Якутские буквы:

Русский → Якутский

благополучный

прил. үтүө туруктаах, үчүгэй, этэҥҥэ; благополучный конец үчүгэй бүтүү, этэҥҥэ бүтүү.


Еще переводы:

соргулаах

соргулаах (Якутский → Русский)

счастливый, благополучный; соргулаах олох счастливая жизнь; соргулаах айан благополучный путь.

этэҥҥэ

этэҥҥэ (Якутский → Русский)

хорошо, благополучно; этэҥҥэ олоруҥ живите благополучно.

этэмэт

этэмэт (Якутский → Русский)

всё в порядке, всё благополучно.

обстоять

обстоять (Русский → Якутский)

несов. (хайдах эмэ туруктаах) буол; всё обстоит благополучно барыта этэҥҥэ.

дьоллоох-соргулаах

дьоллоох-соргулаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Олохтон дуоһуйуулаах, дьол-соргу тосхойуулаах, улахан кэскиллээх. Довольный жизнью, счастливый, благополучный
Сир киэҥэ килбэйэр киинэ Дьоллоох-соргулаах Дьобуруопа диэн [баар эбит]... Өксөкүлээх Өлөксөй
Дьоллоохсоргулаах көҥүл дойдубутун …… Урусхаллаан суоһарар соруктанан Уолусхан сэриинэн уоран түспүттэрэ. С. Зверев
Манан суруйааччылар норуот дьоллоох-соргулаах олоҕун туһугар тыынын толук уурбут Герой буойун дьон өйүттэн-сүрэҕиттэн сүппэтин бэлиэтииллэр. «ХС»

кыанар

кыанар (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Бэйэтин чэпчэкитик туттан сылдьар, кытыгырас, сымса хамсаныылаах. Хорошо владеющий своим телом, проворный, сноровистый, ловкий
[Өлөксөй] бултуура эрэ диэн буолуо дуо, уопсайынан, кыанар киһи этэ. Багдарыын Сүлбэ
2. Кыһалҕата суох, этэҥҥэ олорор, дэлэгэй, байым олохтоох. Обеспеченный, материально благополучный, крепко стоящий на ногах
Кини [Миисэ оҕонньор] баайа суох, көннөрү кыанар эрэ соҕус киһи этэ. Д. Таас
[Өрүүнэ] кыанар ыал соҕотох кыыстара буолан, сэнэхтик таҥнара. Н. Кондаков
Сарсыныгар Ыстапааны Дьөгүөр оҕонньордоох диэн кыанар соҕус ыал, иитиэх оҕо гынаары илдьэ барбыттара. И. Никифоров

эрэмньи

эрэмньи (Якутский → Якутский)

аат.
1. Туохха эрэ (үксүгэр үтүөҕэ) эрэнэр буолуу, эрэнэр-итэҕэйэр санаа; инники үтүөҕэ бигэ эрэл. Твёрдая вера, надежда (обычно на благополучный исход дела)
Кинилэр [доҕотторуҥ] эйигин куруук өйдүөхтэрэ, наадыйдаххына көмөлөһүөхтэрэ диэн санаа эрэмньини үөскэтэр. Н. Лугинов
Киһилии аатыҥ-суолуҥ алдьанара, кэскилиҥ, эрэмньиҥ букатыннаахтык эстэрэ …… бу баар эбит саамай ынырык, саамай алдьархайдаах. Софр. Данилов
Туох буолуохтаах барыта бэрт сөпкө буолан иһэригэр кини [Кутузов] эрэмньитэ өссө ордук күүһүрэн иһэр. Л. Толстой (тылб.)
2. Эрэллээх, бигэ, чиҥ халбаҥнаабат буолуу. Надежда, верность, непоколебимость
Эппит тылы, салалта дьаһалын толоругас, истигэн, эрэмньи, кырдьыксыт, көнө буолуу ханна барытыгар сэргэнэр. Н. Лугинов
Сэрии ыар усулуобуйатыгар хотугу киһи …… тулуурунан, санаата көнөтүнэн, дьэбиринэн, дойдуга бэриниилээҕинэн, ытара, туттарахаптара эрэмньитинэн хайҕатар буолара. КНЗ ОО

бадараан

бадараан (Якутский → Русский)

1) болото; топь || болотный; бадараан ото болотная трава; аппыт бадарааны этэҥҥэ туораата наш конь благополучно прошёл болото; 2) грязь || грязный; бадарааны кэһимэ не ходи по грязи.

байым

байым (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Дэлэй, дэлэгэй, өлгөм. Обильный, богатый чем-л., щедрый
Сайынын аатырар балыктаах Хоохучча диэн кумахха байым балыгы баһар биригээдэ үлэлиир. А. Сыромятникова
Кулуһуннаах алаас иһэ им-дьим. Байым сибэккилээх дьэрэкээн ньуура сымнаҕастык, элэккэйдик мичээрдиир. Л. Попов
Айанньыт барыта байым үптээх буолбатаҕа чахчы. Н. Абыйчанин
Остуол араас байым астаах: сибиинньэ, ынах этэ, кэтилиэт, кээчэрэ. Р. Баҕатаайыскай. Тэҥн. байдам балым
2. көсп., поэт. Үтүө туруктаах, дьоллоох. Благополучный, счастливый
[Сахам сирэ] Уолум туһугар, Уолум байым дьылҕатыгар Аламай маҥан күннээх алгыскын анаа, Арылы сырдыккынан таһымнаа! Н. Босиков
Дьолбут сордуун тустар, Дьоһун соргу тупсар, Баттал баһа быстар, Байым саргы сыстар, Өркөн долгун түстэ, Өлгөм баала сүүрдэ. Күннүк Уурастыырап
Байым туттуу фольк. – өлгөм, дэлэгэй (халбаҥнаабат эпиитэт суолт.). Обильный, щедрый (в значении постоянного эпитета)
Күн манаарын күндээрпит, Байым туттуу, Барҕа-Кэскил Баача Баатырга Махталыҥ ханнаный, Маҕай аллаах?! С. Зверев

түүй

түүй (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Итэҕэл быһыытынан: ким эмэ тугунан эмэ куһаҕан буолуон биттэнэн, төттөрүтүк сүөргүтүк быһыылан (кыылы-сүөлү этэргэ). По поверьям якутов: предчувствовать что-л. недоброе, иметь такую способность (о животных)
[Лэгиэн:] Араастаан муҥнана сатаан кэбистибит да, биир да пааспытыгар биир да кырса төрүт киирбэт …… кырытыннарда, түүйдэ быһыылаах. Суорун Омоллоон
«Туох ааттаах буолан күтүр ытыыр, кими түүйэҕин?!» — ынаҕын талах олоппоһунан сабыыр. Баал Хабырыыс
Арҕахха бултаммыт эһэ хаһаайынын түүйдэҕинэ «ыарыыр» диэн кэпсииллэр. ПАК АаТХ
2. кэпс. Туох эмэ туоларын, кыалларын эбэтэр үчүгэй буоларын итэҕэйимэ, эрэнимэ. Не верить в чью-л. перспективность, в благополучный исход чего-л.
Бииктэр Өлөксүөйэбис бу олоҕу бэркэ түүйэр эбээт. Амма Аччыгыйа
«Ол хомуйсан да диэн төһө өр чэчириир эбит», — диэн Миикэн ойуун Тыгыны түүйэн көнчүө бырахпыта. Далан
Атаас, кэбис, алҕас этэн, Аналбытын түүйүмэ, Аан дойду бары кэрэтэ — Ааһар былыт диэхтээмэ! Эллэй
ср. др.-тюрк., тюрк. туй ‘замечать, чувствовать, догадываться’