1) резвый; холуон оҕо резвый ребёнок; 2) перен. необузданный; холуон киһи человек с необузданным нравом; холуон сылгы злая диковатая лошадь.
Якутский → Русский
холуон
холоо=
определять что-л. (приблизительно); холоо, төһө от кэлиэй скажи, сколько сена можно получить; хас киилэ буолуой, холоо определи, сколько килограммов будет; дьоҕойон , холоон көрөҕүн дуу? да ты, никак, меня испытываешь? (с оттенком недовольства) # холоон көр! попробуй-ка! (угроза).
Якутский → Якутский
холуон
даҕ.
1. Олус күүстээх, дохсун (хол., тыал). ☉ Обладающий большой силой, мощный, резкий, бурный. Холуон сырыылаах
□ Анныбар холуон сүүрүктээх өрүс будулуйа устар. П. Аввакумов
Куондалай маҥан тумуллар үрдүлэринээҕи хомураҕы-тибиини холуон холорук хоҥнорута ытыйда. Эрилик Эристиин
[Куртуйах улар] Холуон тымныыттан Хотоол сир Хомурах хаарыгар Хорҕойон кыстаабыт. «ХС»
2. көсп. Баламат, толоос, сиэргэ баппат (хол., сыһыан). ☉ Оскорбительно дерзкий, грубый (напр., об отношении одного человека к другому). Холуон майгылаах
□ Айманар эбиппин — ыччат да, орто да көлүөнэ дьон өбүгэ үгэстэригэр холуон сыһыаннаммыттарыттан. Хомус Уйбаан
[Сайыына] наар бэйэтин эрэ иннин саныыр. Бэл, киниэхэ уонна аҕатыгар тымныы, холуон сыһыаннаах. ТТК
Ыччат дьон баҕаларын Ытыктыыры эрэйэбин, Холуон соҕус быһыыларын Хоруотуохпун кэрэйэбин. «ХС»
3. көсп. Бас баттах, сиэри таһынан (тыл-өс туһунан). ☉ Грубый, нелюбезный, неприличный (о речи, выражении)
Оо, дьон, киһи сүрэҕин саамай уйан бааһын холуон тылынан таарыйаргытыттан тоҕо сэрэммэккит буолуой?! Софр. Данилов
Санаа түһэр хоһооннорун Суруйар киһи диэннэр Холуон тыллар хоноллорун Кэпсээтилэр кэлэннэр. С. Тарасов
ср. др.-тюрк. хал ‘безумный, бешеный’, бур. халуун ‘горячий (пламенный)’
холоо
туохт.
1. Кими, тугу эмэ кимиэхэ, туохха эмэ тэҥнээ, майгыннат. ☉ Уподоблять кого-что-л. кому-чему-л., сравнивать
Киһи оҕо сааһын сарсыардаҕа, ситэр сааһын күнүскэ (күөгэйэр күнүгэр), оттон кырдьыытын киэһэҕэ холууллар. Саха фольк. Дойдутугар тахсарыгар, уруккутугар холоон, мунду бөҕөнү сиэм диэн саныыра, хата, биир мунду баһын хампы ыстаабатаҕа. Н. Якутскай
Ээ, биһиги дьоммут тэллэйи аанньа билэ иликтэр, улахан аска холооботтор. Е. Неймохов
2. Тугу эмэ быһа холуйан, барыллаан кэмнээ, быһаар, холуй. ☉ Определять что-л. приблизительно, прикидывать
Хотону саамай улааттаҕына, икки сүүс ынахха холоон тутуоҕуҥ. В. Титов. Биирдэ сиэнэ ыйытта: «Эһээ, ити тоҕо балыккын мунньаҕын, бэйэбит эрэ тоторбутун холоон буһарыаххын?» КФА СБ
Убаҕаһы утах ханарынан холоон иһиэххэ наада. Дьиэ к.
3. Тугу эмэ тургутан көр, сибикилээ, билгэлээ. ☉ Пробовать, оценивать что-л. [Булчут хаары] Сөмүйэтинэн оймоото — Суоллара тоҥо илик, Билгэлээн көрдө, холоото — Сүүрэ туртар тус илин. Эллэй
[Ходоров] хайдахтаах да уустук бырайыагы маҥнай толкуйдаан, холоон, ыараҥнатан көрөн баран, бырайыак сүрүн оҥкулун начаас курдурҕаччы оҥорон кэбиһэр. Н. Лугинов
Омурҕанныы тохтуубун, Охсор сирбин холуубун. А. Бродников
♦ Кумаар да сиэбитигэр (ытырбытыгар) холообот көр кумаар
Икки саалаах кииртим. Биир куһаҕан булгу тутуунан үс төгүл ыттым даҕаны, кумаар да сиэбитигэр холообото. Багдарыын Сүлбэ
Өлөрү утуйарга холоо көр өл I. Дьон-норуот туһугар Эрэйин дьолго солбуйбута, Өлөрүн утуйарга холообута. С. Зверев
Күтүр дойду көлдьүнэ Аймаан-алдьатан баартын Ситиһэр иннигэр, Өлөрбүн даҕаны Утуйарга холуом! Суорун Омоллоон
Хоҥуруутугар <да> холообот (хоннорбот) көр хоҥуруу. [Лэкиэс:] Чэ, аныгы киһи санаата уларыйбыта, тугу да хоҥуруутугар холообот буолта сүрдээх. А. Софронов
«Кэһэйдин, тугу да хоҥуруутугар холообот», — Пуд Ильич сэтэриир. Далан
◊ Быһа холоон көр быһа I
Сахалыы добдугураччы ааҕара, нууччалыы даҕаны быһа холоон сурук ис хоһоонун син өйдүүрэ. Софр. Данилов
Утуйуон иннинэ эһэ көннөрү бириэмэтээҕэр быһа холоон үс төгүл элбэҕи аһыыр, түөрт уонтан тахса киилэ сыаны мунньунар. ЭБЭДьА. Хараҕынан холоо — тугу эмэ көрөҥҥүн барыллаан, быһа холуйан быһаар. ☉ соотв. определять что-л. на глаз
Кыһыахтаах чороонум быһыытынтутуутун барыллаан, илиибэр ылан, тэйитэ-тэйитэ харахпынан холоотум. Н. Борисов
Кыылы уонна хоруолугу иитэр научнай-чинчийэр институт сүбэтинэн хаһаайыстыба усулуобуйатыгар аһылык сыатын хараҕынан холуохха сөп. БЗИ СА. Холоон көр — кими, тугу эмэ тургутан көр, бэрэбиэркэлээ, боруобалаа. ☉ Пробовать, испытывать кого-что-л. [Оҕонньор:] Нойоон, төһө хоһууҥҥун, хапсаҕайгын уонна быһыйгын мин холоон көрүөм
Саха фольк. [Дьээбикин:] Бэртэр кэлбит буоллаххытына, тоҕус ох сиртэн туран ыта холоон көрүҥ. Н. Габышев
Дьоннор улахан күүстээх киһи кистэнэ сылдьар быһыылаах диэн уорбалаан, киһилэрин холоон көрөргө сүбэлэспиттэр. «Чолбон»
Якутский → Английский
холоо=
v. to compare; холоон a. no better
Еще переводы: