сыһ.
1. Кэмин, болдьоҕун иннинэ, эрдэ, эрдэ-сылла. ☉ До срока, раньше времени, заранее
[Вера:] Хата, Ольга, эн миэхэ эрдэтинэ этэ олор, туох идэлээххиний? С. Ефремов
[Саппырыан] былыр-былыргыттан сэрэхтээх, үктэнэр сирин эрдэтинэ көрбөккө эрэ хардыылаабат үгэстээҕэ. А. Бэрияк
Тииҥ аһылыга төһө дэлэгэй буолуоҕун итинтэн сылыктаан эрдэтинэ билиэххэ сөп. ЕОВ ССТБ
2. кэпс. Туох да улахан тахса илигинэ, эрдэ-сылла, хойутаабакка. ☉ Пока ничего не случилось, пока не поздно
«Ээ, хата, эрдэтинэ тупсан кэбиһиҥ», — диэтэ биир уол. Амма Аччыгыйа
Куорат олохтоохторо, хата, эрдэтинэ дьаадьыйан биэрэн быыһаммыттара. Н. Якутскай
Уол туохха эрэ эрэҥкэдийэрин таайан, учуутал кыыс эрдэтинэ тэйитэ охсорго санаммыта. Айысхаана
Якутский → Якутский
эрдэтинэ
эрдэ
сыһ.
1. Хойут буолбакка, күн саҕаланыытыгар (хол., сарсыарда). ☉ В начале дня, рано утром
Маҥнай таһырдьа тахсалларыгар олус тымныы, хараҥа, эрдэ этэ. Амма Аччыгыйа
Сарсыарда эрдэ туран, үлэлэрин сып-сап курдук бүтэрдилэр. В. Яковлев
Дьөгүөрдээх Луха эрдэ киирэн үлэ бөҕөнү оҥорбуттар этэ. М. Доҕордуурап
△ Наһаа киэһэрэ илигинэ, хойутаабакка. ☉ Не поздним вечером, не поздно, пораньше
Үс түүннээх күн ыһыллыбыт ыһыах бүтүөн иннинэ Бииктэр эрдэ дьиэлээбитэ. Л. Попов
[Өрүүнэ:] Торбоскун эрдэ тутан үчүгэйдик баайар буол эбээт. С. Ефремов
Маннык үрдүк хайалаах дойдуга күн бу курдук эрдэ киирээччи. Г. Колесов
2. Кэмэ кэлэ илик. ☉ Ещё не время, рановато
[Нүһэр Дархан:] Илбис иҥэриэххэ, дуулаҕа кэтэрдиэххэ эрдэ буоллаҕа дии. И. Гоголев
Көмүс күөмэй күөрэгэй, Кээлтиҥ тугун эрдэтэй! С. Данилов
Дьиҥинэн, сири дууһа быһыытынан түҥэттиэхтээх этибит, ол билигин эрдэ буоллаҕа дии. М. Доҕордуурап
△ Кэмин иннинэ, кэмиттэн урутаан. ☉ Раньше срока, раньше времени
[Ааныка:] Былыр кыыс оҕону эрдэ сыыттыыр этилэр. С. Ефремов
Сылаас кыһын буоларыгар тиит эрдэ көмнөҕүрэр. И. Сосин
Эрдэ суоттаан бүтэрбит киһиэхэ — кэмпиэт диэн буолара. УДь
ср. др.-тюрк. ертэ ‘рано утром’, тюрк. эрте ‘рано’, бур. арай эртэ ‘рановато’
эрдэ-сылла
сыһ. Туох эмэ буолуон иннинэ; эрдэттэн, эрдэтинэ. ☉ Заблаговременно, заранее; пока не поздно
Онон хаһан, тугу гынары эрдэ-сылла болдьоһон кэбиһиэҕиҥ. С. Никифоров
Бастыыр [киһи аата] син сүгүн үлэлэтиэ суоҕа, эрдэ-сылла ханна эмэ барарыҥ буоллар. В. Гаврильева
Эмээхсин оҕонньоро кыыһырарын билэрэ бэрт буолан, эрдэ-сылла ньим барааччы. В. Титов
Якутский → Русский
эрдэ
рано; эрдэ тур = вставать рано; сарсын эрдэ а) завтра рано (напр. встанем, начнём работать и т. п.); б) завтра (ещё) рано (но послезавтра может быть поздно); эрдэтинэ пока не поздно; эрдэттэн заранее; эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор погов. рано вставшая птичка клюв протирает # эрдэттэн эттэххэ модальное словосочет. заранее скажем; дьэ , эрдэттэн эттэххэ , араас дьоннор бааллар ну, заранее скажем, есть разные люди.
эрдэ-сылла
заблаговременно, заранее.
Якутский → Английский
эрдэ
adv. early
Еще переводы: