Якутские буквы:

Якутский → Якутский

халтайга

халтай диэн курдук
Биһиги бары эрэйбит халтайга хаалбатын туһугар кыһаллыахтаахпыт. С. Никифоров
[Балыксыттар] сырыыларыгар үгүс бириэмэлэрин халтайга сүтэрэллэр, инньэ гынан муҥхаларын күҥҥэ иккитэ, сорох күн биирдэ эрэ түһэрэллэр. «Кыым»


Еще переводы:

задаром

задаром (Русский → Якутский)

нареч. разг. 1. (бесплатно) буор босхо; 2. (напрасно) мээнэҕэ, халтайга.

чаймыктаа

чаймыктаа (Якутский → Якутский)

туохт. Бириэмэҕин халтайга ыыт, туһата суоҕунан дьарыктан. Заниматься чем-л. бесполезным, терять время
Дакылаатчыт наһаа дайбаан, Чаймыктаан чаҕыппытынан [барда]. Күннүк Уурастыырап
Кинилэрдиин чаймыктаан, кэскиллээн кэпсэтэр Туох эмэ туһалаах буолуоҕун булбаппыт. «ХС»

ыр-сылай

ыр-сылай (Якутский → Якутский)

туохт. Аһаабакка сылдьан аччыктаан, сылаарҕаан, эһин-быһын, илиһин. Валиться с ног от голода и усталости, сильно утомиться
Мин эрэйдээх эмиэ куорат устун соҕотоҕун халтайга хааман, …… ыран-сылайан, аччыктаан, кыйаханан, киҥим-наарым холлон кэлэрим. «ХС»

сылааппатый

сылааппатый (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Мөлтөө, урукку таһымҥар тиийбэт буол. Слабеть, терять силу
Эн тойон буоллаххына, оччоҕо биһигини биирдэ көрөөр-билээр, ол иннигэр халтайга саҥарыма, хата сыҥааҕыҥ күлүүһэ сылааппатыйыа, онон хойут кыайан саҥарбат буолуоҥ! Н. Түгүнүүрэп
Төбөҥ биинтэтэ сылааппатыйбыт дуу? Л. Габышев
Ол да буоллар, харах син биир сылааппатыйар, мөлтүүр, ону чөлүгэр түһэриигэ элбэх эрэй, үлэ наада буолар. «Кыым»

хааҕы

хааҕы (Якутский → Якутский)

хааҕы буол — туһата суохха, халтайга эрэйдэн. Зря мучиться, страдать понапрасну
Эпэрээссийэ кэнниттэн тута туора киһини көрүһүннэрбэттэрэ биллэр, оччоҕо тиийэн мээнэ хааҕы буолар. В. Яковлев
Онон, кэлээччилэр-барааччылар күнү быһа сөмөлүөт күүтэн хааҕы буолаллар. «Кыым»
Итии таҥас булунаары, кууруспут бүппүтүн кэннэ Москваҕа бэрт өр хааҕы буолбуппут. «ХС»

буомтуй

буомтуй (Якутский → Якутский)

туохт. Кэҕин, бытаар, тохтоо (ким-туох эмэ үүнэрин-сайдарын туһунан). Замедляться, задерживаться или останавливаться в росте, развитии
Хаһыҥ түһэн үлүтэн кэбистэҕинэ, кураан буолан буомтуйан хааллаҕына — бар-дьон санаалара түһэр: хаарыан көлөһүннэрэ халтайга хаалар. Күннүк Уурастыырап
Мин мөҕөрбүттэн, таһыйарбыттан буомтуйан эрэр оҕолор, хайыаххытый? Эһигини куһаҕан буолуҥ диэбэппин ээ. Дьүөгэ Ааныстыырап
Эдэр, үүнэр сааһыгар Күлүк Лухалаах хотоннорун ыылаах салгыныгар буомтуйбута, кэхтибитэ кинини эрдэ кырытыннарбыта, эмэҕирдибитэ. Н. Якутскай

кэриэстээх

кэриэстээх (Якутский → Якутский)

даҕ. Умнуллубат, күндү, кэриэс курдук өйдөнөр. Почитаемый, памятный, свято хранимый
(Оннооҕор) биир хоммут отуу кэриэстээх (өс ном.). Өлбөт кэриэстээх буойун төлөпүөнүн ситим боробулуохата быстыбытын холбуу ытырбытынан өлбүтэ. Суорун Омоллоон
Атынтан атыны тиһэммин Анараа ааһабын, Кэриэстээх уҥуохха кэлэммин Киэпкэбин устабын. А. Абаҕыыныскай
Сурт кэриэстээх (өтөх төҥүргэстээх) — бэйэтэ өллөҕүнэ даҕаны кэннигэр хаалларар, аатын ааттатар киһи-лээх, нэһилиэнньиктээх. Имеет продолжателя рода, наследника
«Сурт кэриэстээх» — диэн саха халтайга эппэтэҕэ, Үтүө дьыала хагдарыйбакка Үүнүө үгүс үйэҕэ! Эллэй
Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх! — Ааспыт олох суолларын ырытан, Аныгы да ыччат билиэхтээх. Л. Попов

мээнэ

мээнэ (Якутский → Якутский)

сыһ.
1. Солуута суохтук, таах халтайга. Зря, попусту, понапрасну
Дьэллик булка моһуогурбутун, араас эрэйгэ-кыһалҕаҕа эриллибитин туһунан, сорох булчуттар курдук, мээнэ ыһа-тоҕо, кэпсии сылдьыбат үгэстээх. Н. Заболоцкай
[ Акулина:] Хата харчыгын мээнэ туттума, оҕолор наадаларын атыыласпытынан бар. Дьүөгэ Ааныстыырап
Лаана, оонньуугун дуу, тугуй? Тоҕо мээнэ тылга тииһэҕин? В. Гаврильева
2. Балай эмэ биллэрдик, биллэр курдук гына (эбилин эбэтэр көҕүрээ). До вольно ощутимо, значительно, солидно (прибавляться или убавляться)
Билигин да, бадаҕа Мээнэ ырдым, сэгэттэй. Күннүк Уурастыырап
Дьэ, сотору соҕус киниэхэ [оҕонньорго] оноҕос икки өттүнэн мээнэ сыыйылла түспүт. Багдарыын Сүлбэ
ср. эвенк. мэнэ ‘попусту’

үлүт

үлүт (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Этиҥ-сииниҥ (хайа эмэ өттүн) эчэйэр гына улаханнык тоҥор. Повредить (часть тела) на морозе, обморозить
Ыл, доҕор, маны кэт, атаххын үлүтэн кэбиһээйэҕин. Амма Аччыгыйа
Һоо, муннун төбөтүн үлүтэн кэбиспит дии. Софр. Данилов
[Түөрэҥэй Дьөгүөр] эдэригэр онон-манан тэлэһийбит, хоту сылдьан атаҕын тарбахтарын мүлтүччү үлүтэн кэбиспит, онон сэриигэ кыттыбатах. П. Аввакумов
2. Тоҥорон кэҕиннэр, салгыы үүммэт гын (тымныы салгын — үүнээйини). Погубить, уничтожить холодом, прихватить морозом (о растении)
Хаһыҥ түһэн үлүтэн кэбистэҕинэ, …… бар дьон санаата түһэр: хаарыан көлөһүннэрэ халтайга хаалар. Күннүк Уурастыырап
Ситэ буспатах, кылыстаммыт эрэ бурдугу хаһыҥ дөбөҥнүк сиир, үлүтэр. С. Маисов

халтай

халтай (Якутский → Якутский)

  1. сыһ. Туһата суох, мээнэ. Зря, напрасно, бесполезно
    Хайатыгар да халтай эрэйдэннэҕиҥ буолуо. Софр. Данилов
    Таах харчыгын уонна ньиэрбэҕин халтай сиэхтэрэ, аккаастан. Т. Нутчина
    [Түүлгэ] миинньик атыылаһаҕын — халтай түбүгүрэргэ. БРИ ТТ
  2. даҕ. суолт. Көдьүүһэ суох, таах хаалар. Напрасный, бесполезный
    Халтай халлаан киһитэ — Чугдаар долуой утуйбата. Күннүк Уурастыырап
    Тоойуом, буруйдааҕы көрдүүртэн бу күн анныгар атын халтай сыра суох. Т. Нутчина
    [Түүлгэ] түһээн сүүрэриҥ — халтай түбүктэргэ. БРИ ТТ
    Халтай (халтайга) хаамп — туох да көдьүүһэ, туһата суох, мээнэ хаамп. Ходить зря, безрезультатно, впустую
    Өрүс биир эҥээригэр, кутуйахтаах өттүгэр, түбэспит булчут күннүүр. Нөҥүө өттүгэр сылдьар киһи халтай хаамар. Н. Босиков
    Дьон ыйы ыйдаан бултуйбакка халтай хаамаллара, хоргуйан өлөр кутталга киирэллэрэ үгүс этэ. КФП БАаДИ