туохт.
1. Түҥнэри, тиэрэ эргий. ☉ Переворачиваться вверх дном, опрокидываться
Тыыгын сэрэнэн миинэр буол, түҥнэстэн да хаалыан сөп. И. Федосеев
Таҥара дьиэтин ойоҕоһугар сүүнэ баҕайы хаһан эрэ тугу эрэ тиэйэ сылдьыбыт дьааһыктара түҥнэстэн сытара. И. Никифоров
Ардыгар суол кытыытыгар түҥнэстэн сытар тэлиэгэлэр көстөн ааһаллар. ПИИ К
2. көсп. Урусхаллан, суулун, эһин. ☉ Быть свергнутым, низвергнутым, разрушиться
Арамаанап аймаҕын үрдүк бүрүстүөллэрэ түҥнэһиннэ, көмүс хоруоналара тулунна. П. Ойуунускай
Бу кыһыл знамя анныгар Оҕо саас дьолун көрбүппүт, — Баттал түҥнэстэр сылыгар Биһиги эдэрдэр төрөөбүппүт. П. Тулааһынап
3. көсп. Бигэ туруккун сүтэр (олох туһунан); буомур, кэҕин (төрүөҕү этэргэ). ☉ Нарушиться, пойти кувырком (о жизни); хиреть, вырождаться (о потомстве)
Төлкө түҥнэстибэтин, саргы самныбатын. Саха фольк. Уоллаах кыыс оҕом Ойборууннаах уруутугар Түҥнэстибэт түһүн Төлкөлөөтөҕүм буоллун. С. Зверев
Оруос Баай түүллүүн-биттиин түҥнэстэн, туруга хамсаан, кэхтэн эрэрэ сабаҕаланар. СЛ-8
♦ Түҥнэстибэт түөрэхтээх фольк. — инникилээх, дьоллоох дьылҕалаах. ☉ Со счастливой судьбой. Түҥнэстибэт түөрэхтээх, самныбат саргылаах ыччаты иитиэхтээхпит. Түүл түһээн түҥнэ- һин — куһаҕан түүллэ түһээ, түүллэн. ☉ Видеть страшный сон, кошмар
[Сайсары:] Түөрт уон сулус кулугулаах Түүн бараан ийэбэр Бит биттэнэн Бэттиннэҕим үһү, Түүл түһээн түҥнэһиннэҕим үһү. Суорун Омоллоон
Ыстапаан оҕонньор биир былыттаах нуһараҥ түүҥҥэ түүл түһээн түҥнэһиннэ. КФА СБ
Якутский → Якутский
түҥнэһин
Якутский → Русский
түҥнэһин=
возвр. от түҥнэр = 1) опрокидываться, переворачиваться; сыарҕа түҥнэһиннэ сани опрокинулись; 2) перен. разг. переворачиваться; нарушаться; мин былааным барыта түҥнэһиннэ все мой планы рухнули.
Еще переводы: