туохт.
1. Түргэтээн биэр, түргэтээ. ☉ Ускоряться, убыстряться, усиливать, прибавлять темп
Тутуу улам тэтимирэн барар. И. Данилов
Магнитнай буурҕа дьайыытыттан мэйии да үлэтэ тэтимириэхтээх. Г. Угаров
Киэһээҥҥи омурҕан буолуор диэри өссө ордук тэтимирэн үлэлиибит. С. Маисов
2. Күүһүр-уоҕур; эрчимир. ☉ Набираться сил (о ком-л.), усиливаться (о чём-л.)
Дырааһай мэктиэтигэр эдэригэр түспүт курдук тэтимирбит буолбат дуо! Н. Якутскай
Төлөн улам уоҕуран, тэтимирэн, дьиэрэҥкэйдээн эрэрдии тэйиэккэлээтэ. И. Гоголев
Мотуор сүрэҕэлдьээбиттии бөтө-бөтө төлүтэ тэбиэлээтэ, онтон улам-улам тэтимирэн истэ. «ХС»
Якутский → Якутский
тэтимир
Еще переводы: