I
туохт. Дириҥээн, иһирдьэ киирэн хаалбыт курдук буол, уол (хараҕы этэргэ — ыалдьан, аччыктаан, сылайан). ☉ Вваливаться, западать (вследствие болезни, голода, усталости — о глазах)
Кыһалҕа!.. Хараҕа ыалдьыбыт киһилии хойуорбут, халтаһалара кытара испиттэр, хас да хонукка утуйбатах киһиэхэ майгылыыр. И. Гоголев
Икки хонук устата аһаабатах киһи аанньа буолсу дуо, икки хараҕа хойуоран түһэр, иҥнэрин уҥуохтара чорбойон тахсаллар. Н. Якутскай
Бүлүү эбэ хотун сүнньүн буларыгар кыыс [Чиэнэ] сырата-сылбата быһынна, икки хараҕа, мэктиэтигэр хойуорда. И. Данилов
II
туохт.
1. Олус куйааһырҕаан утат. ☉ Испытывать жажду, сильное желание пить из-за жары, зноя
Сүөһүлэр хойуоруохтарыгар диэри тэпсэҥнии сатаан баран хотон чэҥин салыыллар. «Кыым»
[Муммут кыыс] утатан, көхсө хойуоран, аны уу булан испит киһи диэн эрэ санаалаах буолла. «Кыым»
2. түөлбэ. Итиигэ кууран, тымныыга тоҥон уолан хаал, быһаҕас түс. ☉ Убывать, иссякать из-за засухи или промерзая до дна (напр., о реке, ручье)
Алаастарбыт угут дьылга дэлэйэр, курааҥҥа уолан хойуора тоҥор уулаахтар. Сэмээр Баһылай
Олус тымныйан, күөллэр уулара хойуора тоҥон, сааһыгар балыктара атан тахсыбыта. Айталын
Уһун тымныы кыһын устатыгар күөл дөйө тоҥмотох, уолбат уулаах хойуорбатах өттүгэр тиийэ көһөн ойбонноноллор. ПАЕ ЭАБ
Үөһээ Халыма оройуонугар бэрт элбэх күөл хоруллан чычааһырбыттар эбэтэр адьас хойуорбуттар. «ХС»
Якутский → Якутский
хойуор
хой
I
даҕ. Ис хоһооно суох, кураанах, дойҕох (тыл-өс туһунан). ☉ Бессодержательный, пустой (о речи)
Дэҥҥэ, ханнык эрэ сир баһыгар, ити курдук этэр, кэпсэтэр ускахтарын дуораана кэлэрэ. Атын, түһээн да көрбөтөх дьоннорун хой дойҕохторо. С. Дадаскинов
[Кириисэ:] Куттаан-куттаан бүтэн баран, Кураанах хой хайҕаллаах, Булгуччу да моһуогуран Бу кыыс сүттэ быһыылаах! «ХС»
♦ Хой баһа — 1) мээнэ, солуута, ис хоһооно суох тыл-өс, санаа-оноо. ☉ Чушь, вздор, ахинея
Хой баһа хоһоон субуллар, дойҕох тойук суккуллар. Л. Попов
Дьэбдьиэ …… олоҕо суоҕу ыралыы, хой баһын саныы сыппыта эмискэ суох буолла. Болот Боотур; 2) олус ыраах. ☉ Очень далеко, на большом расстоянии от кого-чего-л.
Саҥа оҥостуоҕу, хайыһар хаптаһына буолар маһы таастан булбаккын, маска тиийэр хой баһа. Болот Боотур. Хой баһа тыл көр тыл II. Хой баһа тыллаах киһи. Хой баһын (тойугун) туой (тарт, тыл- лас) — мээнэ, туох да олоҕо, сыһыана суоҕу, киһи итэҕэйиэ суоҕун саҥар. ☉ Молоть вздор, городить чепуху
Чэ, хой тойугун тардыаҕыҥ, күн көрүн түһэриэҕиҥ. И. Гоголев
Тыаҕа сатаан сылдьыбат дьон хамсыы түстэллэр эрэ, хой баһын тарда сылдьар буолаллар. Н. Босиков
[Омуннаах уол] Арыт таба этэр, Син түөрдү ылар. Арыт түҥ-таҥ эрдэр Хой баһын туойар. Баал Хабырыыс
Нойоон, эн хой баһын туойаҕын, олоҕу билбэт, хаҥыл буолаҥҥын. «Чолбон»
Тугу эмэ кэпсээтэҕинэ, букатын хой тойугун туойар, көрдөрөн олорон сымыйалыыр. «ЭК»
II
аат. Бараан. ☉ Баран
Таһыттан хара кыыс сибилигин өлөрүллүбүт хой иһин, сулуйуллан кырбаммыт этин икки иһиккэ тутан киллэрдэ. Н. Лугинов
Араас тэбиэн, хой сүөһүлэр ирбэт тоҥ муус дойдуга суохтар. КДьА
Күөх дуолга хой (бараан), сылгы, ынах үөрдэрэ мэччийэллэр. «ХС»
др.-тюрк., тюрк. хой
Якутский → Русский
хой
сущ.
баран, хой баһын туойума - не говори о пустом (буквально - не воспевай голову барана), хой баһа дойҕох - словоблудие, пустой разговор.
Якутский → Английский
хой баһа
a. stupid, rubbish
Еще переводы: