сыһ. Олус иҥсэлээхтик, оботтоохтук. ☉ С жадностью, алчно
Тураах бэркэ билэр үөнүн [баҕаны] көрөөт, хараҕа соллоҥноохтук чаҕылыҥнаата, тэпсэҥнээн ылла. И. Гоголев
Дөрүн-дөрүн күөлү үрдүнэн суор соллоҥноохтук кылана-кылана көтөн суксуйан ааһар. И. Федосеев
Якутский → Якутский
соллоҥноохтук
соллоҥноох
- даҕ. Иҥсэтиттэн, баһылыыр-көһүлүүр санаатыттан өлөрөрүн-өһөрөрүн да кэрэйбэт, сиэмэх. ☉ Алчный, как жаждущий крови хищный зверь
Баай Баһыккалаах соллоҥноох мэнэгэйдэрэ Өлөксөөнү оннук ыйыстыбыта. Бэйэтин курдук хас да дьадаҥы дьоннору кытта ойуурга таһааран дьууктаан баран, барыларын биир ииҥҥэ көмпүттэрэ. Н. Кондаков
Харабыллар — саамай соллоҥноох бандьыыттар. Н. Габышев
Соллоҥноох өстөөх соллоҥ буулдьатыгар табыллан, Сорохпут олоҕо сулустуу суулбута ол онно. Л. Габышев - аат. суолт., эргэр., фольк. Абааһы. ☉ Абаасы (общее название злых духов)
Соҕотох харахтаах соҕуруу уолун соллоҥнооҕун соруйан таһаараннар Орто дойду дьолун тохтордулар. Ньургун Боотур
Дьэ, соҕуруу бөҕө соллоҥнооҕо, илиэһэй иҥсэлээҕэ! Эн тускар алдьархай атахтаныам, илдьиркэй илиилэниэм. ПЭК ОНЛЯ II
Саха олоҥхолоро …… Аллараа дойду суостаах соллоҥноохторун кытта дойду айыы бухатыырдара охсуһууларын көрдөрөргө ананаллар. М. Тимофеев-Терёшкин
Якутский → Русский
соллоҥноох
1) очень жадный; соллоҥноох киһи очень жадный человек; соллоҥноох санаа корыстная мысль; 2) уст. разг. абасы (общее название злых духов); соҕуруу дойду соллоҥнооҕо самый жадный из могучих абасы юга; соллоҥноох бииһэ племя абасы.
Еще переводы: