Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тойон-хаан

даҕ. Тойон курдук туттар, былааһын биллэрэр, көрдөрөр. Выказывающий, демонстрирующий власть, начальнический
Туораттан көрөргө тойон-хаан ыал тоттук оҕото дьаарбайа сылдьарыгар маарынныыра. Софр. Данилов
Солбуйааччы куруутун тойон-хаан курдук туттарын сөбүлүүрэ. «ХС»
Тойон-хаан көрүҥнээх киһи кумааҕыны бэрийтэлиир. СЮ ЫБ


Еще переводы:

дадай

дадай (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Көстүүлээх кэтит түөстээх, көҕүстээх буол. Быть плотным, широким в груди и в плечах
Ол олордоҕуна, биирдэ улахан баҕайы дадайбыт, билбэт киһилэрэ тиийэн кэлбит. Н. Неустроев
Иннигэр Дьэкиимэп дадайан, Тойон хаан муоһалаан испитэ. Эрилик Эристиин

аллаахтык

аллаахтык (Якутский → Якутский)

сыһ. Улгумнук, түргэнник уонна эрчимнээхтик (айаннаа, үлэлээ эҥиннээ). Ходко, бойко и энергично (идти, ехать, работать и т. д.)
Иннигэр Дьэкиимэп дадайан, Тойон-хаан муоһалаан испитэ. Сур ата өрүтэ хантайан Аллаахтык айаннаан биэрбитэ. Эрилик Эристиин
«Белорусь» ходуһа диэки бэрт аллаахтык айаннаан истэ. «ХС»
Кыраабылы аллаахтык тардыалыыгын. «ХС»
Туута аллаахтык халыһыйар. И. Данилов

сэбэрэлэн

сэбэрэлэн (Якутский → Якутский)

сэбэрэлээ диэнтэн бэй
туһ. Оҕото этэҥҥэ эргийэн кэллэ, өссө улааппыкка дылы буолбут, үөһээ уоһугар кыратык торумтуйан көстөр бытыктаммыт, хайдах эрэ, кырдьык, эр киһилии сэбэрэлэммиккэ дылы. Н. Якутскай
Кини аармыйаттан маҥнай кэллэҕин утаа дьарамай, уһун-синньигэс бэйэтэ билигин лаппа халыҥаан, санна дарайан, толору эттээх-сииннээх тойон-хаан сэбэрэлэннэ. С. Никифоров

туолун

туолун (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Олус улахан, сүдү көрүҥнээх буолан көһүн. Быть, казаться очень большим, иметь внушительный вид
Иннибэр болуоссат иэнэ улуукан бухатыыр куйаҕынан бүрүллүбүт курдук томтойо туоллан сытар. П. Тобуруокап
Алта хостоох, толуу мастаах Ампаар дьиэтэ туоллан турар. Р. Баҕатаайыскай
Тойон хаан киһи туоллан олорон, суон бааҕынас куолаһынан күө-дьаа сөҥөдүйдэ. Тумарча

дьарамай

дьарамай (Якутский → Якутский)

даҕ. Модьу-таҕа буолбатах, хатыҥыр уонна иинэҕэс дьүһүннээх (үксүн киһиэхэ тут-лар). Не крепкого телосложения, худощавый, хилый, сухопарый
Ханнык да уус тарбах чочуйбат, Ханнык да уран тыл хоһуйбат Дьарамай, чэпчэки тугуттар Тыкаара сыыр үөһэ оонньууллар. С. Данилов
Кини аармыйаттан маҥнай кэллэҕин утаа дьарамай, уһун синньигэс бэйэтэ билигин лаппа халыҥаан, санна дарайан, толору эттээх-сииннээх тойон-хаан сэбэрэлэннэ. И. Никифоров
Оо, төһөлөөх туонна чоҕу, тууһу, доруобунньугу таспыта буолуой бу дьарамай саха дьахтарын санна. «ХС»

улуутук

улуутук (Якутский → Якутский)

сыһ.
1. Атыттартан бэйэҕин улаханнык сананан, улахамсыйар курдук. Важно, напыщенно, заносчиво
Иккиһэ тойон-хаан ньуурдааҕа, Улуутук туттара. С. Данилов
Кинини киинэҕэ устаары, хаартыскаҕа түһэрээри көтө сылдьаллар үһү. Көр, оннук бэйэтин улуутук сананара. Э. Соколов
2. Дьоһуннаахтык, боччумнаахтык. Горделиво, величественно, достойно
Таптаа Ийэ дойдугун Кыраһыабайдык, улуутук, Халлаан көҥүл урсунун Таптыыр үрүҥ былыт курдук. И. Гоголев
Улахан дэриэбинэ чуумпуруоҕунан чуумпурбут, улуутук уорастыйбыт. В. Протодьяконов
[Хара улар] улуутук туттан хааман дуодалдьыйара. И. Федосеев

ыйаахтаа

ыйаахтаа (Якутский → Якутский)

туохт.
1. итэҕ. Ким эмэ дьылҕатын, оҥоһуутун төлкөлөө (Дьылҕа Тойон Хаан эбэтэр Айыы Тойон туһунан). Предназначать, определять чью-л. судьбу (о божествах Дьылҕа Тойон Хаане или Айыы Тойоне)
[Айыы Тойон] Төрүөхпүтүн төннөр төлкөлөөтө, …… Ыччаппытын быстар ыйаахтаата. Өксөкүлээх Өлөксөй
Кэннибитин кэмнээн, Кэлтэгэй ыйаахтаабыт. П. Ойуунускай
2. Кимиэхэ эмэ тугу эмэ булгуччу толороругар сорудах, дьаһал биэр. Повелевать, приказывать, давать распоряжение кому-л.
Миигин ойууттары барыларын дьаһайар тойон оҥороллоро буоллар, акаары итиэннэ аатыгар эрэ ойууттары аҥаар уһугуттан таһыйарга ыйаахтыам этэ. С. Курилов (тылб.)

дьэллэмсий

дьэллэмсий (Якутский → Якутский)

туохт., сөбүлээб.
1. Аһаҕастык, ыһа-тоҕо күө-бааччы кэпсээ, кэпсэн. Быть чересчур словоохотливым, много откровенничать или болтать
Оҕонньор бэйэтэ да иһигэр тоҕо итинник айаҕа аһыллан дьэллэмсийбитин дьиибэргии санаан аһарда да, бачча улгумнук кэпсэтэн иһэн кэхтэн хаалар сатамньыта суоҕун өйдөөн, күөдьаа сэҥээрэ [олордо]. П. Аввакумов
[Дириэктэр] хонтуоратыгар тойон-хаан бэйэтэ, тыла-өһө өһүллүбүт, дьэллэмсийбит. С. Никифоров
2. Барытын дэлэйдик, дэлэгэйдик ыһатоҕо биэр; олус дэлэгэй буолан көстө сатаа. Давать, одаривать кого-л. чем-л., щедро делиться; выставлять напоказ, демонстрировать свою щедрость. Дьэллэмсийбитэ сүрдээх - тугун барытын туран биэриэх курдук

ыйаахтаах

ыйаахтаах (Якутский → Якутский)

I
даҕ., итэҕ. Үөһээттэн айдарыылаах, Дьылҕа Тойон Хаантан оҥоһуулаах, аналлаах. Имеющий предназначение, предопределение, предписание (от божеств)
Дьылҕаттан ыйаахтаах этим. ПЭК СЯЯ
Мин даҕаны Одун биистэн оҥоруулаах, Чыҥыс Хаантан ыйаахтаах киһибин. Ньургун Боотур
Дьылҕа Хаантан ыйаахтаах булчут үһү. Амма Аччыгыйа
Иччилээх түүллээх дьон айылҕаттан айдарыылаах, үөһээттэн ыйаахтаах буолаллар эбит. БРИ ТТ
II
даҕ. Атын буолбатах, дьиҥнээх. Подлинный, настоящий, законный. Миигин оҕо эрдэхпиттэн Кулай диэн ыҥыраллар да, ыйаахтаах аатым Ньукулай диэн ээ
Ыйаахтаах оскуолаттан тэйиччи быыкаайык эргэ дьиэни биэрдилэр, иккис кылааһы анаатылар
Туспа буруо таһааран, ыал буоллум. Амма Аччыгыйа
[Быыбарынай:] Бүөлэн, үөдэн уола. Киэбириэм эһигинньиктэргэ. Миигин ыйаахтаах ыстаарыста гыныахтара, оччоҕо өссө көрөнбилэн иһиллиэ, билигин барбах уһуга эрэ. Н. Түгүнүүрэп

киэн

киэн (Якутский → Якутский)

киэн тутун — 1) Туохтан эмэ астын, дуоһуй; туох эмэ үчүгэйгинэн, киһи ордугургуоҕунан өҥүн. Гордиться кем-чем-л.; испытывать чувство удовлетворения от чего-л.
Саха сиригэр [алмаас] көстүбүтүнэн мин улаханнык киэн туттабын. Суорун Омоллоон
Өрүү мин киэн туттабын Саха тыллаах буолбуппунан. С. Данилов
Сэргэчээн Кулаковскайы эт бэйэтин көрбүтүнэн киэн тутта сананара. Болот Боотур; 2) кэпс. киэмсий, киэбир. Быть высокомерным
Тойон-хаан ньуурдааҕа, Улуутук туттара: албыны сатыыра, баайдааҕа — Онон киэн туттара. С. Данилов; Киэн туттунуу көр киэн туттуу
Мадьярдар — былыргы үрдүк култууралаах омук. Национальнай киэн туттунуулара олус күүскэ сайдыбыт. Багдарыын Сүлбэ
Хоту сир киэн туттунуута, Туҥуй атах, тугутчаан! Доҕордоһуу т. Улахан уонна Аччыгый Өлүөрэ диэн күөллэр — бу дьүкээгирдэр киэн туттунуулара. С. Курилов (тылб.); Киэн туттуу — туохтан эмэ астыныы, дуоһуйуу. Чувство удовлетворения чем-л., гордость за кого-что-л.
Уолаттарын ааттара бастыҥнар ахсааннарыгар киирдэҕинэ киэн туттуу истиҥ иэйиитэ кини дууһатыгар кутуллан киирэргэ дылы. «Кыым»
Бу үрдүк сыанабыл — кини тутааччыларын уонна олохтоохторун киэн туттуулара. «ХС»