: биһиги куоракка барыахтаах этибит мы должны были отправиться в город; кырдьык да барардаах этим дуу ведь я должен был идти (чуть было не забыл); 7) в сочет. с прич. на =ыах (=ыа ) образует сослагательное накл.: өссө элбэҕи оҥоруо этилэр они сделали бы ещё больше; мин суруйуох этим да,... я бы написал, но...; ону эрдэ этиэх этиҥ ты бы мог сказать об этом раньше.