даҕ.
1. Эриллибит, хатыллыбыт (хол., быа). ☉ Кручёный, закрученный (напр., о бечёвке, ремне)
Үкчү хартыынаҕа ойууламмытын курдук турар: …… эрэдэһиннээх түөрт атахтаах, төгүрүк сирэйдээх суруксуттуур кыра остуол. С. Руфов
Хатыс быа — инчэҕэйдии тэлиллибит эрэдэһиннээх тирии быа. Хомус Уйбаан
Эрэдэһиннээх, баһыахтаах уһун тимиринэн уһаат түгэҕэр диэри анньан арыы хаачыстыбатын сыныйан көрөллөр. «Чолбон»
2. көсп. Олус уустук, эриирдээх (хол., сорудах, боппуруос). ☉ Сложный, замысловатый
Устуоруйа учуутала олус бириинчик этэ, онон билиэттэрин эрэдэһиннээх гына оҥорбута. «ХС»
Богданенко оҥостон олорон, утуу-субуу хас даҕаны эрэдэһиннээх боппуруостары биэртэлээтэ. Тумарча
Элбэҕи билэнкөрөн, Эҥинник күлэн-салан, Эйэҕэстик кэпсээн-ипсээн Эрэдэһиннээх да киһи. «ХС»
◊ Эрэдэһиннээх буулдьа — эргийээргийэ барар саа буулдьата. ☉ Пуля нарезного ружья
Эрэдэһиннээх буулдьа мэйиитин уҥуоҕун аҥаарын кэриэтэ ылан кэбиспит. «Чолбон». Эрэдэһин- нээх үүн — эриллэн-хатыллан оҥоһуллубут былыргы бөҕө үүн. ☉ Старинная узда, уздечка из крепкого кручёного ремня
Эрэдэһиннээх үүн, уруккулуу оҥоһуулаах көмүс сирэйдээх ыҥыыр хайаатар да баар буолуохтаахтар. «Кыым»
Эрэдэһиннээх үүн тиэрбэһин курдук эрилкэй харах көр тиэрбэс. Кэбиниэт хаһаайына эрэдэһиннээх үүн тиэрбэһин курдук эрилкэй харахтаах, хойуу сабыстыгас хаастаах, …… интэлигиэн көрүҥнээх түс-бас киһи этэ. Далан
Якутский → Якутский
эрэдэһиннээх
Еще переводы: