тобулун диэнтэн хай
аата. Дьоҕур тобуллуутугар арыт туох эмэ түбэлтэ эмиэ көмөлөһөр. ЧКС ОДьКИи
Якутский → Якутский
тобуллуу
тобулун
- тобул диэнтэн бэй., атын. туһ. [Бэлисипиэт] Оҥоһуутун көрөбүн: Хаамырата тобуллубут, Саарыктара тостубут. Р. Баҕатаайыскай
Уулаах оройунан тобуллубут чомпой бэргэһэни сүүһүн диэки умса ууруммут. Эрилик Эристиин
Хайаатар да ханнык эмэ ньыманы тобулунуо этэ. И. Федосеев - Өйүҥ-санааҥ аһыллан, быһыынымайгыны, олоҕу билэр буол. ☉ Стать благоразумным, рассудительным, образумиться
Хаһан өйдөнөр, тобуллар муҥнаахтар буолла? И. Гоголев
Ити боппуруоска санаам тобулунна. Далан
Биригэдьиирдээ. Эдэр киһи сайдан тобуллан иһиэҥ буоллаҕа. А. Данилов - көсп. Куолаһыҥ чөллөрүйэн, иҥнибэккэ ыллаа. ☉ Раскрываться (напр., о голосе), литься, разливаться (напр., о песне)
[Николай] кэнникинэн куолаһа улам тобуллан, тохтообокко туойар буолбута. Н. Степанов
Дьэ, улам тобуллан Тарҕаата Дорҕоонноох ырыата. Н. Рыкунов
Үчүгэй ырыаһыт туойан доллоһутан истэҕин аайы күөмэйэ ордук тобуллар диэн этэллэрэ кырдьыктааҕын Александр Самсонов бу киэһэ бигэргэттэ. «Кыым» - көсп. Уруккугунааҕар ордук табыллан тугу эмэ гын (хол., кэпсээ). ☉ Делать что-л. лучше, чем раньше, раскрываться в чем-л., в каком-л. деле, занятии
Оҕонньор уутугар-хаарыгар киирэн, сэһэнэ улам тобуллан барда. Болот Боотур
[Салайааччы дьахтар] Дьону түмэргэ Дьоҕура тобуллар. Р. Баҕатаайыскай
Галина Васильевна сэһэргэһэн истэхпит аайы улам тобуллан улгумнук кэпсии-ипсии олорбута. «ХС»
♦ Өйө тобуллар көр өй
Арай, үлэҕэ эмиэ ити курдук өйдөрө тобуллара, арыллара буоллар, тугу тулутуо этилэр! «ХС». Өһө тобуллар (тэстэр) суола көр өс II. Булт туһунан кэпсэтиигэ, эһэм, дьэ, өһө тобуллар суола. Өһө тобулунна (тэһиннэ) көр өс II. Оҕонньор өһө тобуллан кэпсээн барда. Сэһэнэ тобулунна — өһө тобулунна (тэһиннэ) диэн курдук (көр өс II). Эмээхсин үөлээннээхтэрин кытта сэһэнэ тобулунна
Еще переводы: