туохт.
1. Кими-тугу эмэ кытта ойоҕос-ойоҕоскунан буолан тур, сырыт. ☉ Становиться в один ряд, идти рядом с кем-л.
Уот иннигэр талах олоппоско иккиэн сэргэстэһэн олороллор. И. Гоголев
Мин эмиэ өрүһү одууластым. Син өр ол курдук сэргэстэһэн турдубут. Н. Габышев
Биир бөлөхтөн уоллаах кыыс арахсан, уулуссаны бэтэрээ өттүнэн сэргэстэһэн истилэр. Дьүөгэ Ааныстыырап
2. көсп. Биир кэмҥэ, биир бириэмэҕэ, тэҥҥэ буол, буолан аас. ☉ Происходить одновременно, в одно и то же время
Бииргэ сэргэстэһэн киһи буолбут, Истиҥ доҕотторум үгүстэрин Амыр дьылҕа тыаллара алкыйбыттар. Күннүк Уурастыырап
[Сайсары:] Сордоохтор, ынах муоһун курдук, сэргэстэһэн үөскээбиппит, биир суорҕаҥҥа-тэллэххэ сыппыппыт. Суорун Омоллоон
[Суруйааччы] айымньыта бүтэн, тиһэх туочуканы туруордаҕына, кыайыытыттан сүргэтэ көтөҕүллэрин тэҥэ, ситэ астыммат буолуу иэйиитэ сэргэстэһэр. ПБН БЭДь
ср. бур. зэргэ ‘ряд (шеренга)’, с.-юг. черге ‘ряд, порядок, строй’, кирг. жэргэ ‘ряд’, тув. черге ‘ряд’
Якутский → Якутский
сэргэстэс
Якутский → Русский
сэргэстэс=
становиться в ряд; идти рядом; сэргэстэһэн ис = идти рядом; сэргэстэһэ тур = стоять рядом с кем-л.
Еще переводы: