Якутские буквы:

Якутский → Русский

хотолдьуй=

разд.-кратн. от хотой =; кини хаамтаҕына , муоста хотолдьуйар когда он ходит, пол прогибается.

Якутский → Якутский

хотолдьуй

  1. хотой I диэнтэн б. тэҥ. көстүү. Үҥкүү долгулдьуйар, үрдүк муоста хотолдьуйар. П. Тобуруокап
    Сир дьигиһийэн, кута курдук хотолдьуйан ылар. Т. Сметанин
  2. көсп. Түөскүн мөтөтөн, аа-дьуо туттан устан иһэр курдук хаамп, хамсан (үксүгэр көнө быһыылаах, эттээх-сииннээх дьахтары этэргэ). Идти, двигаться, выпятив грудь, плавно покачиваясь, колыхаясь всем телом (обычно о рослой, полнотелой женщине)
    Ирина Васильевна кэрэ таһаатынан кими эмэ ымсыырда хамсанан, болуоссаты ортотунан хааман-сиимэн хотолдьуйда. П. Аввакумов
    Ийэтэ ыскааптан саҥа чааскы аҕала хотолдьуйда. П. Чуукаар

Еще переводы:

хотолдьут

хотолдьут (Якутский → Русский)

побуд. от хотолдьуй =.

бачыгыраамахтаа

бачыгыраамахтаа (Якутский → Якутский)

бачыгыраа I диэнтэн төхт
көрүҥ. Баҕаналара бачыгыраамахтаата, Өһүөлэрэ өҕүллэҥнээтэ, Муосталара хотолдьуйда. П. Ядрихинскай
Сүллэр этиҥ бачыгыраамахтаата. Д. Таас

чинэлдьис

чинэлдьис (Якутский → Якутский)

чинэлдьий диэнтэн холб. туһ. [Оһуохайга дьон] атын үлүгэрдик чинэлдьиһэн, түһүлгэлэрэ холкунаҕыл бэйэлээхтик хотолдьуйа долгуйан барда. С. Федотов

выступать

выступать (Русский → Якутский)

несов. 1. см. выступить; 2. (выдаваться вперёд) чорбойон таҕыс, чорбойон тур; тумустаан киир; 3. (ходить с важным видом) хааман хотолдьуй, дьоһумсуйан хаамп.

хотолдьут

хотолдьут (Якутский → Якутский)

хотолдьуй диэнтэн дьаһ
туһ. Алардаһа ылсыһаннар, аргыый аҕай сайгыччы, төбүрүөн түһүлгэни төрүттээн оһуохайдаан хотолдьуталлар. Айталыын. Оройуонтан кэлбит дэлэгээттэр Дьокуускай куорат пионердарын кытта бииргэ парааттаан хотолдьутан бараллар. «ББ»

өҕүллэҥнээ

өҕүллэҥнээ (Якутский → Якутский)

туохт. Өҕүллэөҕүллэ көн. Упруго выгибаться, изгибаться, пружинить
Үрэх тумулугар соҕотох буруо тыалга бүк охсуллан араастаан өҕүллэҥнии көһүннэ. Эрилик Эристиин
Дьиэлэрин эркиннэрэ Дьигиһийбэхтээн ылла, Баҕаналара бачыгыраамахтаата. Өһүөлэрэ өҕүллэҥнээтэ Муосталара хотолдьуйда. П. Ядрихинскай
Оронун сиһэ ыарырҕаппыттыы өҕүллэҥнээн, кыычыгыраан ылла. М. Доҕордуурап

туоллаҥнаа

туоллаҥнаа (Якутский → Якутский)

туоллай диэнтэн б
тэҥ көстүү. Аһаан-сиэн чалбараҥнаан, тотон-ханан туоллаҥнааннар олордулар тойонноох хотун. ПЭК ОНЛЯ III
Бу эмээхсин …… күөх хонуу устун хааман туоллаҥнаатаҕына, хонуу ньуура хотолдьуйарга дылы гынара үһү. Саха сэһ. 1977

хотолдьус

хотолдьус (Якутский → Якутский)

хотолдьуй диэнтэн холб. туһ. Ыанньыйбыт сириннэрин сиргэ тиийэ намылыппытынан улахан ынахтар хотун дьахталлардыы хааман хотолдьуһаллар. Далан
Обуос хоҥнубута. Кини кэнниттэн ырыа ыллыы-ыллыы кыргыттар барбыттара, дьахталлар дьоһумсуйбуттуу хотолдьуспуттара. Г. Николаева (тылб.)

арылыйар

арылыйар (Якутский → Якутский)

даҕ., поэт. Сырдаан, сандааран көстөр. Сияющий, сверкающий
Хотолдьуйар бэйэлээх Хотугулуу өттүнэн Арылыйар Сүүрүктээх Алдан өрүс эбэлиин Аан Тараҕана сайылык Аатыран аххан турар эбит. Саха нар. ыр. III
Аймаһыйар уулаах, Арылыйар долгуннаах, Аммакалыыр эбэкэм Туналыйар ньууруттан Кэтит иэнэ суолланар Кэрэхсэллээх күнүм кэллэ. Саха фольк. Оой, арылыйар алааһым, Уйгу сайынтан итирдим, Көҥүл санаабын батыһан Күн көрүгэр көҕүйдүм. С. Данилов

ньэлбэгэйдии

ньэлбэгэйдии (Якутский → Якутский)

көр нэлбэгэйдии
Кини бэдэр саҥыйаҕын ньэлбэгэйдии кэтэн туран үүс-киис тириитэ өллүргэлээх үтүлүгүн уоһунан илиитин таһааран туран …… алҕаабыта. Саха сэһ. I
[Сабыйа Баай хотун] Бэдэр бэрдэ Бэртэлээх саҕынньаҕын Ньэлбэгэйдии кэтэн Нэлэгэлдьийэн-хотолдьуйан …… киирдэ. П. Ойуунускай
Уордаах Үөксүкү киис бэргэһэтин эгэпчилии кэтэн, саҕахтаах саһыл саҕынньаҕын ньэлбэгэйдии кэтэн баран, төттөрү-таары хаамыталыыр. Суорун Омоллоон