I
дьөһ.
1. Этиллэр санаа кимиэхэ, туохха туһуланарын көрдөрөр. ☉ Указывает на лицо, предмет, явление, о которых идёт речь (о ком-чём-л.)
Тоойуом, Саатыыр кыыс туһунан тугу да истэ иликкин дуо? Н. Якутскай
Борохуотунан элбэх сүөһүнү илдьэллэрин туһунан сураҕы Мэхээчэ олус сэргэҕэлии истэр. И. Бочкарёв
Уйгу-быйаҥ туһунан бар дьон үйэ-саас тухары санаа баҕата оҥостоллоро, дьиктилээхэй остуоруйалары айаллара, ырыа гынан ыллыыллара. М. Доҕордуурап
2. Туох эмэ хайысхатын, турар сирин көрдөрөр. ☉ Указывает направление, где расположено, находится что-л. Сайылык бу туһунан буолуо диэн, Тэппэй кыҥырай тыаны быһа түспүтэ. Далан
[Эркээни:] Оҕолоруом, бу үрүҥ көмүс иҥэһэни Бу Ытык Хатыҥ сүрүн салаатыгар Күн тахсар сирин туһунан ыйааҥ. И. Гоголев
Отуум бу туһунан буолуо диэбит сирбинэн, быһа көрөн кэбистим. Т. Сметанин
II
1. сыһ. Атыттарга холбоспокко, холбообокко, туспа. ☉ Обособленно от других, отдельно, в одиночку. Туһунан олор. Бу кинигэни туһунан уур
□ Эргийдэрбин иэччэҕим эмтэрийдин, Хайыстарбын хаалдьыгым хайыннын! Улуу дьон, туһунан сылдьыҥ! Ньургун Боотур
Сүүрэн кэлбитим иһитим умса түһэн сытара, хаппаҕа туһунан барбыт, саһылларым оҕолоро суох этилэр. Суорун Омоллоон
Тойомсук, улахамсык салайааччы диэн туһунан буолар эбит. «Кыым»
2. даҕ. суолт. Бэйэтэ тус туруктаах, атыттарга киирсибэт, туспа. ☉ Существующий отдельно от других, отдельный, особый. Биһиги бэйэбит туһунан нэһилиэк буолабыт
□ Оттон кэнники үөскээбит былыргы сэһэннэр, үһүйээннэр бэйэлэрэ эмиэ биир туһунан бэлиэ өрүттээхтэр
Саха фольк. «Туһунан ыал туһунан олоруохтаах, уу чугаһа, уруу ырааҕа ордук», — диэн өйдөөҕүмсүйбүтүм дии. Э. Соколов
Оҕуруот аһын үүннэрэн баран, тугу да энчирэппэккэ туһанар, эмиэ бэйэтэ туһунан уустук уонна умсугутуулаах дьарык буолар. ЕАМ ББКП