аат., поэт.
1. Туох эмэ (хол., чаҕылҕан, этиҥ) охсор, силлиэрэр тыаһа-ууһа; бачыгырас сааллар тыас. ☉ Сильный, раскатистый грохот (об ударе молнии, громе)
Уордаах этиҥ Оройбор бачыгырыыра, Чаҕылҕан дапсыыра Чабырҕайбар чаҕылыйара. Урсун. Мин санньыарбын бэл сүллэр этиҥнэр Дапсыырдара да үрэйбэтэҕэ. М. Ефимов
Уоттаах сата дапсыырдаах Уордаах буурҕа ытыллар. А. Бэрияк
△ Туох эмэ ыарахан, лүһүгүрэс тыаһа-ууһа, сааллыыта (сэрии сэбин туһунан). ☉ Сильный отрывистый звук, грохот, треск (о залпе тяжелой артиллерии, выстреле боевого орудия)
Снаряд, граната дапсыыра - Сааллар налыы хотоолго, хаалыы-быстыы ыһыыта. Софр. Данилов
Саҥардыыҥҥыта Кыһыл Аармыйа Киев куораттан фашистары уот дапсыырынан утаарбытын кэпсээтэ үөрэхтээх дьахтар. Амма Аччыгыйа