- көбүөхтээ диэнтэн холб. туһ. [Баайдар] аны «Саҥа олох, көҥүл олох!» — дэһэ-дэһэ көбүөхтэспиттэрэ. А. Бэрияк
Оттон баайдар быдьар тылларынан үөхсэн көбүөхтэстилэр, кыыһыран үллэҥнэстилэр. М. Доҕордуурап
Саҥа бэлиитикэ: «Кытаат, эргин!» — диир үһү дэһэ-дэһэ, атыыһыттар көбүөхтэспиттэрэ. «ХС» - даҕ. суолт.
- Олус элбэх, толору буолан мунньустубут, кыймаҥнас, эймэҥнэс. ☉ Кишмя кишащий, копошащийся, мечущийся из стороны в сторону
Дьиэ иһэ көбүөхтэс киһи. Болот Боотур
Сибилигин аҕай көбүөхтэс, күүгүнэс дьиэ иһэ эмискэ лүҥкүрэ иһийдэ. Болот Боотур
Ити күөл илин баһа кэнники сылларга көбүөхтэс кус буоларын олохтоохтор муодаргыы көрбөттөр. С. Федотов - Улаханнык өрүтэ үллэҥниир (долгун туһунан). ☉ Сильно волнующийся, вздымающийся (о поверхности воды, волне)
[Борокуот] тыҥырах көлүөһэлэринэн улуу өрүс көбүөхтэс долгунун быһыта сынньан, кытылтан тэйдэр-тэйэн барбыта. Л. Попов
Сырдарья модун сүүрүгэ көбүөхтэс долгуннааҕа. «ХС» - Күүскэ хамсанан, быста сылайан аҕылаан көппөҥнөс буолбут. ☉ Запыхавшийся, задыхающийся
[Тайах] көхсө көбүөхтэс, таныыта сыыгынас. С. Федотов
Якутский → Якутский
көбүөхтэс
Еще переводы: