аат. Туохха эмэ дэҥнэнии, оһоллонуу; уҥуохтаргын тоһутуу. ☉ Травма, увечье; перелом (костей)
Быһайын ыһыахха туста сылдьан, кини обургу соҕус эчэйии ылбыта, буолаары буолан сискэ. Э. Соколов
Уол, өрүсүһэн, атаҕын өрө көтөҕө охсон биэрэн, эчэйииттэн арыычча быыһаммыта. П. Степанов
Марина Константиновна эчэйиитэ итинэн эрэ бүппэтэх, элбэх эбит. Илиитэ, атаҕа, ойоҕоһо, сиһэ кытта тостуулаах. ӨӨ ДДьДТ
Якутский → Якутский
эчэйии
эчэй
туохт. Алҕаска туоххун эмэ дэҥнээ, оһоллон; илиигин, атаххын тоһут. ☉ Получить увечье, травму; сломать, повредить конечности
Оһолломмут чыычаах оҕото …… иннэ курдук сотото Эчэйэн хаалаахтаабыт. Ф. Софронов
[Быраатын] тустуон сөптөөх диэн тириэньэрдэр эрчийиэхтэрин баҕаран кэпсэтэ сылдьыбыттарын ийэлээх эбэтэ эчэйиэ диэн көҥүллээбэтэхтэрэ. Т. Находкина
Массыыната түҥнэстэн, улаханнык эчэйбитин, саамай кутталлааҕа, сиһин тоноҕоһун таарыйтаран, хамсыыр кыаҕын сүтэрбитин дьонтон истибитэ. Лоһуура
ср. монг. эцэх ‘уставать, утомляться; изнуряться, выбиваться из сил; худеть’
Якутский → Русский
эчэй=
эвф. ломаться (о конечностях); илиитэ эчэйбит у него сломана рука.
Еще переводы: