чомпо сүллүгэс көр сүллүгэс
Дуолан оҕус саҕа чомпо сүллүгэстээх эбит. Саха фольк. [Бухатыырдар] Тоҕус уон бууттаах Чомпо тимир сүллүгэстэринэн Дьулайдарын тоҥсуспутунан бардылар. ТТИГ КХКК
Якутский → Якутский
чомпо
Еще переводы:
кыымнан (Якутский → Якутский)
туохт. Кыымнаах буол, кыымынан ыһыахтан. ☉ Сверкать искрами, искриться, разбрызгивать искры
Үйэҕит тухары …… Өтөххүт төҥүргэстэннин, Оһоххут кыымнаннын. С. Зверев
Үрэллигэс кыымнанан Отуу уота кытыастар. А. Абаҕыыныскай
[Кулун Куллустуур] Чомпо тимир сүллүгэһинэн, Уот кыымнаныар диэри [Күн Толомон Ньургустайы] Охсон ньиргиттэ. ТТИГ КХКК
тэрбэлдьий (Якутский → Якутский)
тэрбэй диэнтэн арыт
көстүү. Кыыс дьахтар харахтаах хааһа тэрбэлдьийэн көстөр кырыктаах үҥүүлээх эбит, дуолан оҕус саҕа чомпо сүлүгэстээх эбит. Ньургун Боотур
Тэрбэгэр харахтаах, Тэрбэлдьийэр хаастаах, Тэтэрээхтиир иҥнээх, Тыгыалай-игиэлэй кыыс оҕо! И. Гоголев
мэрилиир (Якутский → Якутский)
мэрилиир мээчик фольк. — бухатыырдар быраҕаттаһар тимир мээчиктэрэ. ☉ Железный мяч (богатырское орудие)
Мэрилиир мээчиктэринэн чэчэгэйгэ бэрсэн Чэллиргэтиһэн бардылар. П. Ойуунускай
Биэс уоннуу бууттаах мэрилиир тимир мээчиктэрин сулбу тардан ыланнар, хара быарга бырахсан тиҥиргэтиһэн бараллар. Суорун Омоллоон
[Кулун Куллустуур] тоҕус уон бууттаах тимир чомпо сүллүгэстээх, биэс уон бууттаах тимир мэрилиир мээчиктээх эбитэ үһү. «ХС»
ыйылыннары (Якутский → Якутский)
сыһ. Сөллүбэт, төлө барбат гына, кытаанахтык (баай). ☉ Так, чтобы не развязалось, туго, накрепко, глухим узлом (завязывать, затягивать)
Ыйылыннары тардан Ыйанар быабын Ыраах бырахтым. А. Софронов
Бэргэһэтин устаары холко буолбут тииҥ тулалаах чомпо бэргэһэни быатын ыйыллары тардан кээстэ. Эрилик Эристиин
Ити бириэмэҕэ Кутувья, ойон туран туора ыстанаат, маамыктатын өссө ыйылыннары тарта. «ХС»
тыыталаа (Якутский → Якутский)
тыыт диэнтэн төхт
көрүҥ. «Бэйи, үрүҥнэр кэллиннэр, ити кыһыл өрбөхтөргүтүн тырыта тыыталыырым буолуо!» — диэн Соппуруон баай иһигэр саана санаабыта. Н. Якутскай
Улуу киһи оҕонньор …… чомпо бэргэһэни быатын ыйылыннары тардан кээстин сатаан сүөрүмүнэ ыксаан, бэргэһэтин быатын быһыта тыыталаан кэбиһэн баран, дьиэҕэ тиэрэс гына [түстэ]. Эрилик Эристиин
Галя итини истээт, Харыйаан гимнастёркатын тимэхтэрин төлүтэ тыыталаан, сибилигин аҕай эмтиэх курдук, уол баастарын чэрин сымнаҕас илиитинэн имэрийтээн көрдө. «ХС»
сүллүгэс (Якутский → Якутский)
аат.
1. Ол-бу кытаанаҕы (хол., иҥиири, тириини) дэлби сынньан сымнатарга туттуллар мас молотуок. ☉ Деревянная колотушка для размягчения чего-л. твёрдого (напр., сухожилий, шкуры)
Имитиигэ туттар тэрил арааһынайа да элбэх. Холобур, талкы арааһа баар: кыһыах, үрүөх, чүчүм, соҥоһоон, кэдэрээн, сүллүгэс диэннэр. «ХС»
Хаппыт иҥиири сүллүгэһинэн сынньан, таҕаан атаҕар тардан имитэн баран, тус-туспа түрбэлээн уураллар. АЕЕ ӨҮОБ
2. Дьиэ тутуутугар эркин буолар бэрэбинэни сыапка олордон, саайан ыпсарарга аналлаах, инчэҕэй ыарахан мастан оҥоһуллубут баалкы. ☉ Тяжёлая деревянная дубина, обычно из сырой древесины, в форме бутыля, применяемая для плотной пригонки брёвен при возведении дома
Ууруллубут эркини ыпсаран, улахан, үөл сүллүгэһинэн саайан биллиргэтэллэр. Д. Таас
Эмискэ буурҕа лүҥсүйдэ. Мас сүллүгэһинэн охсордуу тордох эркинигэр саалынна. С. Дадаскинов
Тыраахтарынан эбэтэр көлөнөн тэбистэрэн баран, сиилэс дьааматын кытыыларын уонна муннуктарын сүллүгэһинэн эмиэ симэн бэриллиэхтээх. САС
3
көр сүрдьүгэс. Бурхалей …… сабыллан турар икки аллараа сүллүгэһи үрдүнэн ыстанан, Ахмет таһыгар тиийбитэ. Эрилик Эристиин
Дьөгүөр тиэргэни эргийэ сүүрбүт остоолбо сүллүгэһигэр тиийэн, …… мичээрдии-мичээрдии, оҕолорго эйэҕэстик сапсыйда. П. Аввакумов
Сылгыһыт, атын ыҥыырын төргүүтүттэн чохороон сүгэтин ылан күрүөтүн сүллүгэстэрин ытаһатын төлүтэ саайталаата. В. Протодьяконов
4. фольк. Охсуһууга саайарга аналлаах мас баалкы. ☉ Тяжёлая деревянная дубина, используемая как боевое оружие
Сүүнэ улахан сүллүгэһи сүгэн Аҥаа Моҥус көөһөкөстөөн киирэр. И. Гоголев
Убайдара [Мэник Мэнигийэйээни] дэлби мөҕөн баран, сарсыҥҥытыгар сүллүгэс оҥорон биэрэллэр. Суорун Омоллоон
Хаалдьыгар хаан моонньохтоох Хара кырыыҥкай батаһын Таҥнары тайахтанан даадаҥнаата, Сүүс бууттаах Сүгэ сүллүгэһин өрө уунан далбаатаата [Улуу Моҕойдоон]. С. Васильев
◊ Сүллүгэс күрүө — сүрдьүгэс кү- рүө диэн курдук (көр сүрдьүгэс)
Бааһыналар, даллар, оттоох күрүөлэр, тэлгэһэлэр, бука бары, ыҥырыа уйатыныы, үстүү мастаах сүллүгэс күрүөнэн бүтэйдэммиттэр. И. Никифоров
Ордук тарҕаммыттарынан хатыйыы, сүллүгэс күрүө, сылбах уонна сигэ бүтэй буолаллар. ПАЕ ОС. Чомпо сүллүгэс фольк. — болтоҕор төбөлөөх, кылгас уктаах, былыр кыргыһыыга туттуллар мас тэрил. ☉ Короткая палка с утолщением на конце, служившая в старину боевым оружием
Кыһыл көмүс куйаҕын кэттэ, умайа олорор күндү таас сулустаах, уот садаҕа моҕой ойуулаах бэргэһэтин кэттэ, чомпо сүллүгэһин тоҥоноҕор иилиннэ, саабылаан батаһын таҥнары тайахтанна. П. Ойуунускай
Чомпо сүллүгэстэринэн оройдорун үүтүн устун орулаһа-орулаһа ойбонноспутунан бардылар. Тоҥ Суорун. Тэҥн. сүрдьүгэс
тордоох (Якутский → Якутский)
I
даҕ. Уот төлөнүнэн, буруотунан хараардыллыбыт (бэчээт). ☉ Закопчённый на пламени, в дыму (напр., о печати)
[Кирииллиннэр] Бу ыал буолбуттарын туоһулуур Дархан өрөпкүөмүн тордоох бэчээттээх кумааҕытын биэрэн туран, Сиэллээх чороонноох кымыһынан айах тутабын. Л. Попов
△ Кубархай, кир иҥмит. ☉ Бледный, грязный
Тордоох ньууру Тоҕута охсуһар …… Чомпо сүллүгэс Манна баар эбит. П. Ойуунускай
II
даҕ. Кытаанах, ньалҕаархай, халыҥ (кумааҕы, хордуоҥка). ☉ Твёрдый, глянцевый, толстый (о бумаге, картоне)
Хаҥас өттүгэр үс бастаах өксөкү эмбилиэмэлээх тордоох лиис кумааҕыны тэниччи тутан остуолга бэркэ сэрэнэн уурда. П. Филиппов
Саатар уонтан ордук бэчээтинэй лиистээх кэнники кинигэтэ тордоох хордуоҥканан тастаныах эбит. К. Уткин
Тордоох халыҥ уонна ньалҕаархай кумааҕы сатаан килиэйдэммэт. ПАК КСТК
ср. бур. тортог ‘копоть, нагар’
балта (Якутский → Якутский)
I
аат.
1. Уус уһанар улахан өтүйэтэ. ☉ Большой кузнечный молот
Сыр-сыр тыастаах сүгэ балта баар үһү (тааб.: хатат, чокуур икки). Кырдьаҕас уус уһанар дьиэтин иһигэр сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри быыстала суох балта тыаһа чыҥыйан иһиллэр. Д. Таас
Петр илиитигэр балталаах. Кини балтатын өрө далайаат, тапталлыахтаах сиринэн охсон бытарытар. Кыстык тула кыымнар ыһылла түһэллэр. АС НИСК
2. көсп. Охсор күүс. ☉ Ударная сила чего-л.
Улуус-нэһилиэк ревкомнара үлэһит-хамначчыт кылаас тэҥи былдьаһар, көҥүлү тутуһар эргэ олоҕу хампы охсор улуу балтата, уоттаах модун чомпо сүллүгэс этилэр. П. Ойуунускай
Хаһан да баттаммат кырдьыкпын хаайтаран турбакка этэрбэр Улуу уус балтата тылларбын уоскуйан ылбакка тамныыбын. Чэчир-76
ср. тюрк. балта ‘топор’
II
аат. Киһи, сүөһү үөһээ уонна аллараа сыҥаахтарын кэлин өттүгэр баар биэстии төрүт тиистэриттэн биирдэстэрэ. ☉ Коренной зуб
Кэрбээччилэр тиистэрэ кэрбиир тиис, аһыы уонна балта диэннэргэ арахсаллар. ББЕ З
Эдэр ынаҕы аллараа сыҥааҕынааҕы тииһиир тииһэ солбуллубутунан, арыый кырдьаҕас ынаҕы балталара солбуллубут ньуурун көрүҥүнэн быһаараллар. ДЬСИи. [Күөл отун] кээмэйэ араас, хайдах эрэ балта тииһи маарынныыр, икки ачаахтаах, сырдык өҥнөөх. Г. Угаров
эрдэҕэс (Якутский → Якутский)
I
аат. Улар тыһыта. ☉ Самка глухаря, глухарка
Ити эрдэҕэс саҥата, арааһа, оҕолоруттан көҥүүр быһыылаах. Н. Заболоцкай
Курупааскы, бочугурас, эрдэҕэс туһаҕа эмиэ кылтан хатыллар. Хомус Уйбаан
Эрдэҕэс, курупааскы үстүү буолуохтарын сөп, өрөҕө түүтүн таһаарыннахтарына, ураты өҥнөнөллөр. ПНИ ЭД
◊ Эрдэҕэс куртуйах түөлбэ. — токутар тыһыта. ☉ Самка тетерева, тетёрка. Нуур кырдьаҕас эмискэ кыыһыран бурҕалла түстэ: «Хайа акаары эрдэҕэс куртуйаҕы ытар үһүнүй!» Л. Попов
Эрдэҕэс куртуйах моонньун хамсаппахтаан, тула көрбөхтөөтө. Ф. Захаров
Эрдэҕэс улар — эрдэҕэс I диэн курдук. Сугун абаҕатын быыһыттан эрдэҕэс улар төбөтө быкта. И. Гоголев
Биир киһи сөһүргэстээн олорон, эрдэҕэс улары үргээн бурҕаҥнатар. Л. Попов
Иннибитигэр эрдэҕэс улар оҕолорун батыһыннаран, суолу быһа туораабыта. ЕФП ОКА
ср. эвенк. иртинни ‘самка глухаря’
II
даҕ., түөлбэ. Обургу. ☉ Немелкий, довольно крупный. Суоттуттан Бэйдиҥэҕэ эрдэҕэс тиит мастардаах тыа быыһынан айаннатан истибит. Биэс т.
◊ Эрдэҕэс көһүйэ көр көһүйэ
Эрдэҕэс көһүйэ саҕа Уот кэлэн Сэттэ төгүл Эриллэ түстэ эбээт. Күннүк Уурастыырап. Эрдэҕэс күөс эргэр. — орто кээмэйдээх күөс иһитэ (уон муунта курдук убаҕас аһылыкка сөптөөх). ☉ Горшок средней величины, вмещающий около десяти фунтов жидкой пищи
Таас хайалара Эрдэҕэс күөс саҕа Эмтэритэ ыстанан, Элэйтэлээн синньээтэ. Д. Говоров
[Кулун Куллустуур] эрдэҕэс күөс саҕа тимир чомпо сүллүгэстээх. ПЭК ОНЛЯ III
Эрдэҕэс оҕо көр оҕо. Эрдэҕэс оҕолор бэйэлэрин олохторун, дьайыыларын уопсастыбаны кытта сибээстии үөрэниэхтэрин наада. ЧКС ОИиСТ
Уон икки-уон алта саастаах эрдэҕэс оҕолор куһаҕан кэмэлдьилэрэ олус тэтимнээхтик сайдарын бэлиэтииллэр. «ЭК»
күөс (Якутский → Якутский)
аат.
1. Мииннээн уокка буһара уурбут ас (эт, балык). ☉ Варево, стоящее на огне (из мяса, рыбы)
Күөс буһара барыта биир буолбат: ириэнэх эт күөһэ буһара түргэн, оттон тоҥ күөс уһун. Н. Якутскай
Ити икки ардыгар күөс буһан бидилийдэ, сылаас миин, хоргун минньигэс сыта муруну кычыгылатта. Л. Попов
Эмискэ күөс куотар тыаһа сырылыыр. Кыргыттар «Уой-ай» бөҕө буолан хабытайдаһаллар. П. Аввакумов
2. эргэр. Үксүн эти буһарарга аналлаах лаппычах, төгүрүктүҥү быһыылаах тимир иһит. ☉ Горшок для варки (обычно мяса)
[Суккун сонноох Суут албын] ойоҕо ойон тура эккириир да, үс тоҥ кырбас эти таһыттан киллэрэн күөскэ угар, уу кутар. Суорун Омоллоон
Биир атах эти киллэрэн үлтү сынньан икки күөһүнэн ыгыччы буһардылар. М. Доҕордуурап
Киэһэ күөс муҥунан куобахтарын этин буһаран сиэтилэр. «ХС»
♦ Күөс быстыҥа — күөс буһар кэмэ, биир чаас кэриҥэ. ☉ Время варки мяса (старинная якутская мера времени — примерно около одного часа)
Күөс быстыҥа кэриҥнээх буолаат, Сиэҥкэ бэрт тиэтэлинэн аҕата Ньукууса оҕонньордуун көтөн түстүлэр. А. Неустроева
Үҥкүү күөс быстыҥын кэриҥэ барда. М. Доҕордуурап
ср. др.-тюрк. көч ‘небольшой отрезок времени’. Күөһэ күөстүйбүт түөлбэ. — хаһаайыстыба тэринэн туспа баран олорбут. ☉ Начать жить самостоятельно, своим хозяйством (букв. горшок его стал (действительно) горшком).
◊ Киэһээ күөс — киэһээҥҥи аһылык. ☉ Ужин
Эмээхсиэн, анараа дьиэҕэ киэһээ күөһү күөстээ. А. Софронов
Киһи айаҕынан, муннунан хаана баран, киэһээ күөс саҕана өлөн хаалла. Болот Боотур. Күөс бэргэһэ — күөс иһитигэр майгынныыр быһыылаах, кулгаахтаах дьахтар бэргэһэтэ. ☉ Женская шапка типа ермолки, с наушниками
Чохойбут чомпо бэргэһэ, Көкөйбүт күөс бэргэһэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Чомпой бэргэһэ, муостаах бэргэһэ, туһахталаах, чопчуурдаах дьабака бэргэһэлэр, күөс бэргэһэ диэннэр бааллар эбит. БСИ ЛНКИСО-1938
Күөс күөстээччи — ас астааччы диэн курдук (көр ас III). Күөс охсооччу — күөсчүт 1 диэн курдук. Өбүгэлэрбит биир суол киэҥник туттар иһиттэринэн туой иһит буолара. Ол иһин, холобурга диэн эттэххэ, күөсчүт, күөс охсооччу диэн идэтийбит дьоннордоох этибит. Багдарыын Сүлбэ
ср. тюрк. көөш, көөч, көдэш ‘горшок’