туналы маҥан ярко-белый, ослепительно белый; туналы маҥан хаар ослепительно белый снег; туналы маҥан хонуу белые-белые поля.
Якутский → Русский
туналы
Якутский → Якутский
туналы
көр тунал
2
Түлэй түүн ааһыаҕа — Туналы саҕахтан Сандааран тахсыаҕа Саҥа күн барахсан! В. Миронов
Эн кылбары хатыҥныы Туналы ыраас сэбэрэҥ, Мин куппар-сүрбэр саҥалыы Өркөн ырыаны киллэрдэ. В. Башарин
Туналы хоптолор күнү быһа эргийэллэрэ, эйэргэһэллэрэ үөрэ. «ХС»
◊ Туналы маҥан — тунал маҥан диэн курдук (көр тунал)
Аал Тоҕус өргөстөөх туналы маҥан күн төрөөбүт дойдубут үрдүнэн кыһыл көмүс туоһахталыы туйаара уһунна. М. Доҕордуурап
Бастакы туналы маҥан хаар түһэр. ПГВ ККК
тунал
- аат., поэз. Туох эмэ маҥхайыыта, тунаарыыта (хол., айылҕа көстүүтэ). ☉ Белизна чего-л. (напр., природного явления)
Халлаан кэрэтэ, тоҥ былыт тунала, Ый сырдыгын ырааһа манна баар. Л. Попов
Сыгынньах атаҕым бөҕүөрэн, үөр чыычаах уһуктуор диэритин Сааскы түүн туналын бүрүнэн өһөстүк кэспитим от сиигин. И. Гоголев
Чохоон курдук ый тахсан, Тунал дуйдуур сыа хаары... М. Тимофеев - даҕ. суолт. Маҥан, үрүҥ буолан, туртайан көстөр. ☉ Отливающий белизной. Күндэли алаас үрдүнэн — үрдүк, тунал халлаан. Л. Попов
Чуумпурбут мин түүҥҥү куоратым үрдүнэн Тунал ый уһунна тыаһа суох эрдинэн. М. Хара
Тула өттүҥ тунал хаар, халлаан эмиэ хаар өҥүнүү сып-сырдык. С. Дадаскинов
◊ Тунал маҥан — олус сырдык, сыдьаайан көстөр, эриэнэ-эгэлгэтэ суох үпүрүҥ. ☉ Белый-белый, ослепительно белый
Тунал маҥан хайалар Тунаарыһан тураллар. Л. Попов
Хайаттан саамай үрдүгэр Хаар баар буоларын умнума. Онон хата киэн туттуохха Тунал маҥан баттаҕынан, Үрдээһин бэлиэтэ диэххэ, Баттах маҥан буоллаҕына. И. Эртюков
Тунал ыһыах — тунах ыһыах диэн курдук (көр тунах). Тунал ыһыах туругурда, күндүл ыһыах күөрэйдэ. Т. Сметанин
ср. бур. тонол ‘блеск; блик’
Якутский → Английский
тунал
a. shining white; туналый= v. to become white, turn white; to shine; туналыт= v. to make white; to make shine
Еще переводы: